Сииттэ оҕолоро биир дойдулаахтарын олохторун-дьаһахтарын билсэллэр

Сииттэбит сиэдэрэй тиэргэннээх, өлгөм үүнүүлээх, кэрэ сибэккилэрдээх нэһилиэкпит бастыҥ ыалларын астына — дуоһуйа иккис күммүтүн ыалдьыттаан, хаартыскаҕа түһэртээн, интервью ылан, күннээҕи былааммытын үөрэ — көтө толорон олус астынан тарҕастыбыт.

Ол курдук, бүгүн 12 оҕо тэрээһиммитин интэриэһиргээн, сэҥээрэн эбиллибитэ үөртэ. Сонун тэрээһиммитин Софья, Андриан Николаевтар дьиэ кэргэттэригэр ыалдьыттаан саҕалаатыбыт. Хаһаайкалар Софья уонна Светлана Левина олус үөрэн — көтөн оҕолору көрүстүлэр. Ыал ийэтэ, эбэтэ Светлана Прокопьевна үүнээйи бары көрүҥүн толору баһылаабыта тэлгэһэтиттэн көстөр. Соҕуруу дойду сиэдэрэй роза сибэккилэрин хаһаайка көрөн — истэн, үүннэрии кистэлэҥнэрин толору баһылаан үүннэрбитэ көрөргө олус кэрэ. Номнуо хаппыысталарын, моркуоптарын, сүбүөкүлэлэрин маҕаһыыннарыгар таһааран атыылаабыттара ый буолла диэн үөрэ — көтө кэпсииллэр.

Дьиэ хаһаайката Софья Николаева оҕолору батыһыннара сылдьан, кылгас сайыммыт өлгөм үүнүүлээх тэлгэһэтин астына — дуоһуйа көрдөрө — көрдөрө кэпсээтэ. Оҕолор ордук хаппыыстаны, улахан сүбүөкүлэлэри, моркуоптары, ук аайы кытаран турар помидордары, оҕурсуулары олус сэргээтилэр. Хаһаайкаттан көҥүллэтэн тутан — хабан көрдүлэр. Бары астына — дуоһуйа битэмииннээх моркуоп, оҕурсуу тотуохтарыгар дылы амсайдылар.

Иккис ыалбытынан Марфа Ивановна, Августина Александровтар кэрэ көстүүлээх тиэргэннэригэр ыалдьыттааһын буолла. Дьэ манна олус кыраһыабай сахалыы балаҕан тулата барыта кэрэ сибэккиннэн симэммитин көрөн киһи хараҕа үөрэр, остуоруйа дойдутун кэриэтэ диэн кырачааннарбыт сөхпүттэрин биллэрдилэр. Ыал эбэтэ Марфа Ивановна оҕолорго өлгөм үүнүүлээх оҕуруотун аһын, минньигэс малинатыттан күндүлээн олус үөртэ. Оҕолор хас ыал аайы малина баарын болҕойон көрдүлэр. Марфа Ивановна тэлгэһэтигэр, өлгөмнүк үүнэн турар дьэдьэнин дьэ оҕолор эргийэ сылдьан сэҥээрэн көрдүлэр-иһиттилэр, аһа элбэҕиттэн олус диэн сөхтүлэр. Марфа Ивановнаҕа ис сүрэхтэн махтанан бараммыт, экскурциябытын салҕаатыбыт.

Үлэни — хамнаһы өрө туппут үһүс ыалбытыгар ыалдьыттыы кэлбиппитигэр, ыал ийэтэ Анна Степановна Тимофеева киирии ааҥҥа олус үөрэн — көтөн көрүстэ. Анна, Тимофей Тимофеевтар тэлгэһэлэригэр киирээти кытта сибэкки кэрэ ыһыаҕар сууланаҕын. Көрөргө кэрэтин, тэлгэһэ иһигэр киһи кыайан хаампат кыраһыабай сибэкки арааһын ыал ийэтэ Анна Степановна олордорун харахтарынан көрөн, илиилэринэн тутан оҕолор олус сөхтүлэр. Анна Степановна ыалдьыттары сахалыы остуол тардан көрүстэ. Алгыстаах алаадьы, сүөгэй, мип — минньигэс суорат, ону кытта барыанньалаах күөрчэх ытыйан оҕолору тото — хана аһатан оҕолор астыныы, махтаныы бөҕөлөрө. Дьэ, бу Анна, Тимофей тэлгэһэлэриттэн оҕолорбут олох арахсыахтарын баҕарбатылар, икки төгүллээн остуолга олордон аһаатылар — сиэтилэр. Хаһаайканы батыһа сылдьан байылыат оҕуруоту астына — дуоһуйа көрдүлэр. Саамай сэргээбиттэрэ, нэһилиэкпит баһылыга Семен Тимофеевич оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан олордубут хатыҥын. Хаһан олордубутун ыйыталастылар, улааппытын сэргээтилэр. Аттыгар туран хаартыскаҕа түстүлэр. Аҕыйах сылынан кэлэн эмиэ хаартыскаҕа түһүөх буолан араҕастылар. Оҕолор кууруссалары көрөн отунан аһаттылар, ньирэйдэри имэрийдилэр, отуччака сүөһү турар хотонун киирэн көрдүлэр — иһиттилэр. Анна Степановнаҕа ис сүрэхтэн махтанан, салгыы Анастасия Николаевна Петроваҕа күүлэйдии бардыбыт.

Анастасия Петрова кыыһынаан Мариялыын үөрэн-көтөн көрүстүлэр. Анастасия Николаевна оҕолору кытта билсэн, кэпсэтэн, аҕыйах сылынан үөрэхтээх дьон буолаҥҥыт Сииттэҕит аатын ааттатыаххыт, сураҕырдыаххыт диэн баҕа санаа бастыҥын, алгыс тыл үтүөтүн тириэртэ. Дьэ уонна оҕолорбутун батыһыннара сылдьан, кэпсээнин саҕалаата. Малина олус эмтээҕин, битэмииннээҕин туһунан билиһиннэрдэ, күндүлээтэ. Үүнээйититтэн сонун помидордары көрдөрдө. Ытыстарыгар баппат помидордары керен оҕолорбут олус сөхтүлэр, хаартыскаҕа түстүлэр.

Дьэ, ити курдук, Сииттэбит сүрэхтээх — бэлэстээх, үлэһит дьонун ыччаттарбыт, харахтарынан көрөн, кулгаахтарынан истэн, олус астыммыттарын биллэрдилэр. Ол курдук, салгыы үлэни өрө туппут, элбэх оҕо ийэтэ, аҕата Марианна, Иван Захаровтарга ыалдьыттаан аастыбыт. Хаһаайыттар пасекаларыгар мүөт сүүрдэ барбыттар эбит, дьиэлэригэр суох буолан биэрдилэр. Ол да буоллар индюктарын, кууруссаларын, сибиинньэлэрин, сибэккилэрин эдьиийдэрэ Евдокия Соловьева көрдөрдө. Оҕолорбут индюктар олус улаханнарын көрөн сөҕүү бөҕө сөхтүлэр. Бары эһиил индюк иитиэх буолан тарҕастылар.

Аныгы тутуулар Сииттэбит нэһилиэгэр дьэндэһэн эрэллэрин көрөн киһи сүргэтэ көтөҕүллэр. Ол аата сайдыы барар, этэҥҥэ олорор эбиппит диэн санааҕа кэлэҕин. Сардана, Иван Обутовтар саҥа туттубут сайыҥҥы дьиэлэригэр күүлэйдээтибит. Иһин-таһын көрөн олус астынныбыт, аныгы материалынан тупсаҕай гына туппуттар. Аһыллар — сабыллар аныгы евро түннүктээх. Киэҥ-куоҥ боруоктаах, таһыгар аныгы уоттары — күөстэри холбообуттар. Күһүн хойукка дылы киһи холкутук олорор гына туттубуттар. Бүгүҥҥү күҥҥэ ыалдьыттаабыт дьиэ кэргэттэрбитигэр олус истиҥник көрсүбүккүтүгэр улахан махталбытын тиэрдэбит.

Марианна Сивцева.