Олоҥхо – норуот тылынан уус-уран айымньытын чыпчаала. Бухатыырдар дьоруойдуу охсуһууларын көрдөрөр эпическэй айымньы. 2005 сыллаахха сэтинньи 25 күнүгэр биһиги улуу айымньыбыт ЮНЕСКО-ҕа киирбитэ. Онтон ыла бу күнү сыл ахсын өрөспүүбүлүкэ өрө тутан, күүстээхтик бэлиэтиир.
Сиэгэн-Күөл орто оскуолатыгар Олоҥхо күнэ сэтинньи 24 күнүгэр буолан ааста. Бу күн оскуолабыт иһигэр олоҥхо эйгэтэ олохтонно. Үөрэнээччилэрбит оҥорбут кырааскалаах уруһуйдара, олоҥхоҕо аналлаах кинигэ быыстапката бааллар. Учууталлар, үөрэнээччилэр сахалыы таҥнан, илин кэбиһэр, бастыҥа кэтэн кэлбиттэрэ киһи хараҕын үөртэ. Антонина Никитична Бессонова салайааччылаах “Айылгы” фольклорнай куруһуок иитиллээччилэрэ сарсыарданы уруйдаан, ыллаан-туойан, хомустаан үөрүүлээх тэрээһини арыйдылар.
Ол кэннэ алын сүһүөх үөрэнээччилэрэ П.А. Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотуттан быһа тардан толорууларын көрдүбүт.
Онтон бары оһуохайга киирдибит. Оһуохай А.Н. Бессонова уонна кыра кылаас кыргыттара эттилэр.
Түмүккэ саха тылын учуутала Александра Николаевна Слепцова “Олоҥхо ис хоһооно” диэн презентацияны сырдаппытым.
Олоҥхо күнүгэр аналлаах олоҥхо дьоруойдарын уобарастарынан аниме истиилигэр уруһуй күрэҕэ биллэриллибитэ. Элбэх үөрэнээччи көхтөөхтүк кытыннылар.
Маннык миэстэлэргэ тигистилэр:
Алын сүһүөххэ:
1 миэстэ – 4 кылаас үөрэнээччитэ Айаан Максимов;
2 миэстэ – 3 кылаас үөрэнээччитэ Рада Готовцева;
3 миэстэ – 3 кылаас үөрэнээччитэ Ангелина Степанова.
Орто сүһүөххэ:
1 миэстэ – 6 кылаас үөрэнээччитэ Харысхан Петров;
2 миэстэ – 5 кылаас үөрэнээччитэ Эрэл Петров;
3 миэстэ – 5 кылаас үөрэнээччитэ Ваня Власов.
Улахан кылаастарга:
1 миэстэ – 11 кылаас үөрэнээччитэ Сандал Варламов.
Салгыы үөрэнээччилэрбит үлэлэрэ улуус күрэҕэр барыахтаахтар. Уруһуйдьуттарбытыгар ситиһиилэри баҕарабыт!
Түмүктээн эттэххэ, Олоҥхо күнэ олус сэргэхтик, туһалаахтык ааста. Улуу айымньыбыт олоҥхобут сайдарын туһугар оҕолор кыһаллыахтара, кэпсии, киэн тутта сылдьыахтара.
Кэбээйи улууһун Сиэгэн-Күөл орто оскуолатын саха тылын уонна литеруратын учуутала Александра Слепцова.