Уон сыллааҕыта Мастаахха саҥа таас оскуола үлэҕэ киирбитэ

2013 сыллаахха «Саха Өрөспүүбүлү­кэ­тигэр үөрэҕирии эбийиэктэрин ту­туу» инвестиционнай бырагырааманан 120 миэстэлээх саҥа таас оскуола Мас­таахха үлэҕэ киирбитэ. Быйыл 2023 с. ахсынньы 23 күнүгэр саҥа таас оскуолаҕа кэнчээри ыччаты иитии-үөрэтии 10 сылын бэлиэ­тиир дьоро күн буолан ааста.

Ос­куола үтүө үгэстэриттэн биирдэстэрэ Егоровскай «Утум» бириэмийэни тут­тарыы буолар. Егоровскай «Утум»бириэмийэҕэ туспа суоллаах-иистээх, араас методиканы баһылаабыт үрдүк таһымнаах учууталлар, үө­рэх туйгуннара, с­п­ор­­тив­най, литературнай-уус-уран кү­рэх­тэһиилэр, на­уч­най-практическай кон­­ференциялар кыа­­йыы­лаахтара, эп­пиэ­ти­нэс­тээх, көхтөөх бас­тыҥ үлэһиттэр, ии­тии-үөрэтии уопсай дьыа­ла­тыгар 100% кыттар, бас­тыҥ холобуру көрдөрөр тө­рөппүттэр тиксэллэр.
2023-2024 үөрэх дьы­лы­гар Н.П. Егоров аатынан ос­куолабыт 10 сыл­лаах үлэтин-сайдыытын кэпсиир киэҥ ис хоһоонноох хаартыска-быыстапка, «Педагогическай калейдоскоп» аһаҕас уруок­тар, дьарыктар биир нэдиэлэ устата ыытылыннылар. Бу барыта кэн­чээри ыччаты үө­рэ­нэр кыһаларынан киэн туттууга, ки­һи­­лии сиэргэ-майгыга, үөрэххэ, үлэҕэ кынаттаабыта саарбаҕа суох диэн туран, оскуола 10 сыллаах үлэтин, сайдыытын кэпсиир презентацияны көрөллөрүгэр ыҥырдылар. Салгыы оскуола дириэктэрэ Сав­винова Анжелика Ни­колаевна, өр кэм­­ҥэ ос­куо­лаҕа дириэктэрдээбит, учуу­­тал Маргарита Про­ко­пьевна Баишева, 2-с Лүү­чүн нэһилиэгин ба­һы­лыга Юр­ий Иванович Леп­чиков үөрүүлээх бы­раа­­һынньыгынан бука барыларын эҕэр­дэлээтилэр. Дьэ, бу кэнниттэн хас сылын аайы ыытыллар Н.П. Егоров аатынан «Утум» бириэмийэни туттарыы саҕаланна. «Сыл бастыҥ үө­рэнээччитэ» анал ааты 11 кылаас үө­рэнээччитэ Виталий Баишев ылла.
«Сыл бастыҥ учууталынан» Яков­ле­­­­ва Айталина Ива­новна ааттанна, «Сыл бастыҥ үлэһитэ» анал аат Дмит­­риева Евдокия Антоновнаҕа,
«Сыл бастыҥ төрөппүтэ» Семёнова Анна Алек­­сеевнаҕа туттарылынна.
Түгэнинэн туһанан «Утум»бириэмийэ кыа­йыы­лаахтарын итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Педагог уонна уһуйааччы сыла түмүктэнэн эрэринэн оскуола бэтэ­рээннэрин, үлэлии сылдьар үлэһиттэри бэлиэтиир тоҕоостоох кэм үүннэ. Ки­ни­лэргэ Мас­таах орто оскуолатын кэ­лэк­тиибин аатыттан бу­ка барыларыгар эҕэрдэ суругу уонна бэлэҕи үөрдэ-көтүтэ туттардылар. Саҥа оскуолабыт 10 сылыгар анам­мыт минньигэс туор­тары сыанаҕа ытыс тыа­һыгар доҕуһуоллатан кил­лэр­дилэр. Ити курдук биир бэлиэ тэрээһин үр­­дүк таһымҥа ааста.
Тап­­таллаах оскуолабыт үү­­нэ, чэчирии, сайдыы киэҥ аартыгынан үө­рэ­нээч­чи­лэрин, учуу­тал­ларын, үлэһиттэрин кытта иннин диэки баран истин!

Сардана Жакипова