Кэбээйитээҕи участковай балыыһа кэллэктиибэ (кылаабынай быраас З.С. Полятинская) нэһилиэк биир көхтөөх тэрилтэтинэн биллэр. Быйылгы хаарга үктэниэҕиттэн бу тэрилтэ кэлим кэллэктиибэ бииртэн биир үтүө дьыалаҕа кыттыһан волонтерскай үлэни ыыта турар.
Ол курдук, бу кэллэктииби түмэн волонтерскай үлэҕэ көҕүлээччитинэн буолар «Үтүө түгэн» түмсүүттэн Надежда Васильевна Обутова. Кини чуолкай дьаһалынан медик идэлээхтэрбит госпитальга сытар анал дьайыыга эмсэҕэлээбит уолаттарга анааннар атах, илии чехолларын, гипсалаах атахха кэтэргэ анаан тапочка-наскылары, бэргэһэлэри быыстала суох баайан Москваҕа ыытыллар баһыылкаларга кыттыһа тураллар.
Аны бэҕэһээ эрэ олохтоох дьаһалта анал дьайыыга ыытар гуманитарнай көмөлөрүгэр бу кэллэктиип кырата суох көмөтүн оҥордо. «Бээҕэһээ тэрилтэбитигэр ас ингредиенын аҕалан бэрэски буһардыбыт. Онтукпут 5 дьааһык буолла, 360-н тахса бэрэскини буһардыбыт. Уонна сойутан, упаковкалаан олохтоох дьаһалтаҕа туттардыбыт«, — диэн Надежда Васильевна кэпсээтэ.
Кэбээйи нэһилиэгин тэрилтэлэриттэн анал дьайыыга кыттыспакка налыйан олорооччу суоҕун кэриэтэ. Бука бары биир үтүө санааны ыраланан түмсүүлээхтик иннибит диэки барабыт.
Татьяна Максимова-Лазарева