Хас биирдии киһини оҕо эрдэҕиттэн ийэ сиргин ытыктаа, төрөөбүт дойдуҥ туһугар үлэлээ-хамсаа, бэриниилээх буол диэн үөрэтэлэр. Онтон төрөөбүт дойдуга таптал киһиэхэ айылҕаттан бэриллэр диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Сиэгэн Күөл култууратын дьиэтин салайааччыта Анна Иванова үлэ күргүөмүгэр сылдьан, дьонугар-сэргэтигэр сүдү бэлэх оҥордо. Тустаах дьону булан, кэпсэтэн, сүүрэн-көтөн, Сиэгэн Күөл өрөгөйүн ырыатын таһааран, клип устаннар, бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэни биир гына киэҥник тарҕанна. Бу буоллаҕа төрөөбүт дойдуга тапталга билинии.
«Биһиги нэһилиэкпитигэр анал өрөгөй ырыалаах клип баар буолуохтаах диэн баҕа санаалаах этим. Олохтоох ааптар Корякина Евдокия Григорьевна хоһоонун Роман Константинович Степановка ыытан, ырыа матыыбын сакаастаан оҥотторбуппут. Ити матыыбы худрук Иванова Варвара Иннокентьевна кыһаллан туран фонограмматын Дмитрий Готовцевтыын оҥорбуттара. Ол тухары бэлиэр харахпар клип барыллыыта көстөр этэ, ону тустаах дьоммор кэпсээтэхпинэ олох мин курдук көрбөт, өйдөөбөт этилэр», — диэн Анна Афанасьевна кэпсээнин саҕалаата.
«Бу саас Кылаан Кындыл кэлэн Сиэгэммитигэр кэнсиэрдээн барбыта. Онно киэһэ чээйдии олорон клип уһулуохпун баҕарабын диэбиппэр, хап-сабар идеяны ылынан, уһулуохха диэн тылын эппитэ. Бэйэтэ бу ырыаны ыллыам этэ диэн баҕа санаатын эппитэ. Онно чопчулаһан, сайын клиппытын уһулуохпут диэн сөпсөспүппүт. Сайын икки өттүттэн бириэмэни сөпсөһөн от ыйыгар уһулар буолбуппут. Кыралаан бэлэмнэнии үлэлэр барбыттара, аны транспорт өттүнэн кыһалҕалар үөскээбиттэрэ игин. Ол да буоллар чааһынай транспордары булан, суоппардары кэпсэтэн Кылаан Кындылы уонна видеограф Ньургустан Павловы ыллаттаран үлэлиир чааспыт тигинээн кэлбитэ. 2 күнү быһа күүстээх үлэ тигинээбитэ, Сиэгэн-Күөл кэрэтин барытын киллэриэх баҕа санаам күүстээх этэ. Нэһилиэк дьонун историяҕа киириэххит диэн ыҥыртаан, күн кэрэтигэр кыра оҕоттон саҕалаан бары араҥаны хаппыппыт. «ТУСКУ» эбээлэр кулууптара бу түгэҥҥэ көхтөөхтүк кыттаннар төһүү күүс буолбуттара, олох эрдэттэн бэлэмнэммиттэрэ сүрдээхтик үөрдүбүтэ. Биһиги нэһилиэкпит урут-уруккуттан эбээн, саха алтыһан олорор сирэ. Ол иһин ити икки култуура эбэһээт клипка киириэхтээх диэн санааттан «Хэкэт» үҥкүү ансаамбылын кытыннарбыппыт. Кэрэ көстүүлээх Улахан сыһыыбытыгар сээдьэ үҥкүүнү уһулбуппут», — диэн күүстээх үлэ туһунан сырдатар.
Дьону түмэр дьоҕурдаах салайааччы буолан, Анна Афанасьевна тула дойдуларыгар бэриниилээх, үтүө дьыалаҕа кыттыспыт дьон үгүс. Улаханныын кыралыын, Сиэгэн Күөллэрин киэҥ эйгэҕэ көрдөрөөрү-кэпсээри, сомоҕолоһон, сүүрбүт-көппүт, уурбут сыралара бүгүн үтүө түмүктэрдээх.
«Сүрүн уһуллуу айылҕаҕа буолбута. Бу манна бэйэлэрин баҕа санааларынан «Чолбон» туристическай база салайааччылара Соловьевтар дьиэ кэргэннэрэ Петр Ильич уонна Евдокия Егоровна буолбуттара. Базаҕа икки күн курдук хонон-өрөөн, аһылыкпытын астанан, дуоһуйа үлэлээбиппит. Онон кинилэр көмөлөрүгэр, өйөбүллэригэр махтанабын.
Ону таһынан көстүбэт тыыл диэн баара, бу бөһүөлэкпит тутаах дьонноро диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Транспордарын, бэйэлэрин бириэмэлэрин кэрэйбэккэ тэбис-тэҥҥэ сылдьыспыт, илдьибит-аҕалбыт дьоннорбун ааттыахпын баҕарабын: Готовцев Степан Егорович, Никонов Евгений Тарасович, Гоголев Иннокентий Петрович, Жирков Гаврил Иннокентьевич, Иванов Афанасий Афанасьевич, Решетников Константин Семенович. Бу дьоно суох клип уһуллара эмиэ ыарахаттардаах буолуо этэ.
Чуолаан муҥура суох махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын, ырыанан дууһа кылын таарыйар, алыптаах куоластаах ырыаһыппытыгар Кылаан Кындылга. Кини өйөбүлэ, сүбэтэ суох клип тахсара эмиэ саарбах буолуо этэ. Киэҥ холку санаалаах, тобуллар өйдөөх, дойдутун туһугар бэриниилээх киһи диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Ону тэҥэ видеографпытыгар, эдэр, инникигэ кэскиллээх Ньургустан Павловка эмиэ махталбын тиэрдэбин. Кини үлэлэһэн, хас биирдии баҕа санаабын аныгы техника көмөтүнэн Сиэгэммитин историяҕа киллэрэн өҥөтө улахан.
Бу клипка күүс-көмө, илии-атах, сүбэ-ама буолбут, кэлэн кыттыбыт бар дьоммор, Сиэгэн-Күөлүм олохтоохторугар барҕа махталбын этэбин уонна биһиги нэһилиэкпит өрөгөй ырыаламмытынан барыгытыгар эҕэрдэ ыытабын.
Билигин үлэ түмүгэ көстөн, клип табыллыбытыттан, дьон сэргээн үөрэриттэн мин дойдубун ааттаппыппыттан, бүттүүн Республикаҕа таһаарбыппыттан киэн туттабын», — диир Анна Иванова.
Саҥа клибы көрбүт дьон астына-дуоһуйа кэпсииллэр. Сиэгэн Күөл аатырбыт оһуор-бичик айылҕата, талба талааннаах дьоно-сэргэтэ, ылбаҕай ырыата — дойдуларын баайа клип буолан үйэлэр тухары бэлэх буоллаҕа.
Татьяна Левина.