Сииттэҕэ Россия былааҕын күнэ

Улуу Россия былааҕын күнүн Сииттэбит дьонун — сэргэтин кытта үөрэ — көтө бэлиэтээтибит.

Ол курдук, Россия былааҕын күнүгэр анаан олохтоох култуура дьиэтин үлэһиттэрэ радиорепортаж оҥордулар. Үөрүүлээх бырааһынньыкка тэрилтэнэн нэһилиэкпит олохтоохторугар үрүҥ, күөх, кыһыл былаах өҥнөрдөөх шариктары бэлэх ууннубут.

Россия былааҕар аналлаах хоһооннор ааҕылыннылар, дойдубут туһунан ырыаларынан бөһүөлэкпитин сэргэхситтибит, бар дьоммутун эҕэрдэлээтибит. Төһө да былдьаһыктаах күннэр- дьыллар турдаллар, Сииттэбит дьоно — сэргэтэ бэрт сэргэхтик бырааһынньыкка кыттыстылар.

Марианна Сивцева