Хаартыскаҕа: Сметанин Николай Степанович сэрии кэмигэр. Николаев куорат, 1943 с.
Бэс ыйын 22 күнэ. Көтөр-сүүрэр үгэннээн кэлэн олохсуйар кэмэ.
Сайыҥҥы Ньукуолаҕа сарсыарда күн тахсыыта ийэм ыараханнык талыыланан миигин төрөппүтэ үһү. Аҕам Ыстапаан бастакы көтөр кэлиитигэр бүтэй иһигэр кыра ууттан биир моонньоҕону өлөрбүт, онон ийэм мииннэммит. Аҕам эһэбиттэн биир борооскуну өлөрөн, миин оҥостуохха, уолбутун бэлиэтиэххэ диэбитин, эһэм туох да диэн хардарбакка саҥата суох олорбохтоон баран, таһырдьа сир солуу тахсан барбыт. Итини ийэм күлэ-күлэ ахтан, миэхэ улааппытым кэннэ кэпсиир буолара.
Аҕабыт эдэр сааһыгар өлөн, биһиги кыра сааспытыгар тулаайах хаалбыппыт. Олохтоох сэттэ кылаастаах оскуола бастакы таһаарыытын, биһиги уон биир уол комсомольскай кылаас диэн аатыран, бары ситиһиилээхтик бүтэрбиппит. Биһигини үөрэппит учууталлартан мин билигин истиҥник махтанан саныыбын Хатастан төрүттээх оскуола директорын, история учууталын Прокопий Федотович Николаевы, саха тылын уонна литературатын учууталын Петр Иннокентьевич Сивцевы, нуучча тылын уонна литературатын учууталын Варвара Тимофеевна Афанасьеваны, Пантелеймон Яковлевич Тулааһынабы, бырааттыы Голиковтары. Хаарыаннаах эдэр саас сылларын хаһан да умнубаппын. Билигин хара баттах маҥхайан, көмүс тиис көөрөттөн, кэрэ дьүһүн кэхтэн олорон, оччотооҕу ааспыт сыллар төһө да эрэйдээх, эндирдээх эбиттэрин иһин, бүгүн ол саҕанааҕыны санаан-ахтан ааһар олус да күндү буолар эбит.
Комсомол оройуоннааҕы кэмитиэтэ миигин куоракка пионер баһаатайдарын куурсугар хаалларан салгыы үөрэппитэ. Ити куурус кэнниттэн биһигини физкультура учууталларын куурсугар хаалларан салгыы үөрэппиттэрэ. Үөрэҕи үчүгэйдик бүтэрэн, дойдубар кэлэн райкомолга үлэлээбитим.
Биһиги биэс тулаайах этибит. Ийэбит колхозка, эдьиийбит Феврония саҥа тэриллибит оройуон аппараатыгар таайа Григорий Дьяконов дьаһайар заготовка отделыгар үлэлииллэрэ. Кыра эрдэххэ олох оччотооҕу ыараханын ахсарбат этибит.
1941 сыл, бэс ыйа, олус үчүгэй, куйаас да куйаас күн. Комсомол актыыбын мунньаҕар элбэх ыччат түмсүбүтэ. Күн ортото. Мунньахха сынньалаҥ биллэрбиттэрэ. Биһиги уолаттар күөх оттоох сиргэ күлэ-оонньуу сынньана олордубут. Эмискэ партийнай библиотекаҕа турар тэриэлкэ-репродуктор: «Болҕойон истиҥ, уһулуччу суолталаах Советскай правительство иһитиннэриитин», – диэбитэ. Биһиги соҕотохто им-дьим барбыппыт. Уу чуумпуга ыраахтан иҥиэттэн, немецкэй халабырдьыттар биллэрбэккэ, уоран, биһиги дойдубутугар сэриинэн саба түспүттэрин туһунан эт салаһар ыарахан куолаһынан радио биллэрбитэ. Куттаныы, санаа түһүүтэ суоҕа, ол эрээри дьиксинии баар этэ. «Немец иирбит, уодьуганныахпыт, Кыһыл Армия кинилэри кэһэтиэҕэ», – диэн өйдөбүл баар этэ.
Аҕыйах хонугунан ССТА иһитиннэриилэрин тойонноон көрөн, өстөөх улахан күүстээҕэ, элбэх сэптээҕэ-сэбиргэллээҕэ, сэриигэ уопуттааҕа биллибитэ. Ол туһунан эдэр, кырдьаҕас, оҕо, дьахтар өйүгэр-санаатыгар хатанар гына И. Сталин радионан этиитэ буолбута. Онтон ыла дьон-норуот улаханнык дьиксиммитэ. Аан дойду улахан кыргыһыы буолбутун радионан, хаһыатта-рынан этэр, кэпсиир буолбута.
Мин ити кэмҥэ уон тоҕустааҕым. Олох ыараабытын соччо эппинэн-хааммынан билэ-көрө илигим. Тута фроҥҥа көмө диэн хамнастан харчынан, дьиэттэн-уоттан таҥаһынан заемҥа сурутуу күүскэ ыытыллар буолбута. Мин ол саҕана оройуон үөрэҕин салаатыгар улахан дьону үөрэхтээһиҥҥэ инспекторынан үлэлиирим. Хамнас бэрт кыра этэ. Онно мин хас мунньах, митинг буоллаҕын аайы көхтөөхтүк күннээҕи, нэдиэлэтээҕи хамнаһы биэ-рэргэ диэн ыҥырыыга суруйтарарым. Хамнаспын ыла кэлбиппэр: «Эн хамнаһыҥ суруйтарыыга барбыт», – диэн кассир кыыс эппититтэн улаханнык соһуйбутум. Килиэби, чэйи, арыыны карточкаҕа атыылыыр буолбуттара. Ол бэрт кыра бородууктаны да атыылаһар харчыта суох хаалбыппыттан ыла арыый да өйдөммүтүм. Тулаайах ийэм эрэйдээх: «Харчыбыт суох. Билэр дьонноргуттан көрдөө», – диэбитэ.
Олох-дьаһах тосту ыараабыта. Колхозтан аахсар дохуот кыра быһыылааҕа. Хантан да эбии кэлбэт ыала сонно тута ыга ылларбыта. Олор ортолоругар биһиги эмиэ баар этибит. Өскөтө, ол саҕана эдьиийбит Феврония оройуоҥҥа хамнастаах үлэтэ суох эбитэ буоллар, тыыннаах буолар кытаатыа эбитэ буолуо.
Партия, комсомол оройуоннааҕы кэмитиэттэрэ, интеллигенция күүрээннээхтик өйдөтүү үлэни ыыталлара. Өстөөҕү үөҕэллэрэ, кырыыллара, норуоту үлэҕэ, кыайыыга көҕүлүү, кынаттыы сатыыллара. Сэрии саҕаланар сылыгар партия оройуоннааҕы кэмитиэтин сэкирэтээринэн Николай Семенович Яковлев үлэлиирэ. Оттон комсомол сэкирэтээрэ Михаил Васильевич Аластыров этэ. Кинилэр оройуоҥҥа сэрии күннэрин ыарахан күчүмэҕэйдэрин кыайар, чэпчэтэр туһаайыылаах элбэх киэҥ ис хоһоонноох үлэни тэрийэллэрэ. Ити саҕана биһиги Кэбээйибит суола-ииһэ суох республика ыраах хоту оройуонунан буолара. Ол да иһин Кыһыл Армияҕа бастакы ыҥырыы 1942 сыллаахха атырдьах ыйыгар буолбута. Ити күннэргэ мин командировкаҕа Мукучу нэһилиэгэр баарым. Бэбиэскэтэ суох эрээри, нэһилиэк дьонугар кэлбит ыҥырыыны көрөөт, ол дьону кытта аргыстаһан оройуоҥҥа кэлбитим. Табаарыстарбын кытта барабын диэн Яковлевка этэн комиссияҕа киирбитим. Армияҕа барар буолбутум.
Барааччыларга анаан райком сэкирэтээрэ Яковлев кэс тыл эппитэ, кыайан-хотон, дьоллоохтук сылдьан, дойдубут көҥүлүн көмүскээн, этэҥҥэ эргийэн кэлэргитигэр истиҥник баҕара хаалабыт диэн алҕаабыта. Онно биһиэхэ эдэркээн аатырбыт ырыаһыт Александра Новгородова (эрэ Новгородов Кэбээйи милициятын начальнига), Татьяна Яковлева (Н.С. Яковлев кэргэнэ), саха театрын артисткалара (уоппускаларыгар кэлэ сылдьан буолуо) сахалыы, нууччалыы хас да ырыалары ыллаабыттара. Олус сэргээн истибиппит. Эһэм, ийэм, кыра бырааттарым сайыһа хаалбыттара. Ийэм: «Оҕом, сэгэртэйим, кытаатан тыыннаах эргийээр, сэрэнэ сырыт», – дии-дии ыҥыырдаах акка олордохпуна тардыстан туран, сыллаан ыла-ыла ымманыйбытын, ытаабытын күн бүгүҥҥэ диэри уйадыйан өйдүүбүн.
Дьэ ити күнтэн тэлгэһэттэн-тиэргэнтэн тэлэһийэн, төрөөбүт төрүт сиртэн тэйэн, Сангаартан, Дьокуускайтан сүүстэн тахса нуучча, саха эдэр дьонноро пассажирскай борокуотунан Өлүөнэ эбэ хотуммутун өрө өксөйөн, нэдиэлэ курдук айаннаан, сарсыарда эрдэ Усть-Кутка кэлбиппит. Икки биэрэгэ таас хайаларынан хапчаллыбыт өрүс баһыгар кэлбиппит. Онно Кэбээйиттэн сэриигэ барбыт аатырар саха күүстээҕэ Никита Докторов (Күүстээх Бычырдаан) фроҥҥа бааһыран, төннөн иһэрин көрсүбүппүт. Кэпсэтэр түгэн суоҕа, быһата дьыала кытаанах диэбитэ. Онон суолга хардарыта аасыһар курдук арахсыбыппыт. Кини дьиэтигэр төннөн иһэр киһи быһыытынан, оттон биһиги уокка баран иһэр дьон курус санаалаах этибит. Усть-Куттан Заярскайга диэри массыынанан, онтон эмиэ борокуотунан аатырар ыраас уулаах Ангаранан устан Иркутскайга кэлбиппит. Биһигини дойдубутуттан национальнай байыаннай оскуоланы бүтэрбит райком үлэһитэ Кирилл Рюмин арыаллаан аҕалбыта. Арахсарбытыгар кини эмиэ бары үчүгэйи баҕара, алгыы хаалбыта. Кинини үйэ аҥара буолан баран, 1992 сыллаахха олус кырдьыбытын кэннэ көрсөн, бэрт иллээхтик кэпсэтэн, былыр ааспыт күннэри ахтан-санаан ааспыппыт. Кини 1993 сыллаахха өлөөхтөөбүтэ. Үчүгэй үлэһит киһи этэ.
Иркутскайга аҕыйах хонукка куорат таһыгар ханнык эрэ хаарбах сарайга олордон баран, табаарынай поеһынан Уралга Троицкай диэн куоракка тимир суол сэриилэрин саппаас полкатыгар аҕалбыттара. Онно кэлэн, дьэ хаһыат ааҕан, радио истэн, арыый да сэргэхсийбиппит. Үөрэх кытаанах этэ. Ас олус мөлтөҕө. Аччыктыырбыт. Олус түргэнник аһаталлара. Остуолга саҥа олорон истэххинэ туруораллара. Сарсыарда ырбаахыта суох сүүрдэн киллэрэн «Суунуҥ!» диэн хамаанда сатарыыра. Форма таҥаспыт буулдьа суоллаах, хаана көстө сылдьар, өлбүт саллааттан уһуллубут таҥас быһыылааҕа. Манна олус дьүдьэйэн, ыран, фроҥҥа хаһан ыыталларын күүтэр буолбуппут. Полкаҕа командирдар бары кэриэтэ фроҥҥа сылдьан, бааһырбыт дьон этилэр. Кинилэр биһиги тиийиэхтээх чааспыт историятыттан элбэҕи кэпсииллэрэ. Манна арааһынай муоста тутар, суол оҥорор, сибээс, эксплуатация сулууспаларыгар батальоннарга, роталарга хайыталаан үөрэтэллэрэ. Онно биһиги биир дойдулаахтарбытыттан Василий Кононович, Дмитрий Семенович, Иннокентий Дорофеевич, Егор Егорович Тереховтар, Егор Николаевич, Семен Семенович, Иван Егорович Левиннэр, Николай Николаевич, Николай Иосифович Максимовтар, Афанасий Данилович Олесов, Иннокентий Дорофеевич Сивцев, Самсон Егорович Барахов, Денис Степанович Сметанин, Егор Овчинников уонна онтон да атыттар бааллара. Аҕыйах хонугунан уолаттары атын чаастарга ыыталаабыттара. Күһүн чугаһаан, түүн тымныйан, күн кылгаан испитэ. Мин дьоммун ахтарым күүһүрэн, түүн кистээн, соломоҕо сытан ытаан, хараҕым уутун хайдах да кыаммакка муҥнанарым. Ыраах эстэн, быстан сылдьан ийэни ахтар, саныыр саҕа кытаанах, ыар эрэй суох эбит этэ.
Биир сарсыарда баанньык кэнниттэн саҥа форма биэрбиттэрэ. Дьэ фроҥҥа барар буоллубут диэн чахчы билбиппит. Байыаннай бирисээгэ биэрэн, нөҥүө күнүгэр эмиэ табаарынай вагоннарга олорон фроннаабыппыт. Поезд күннэри-түүннэри сындаалаахтык айаннаан, Красноводскай куоракка кэлэн, Каспийскай муораны туораан, Бакунан, Махачкаланан, Грознайынан Хасавюртка кэлэн аналлаах чааспытын булбуппут. Манна би´иги чааспыт өстөөҕү кытта төһө да быһа аалсыспатар да±аны, дьиҥнээх буораах сыттаах сэрии фронугар кэлбиппит биллибитэ. Биһигини тимир суол гвардейскай биригээдэтин чаастарыгар кими суол, кими муоста батальоннарыгар анаталаа-быттара. Кэбээйиттэн Барахов Самсон Егорович, Сметанин Денис Степанович уонна мин, Ньурбаттан Рожин, Уус-Алдантан Иванов Егор, Сангаартан Казеинов, Панкратов, Лукачев буолан 13-с отдельнай ротаҕа анаммыппыт.
Биригээдэ толору бойобуой састаабынан өстөөҕү Беслан диэн улахан тимир суол станциятыгар көрсүбүтэ. Сэрии кирбиитэ быһаччы кэлэн, онно өстөөҕү кытта хааннаахтык анньыһар, хабырыйсар сиригэр тимир суол чаастарыгар туруоруллар сорук олус уустук, ыарахан, эппиэттээх, кутталлаах. Ити кыайтаран чугуруйуу саҕана ордук уустугурар. Суол батальоннара, өскөтө, тимир суол станциятын хаалларар түбэлтэҕэ суол-иис бары тэрилин алдьатар-кээһэтэр, үлтү тэптэрэр, уоттуур соруктаах этилэр. Ити акция түүнүттэн-күнүһүттэн тутулуга суох саамай тиһэх бириэмэҕэ оҥоһуллуохтаах. Манна элбэх саллаат өлөр, бааһырар, быстаран да хаалар. Оттон өстөөх ити тимир суол бары хаһаайыстыбатын бүтүн турдаҕына ыла сатыыр соруктаах. Дьэ ол иһин икки өттүттэн ким урут тутта-хапта сатыыр, кырыктаах, хааннаах өрүсүһүү буолар. Оттон эксплуатационнай рота сулууспата ити суостаах-суодаллаах кэмҥэ станцияларга турар тимир суол састааптарын күрэтэр, быыһыыр сыаллаахтар.
1942 сыл кыһына. Кавказ. Серноводскай курорт хастыы да мэндиэмэннээх санаторийын дьиэлэрэ. Биһиги чааспыт манна турар. Мин Денис Сметанинныын иккиэ буолан, соҕотох бинтиэпкэлээх түүҥҥү поска турабыт. Ол туран, Денис түүн Грознай умайар сардаҥатын көрөн улаханнык хараастар, абарар. Сарсыныгар кини «биһигини инники кирбиигэ ыытыҥ» диэн рота командирын политическай чааска солбуйааччытыгар эппитэ. Онно тута кинини строй иннигэр туруорбуттара уонна улаханнык куттаан сэмэлээбиттэрэ. Хас биирдии саллаат сэриигэ миэстэтэ аналлаах, онон ким да, ханна да бэйэтэ быһаарбытынан барбат-кэлбэт диэн бигэтик эппиттэрэ. Саа-саадах сотору эһиэхэ да бэриллиэҕэ диэбиттэрэ. Биһиги чааспыт Беслан диэн тµмµк (узловая) станцияҕа баара. Мантан инники кирбии уон икки километр этэ. Немецкэй чаастар Владикавкаһы ылаары то±у анньан киирэ сатаан баран, онно тохтотуллубуттара. «Катюшалар» кэлбиттэрэ. Кинилэр күргүөмнээх ытыалаа´ыннарын кэнниттэн инники кирбии уот кутаа буолбута. Станцияҕа турар куйахтаах поезд (бронепоезд – кини тимир суол сэриилэригэр биллэр аата Борис Павлович) му²ур суолтан тахсан, инники кирбиигэ чугаһаан, эмискэ бары калибрдарыттан ытыалаан ньиргитэрэ уонна му²ур суолугар төннөрө. Биһиги кинини үөрэ-көтө көрсөрбүт. Немец тохтоон, күүһүн түмүнэрэ. Биһиги чаастарбыт хойдон испиттэрэ. Таанкалар, зенитнэй пушкалар, бензиннээх поезтар («Аннушкалар»), пехота чаастара кэлбиттэрэ. Онтон биһиги немец мөлтөөбүтүн, кэтэнэр буолбутун билэн, өйбүт-санаабыт күүһүрэрэ. Биир түүн «Катюшалар» ытыыларын кэнниттэн биһиги чаастарбыт немеһи дохсуннук үүрбүттэрэ уонна тохтобула суох сойуолаабыттара.
Биһиги биригээдэбит 3-с Украинскай фроҥҥа быраҕыллыбыта. Ити фроҥҥа эмиэ улахан кимэн киириилэр буолбуттара. Украинаны босхолооһун саҕаламмыта. Дон, Днепр өрүстэри туоратар аарыма муосталары өстөөх урусхаллаабыта. Онон итиннэ тимир суолу чөлүгэр түһэрэргэ, муосталары оҥорорго биһиги биригээдэбит батальоннара туруммуттара. Үлэ күнү-түүнү тохтообокко, өстөөх буомбалыырын аахсыбакка, тохтобула суох барара. Зенитнэй чаастар биһиги батальоннарбытын кытта сэргэстэһэ хорҕойон туран, өстөөх самолеттарын ытыалыыллара. Хаарыаннаах эдэр кыргыттар өлөллөрө, бааһыраллара. Биһиги ону көрөн, олус уйадыйарбыт. Саллаат бааһырарын, өлөрүн көрөҥҥүн, онно син кэнникинэн үөрэнэн хаалаҕын, оттон кыргыттар хоруоптаналлара ыарахан этэ.
1943 сылга Доннааҕы Ростовка кэлбиппит. Өстөөх чугуйара тохтоон, биһиги чаастарбыт күүс-күдэх эстэн, кимэн киирии тохтообут кэмэ этэ. Немец Ростову, тимир суолу аһара күүстээхтик буомбалаабыта. Ол этэ кытаанах кэм. Үс күннээх түүн быыстала суох аарыма буомбалаах 30-40-нуу самолеттар лигийбиттэрэ. Сир-халлаан көстүбэт соро буолбута. Муоста уонна суол оҥорор батальоннар саллааттара киһи кыаҕын таһынан ыарахан, күчүмэҕэй усулуобуйаҕа үлэлииллэрэ. Биһиги сахабыт уолаттара Егор Николаевич Левин, Семен Семенович Левин, Иннокентий Дорофеевич Терехов, Василий Кононович Терехов, Николай Иосифович Максимов кимтэн да итэҕэһэ суох хорсуннук-хоодуоттук үлэлииллэрэ. Ити алдьархайдаах уот-кутаа ортотунан биһиги муоста тутуутугар наада буолар матырыйаалы, техниканы тиэйиммит поезтары ыыталыырбыт. Сир-халлаан көстүбэт алдьархайдаах араллаанын ортотугар сылдьан, иннигин-кэннигин билбэт курдук буолаҕын. Онно бастаан самолеттар мотуордарын тыаһа ньиргийэн иһэрин иһиттэххинэ куттанаҕын, этиҥ-хааныҥ салаһар, иккиһэ, буомбалар түһэн дэлби ыстаналларыттан туймаарыйан баран, кэнникинэн кутталыҥ ааһан, хайдах эмэ гынан поезтары күрэтэ сатыыгын, куттанаргын умнаҕын. Ааспытын кэннэ этэҥҥэ тыыннаах хаалбыт уолаттары кытта кэпсэттэххэ, кинилэр эмиэ эн курдук саныылларын этэллэрэ. Хаһан түһэн өлөрөр диэн санааттан, саһартан ордук ыарахан, илиһиннэриилээх ити саҕана туох да суоҕа. Ити сорго икки-үс чаас иһигэр саллаат хара батта±а маҥхайарын эбэтэр эппэт кэлэҕэй буолалларын көрбүтүм. Сорохтор мээнэ-мээнэ аһаа да аһаа буолаллара, ону кэнники холкутуйан олорон санаан, күлэ-күлэ кэпсэтэрбит.
1943 сыл сайына. Мин инники кирбиигэ суол учаастактарын туругун туһунан сибидиэнньэлэри хомуйар саллаат буолбутум. Онон ити суол учаастагар эстибит буомбалар, снарядтар, миинэлэр тугу алдьаппыттара учуоттанар этэ. Ити сибидиэнньэни ылаат, онно аналлаах сулууспалар ити эстиилэртэн туох эмсэҕэлээбитин быһаараллара. Үлэ олус эппиэттээх этэ. Киһи тиийбэт буолан, күннэри-түүннэри сибээстээх сиргэ баар буолуох-тааххын. Сибээс алдьаннаҕына, донесениены хайдах кыалларынан-сатанарынан тириэрдэр соруктааххын.
1944 сыл күһүн биригээдэ үһүс Украинскай фронтан иккис Белорусскай фроҥҥа быраҕыллыбыта. Манна саамай быһаарыылаах туһаайыы буолбута. Командующай аатырбыт Рокоссовскай этэ. Фронт сэриилэрин састаабыгар биһиги чааспыт Барановичи куоракка холбоспута. Бойобуой олох тосту саҕаламмыта. Өстөөх улаханнык утарсарын баһыйан, биһиги передовой чаастарбыт бокуойа суох үүрэллэрэ. Өстөөҕү тохтоппокко ситиһиилээхтик эккирэтэр передовой чаастары бары наадалааҕынан хааччыйарга суол-иис кинилэртэн хаалбакка ситэн иһэр буолуохтаах, итиннэ тимир суол суолтата хаһааҥҥытааҕар да улаатар.
1944 сыл кыһыныгар биһиги биригээдэбит Варшава утарыта Висла өрүс хаҥас биэрэгэр Минск-Мазовецк диэн улахан тимир суол станциялаах куоракка турбута. Манна биһиги передовой чаастары кытта бииргэ баарбыт. Висланы туораан, Варшаваны босхолуур аарыма суолталаах фронтовой операция бэлэмэ барара.
Америка аатырар «Летающая крепость» диэн самолеттара былыты үрдүнэн кэлэн, Варшаваҕа бастаанньалаабыт Польша патриоттарыгар көмө быраҕаллара. Быраҕыллыбыт көмө үксэ немецтэргэ түспүтэ. Онно тыал буруйдаах диэн кэпсииллэрэ. Хаста да итинник массированнай көтүүлэри оҥорбуттара. Ону бастаан немецкэй зениткалар ытыалаан ньаҕырҕаан баран, тохтоон хаалаллара. Ол эмиэ биһигини дьиксиннэрэрэ.
Ити саҕана союзниктар иккис фрону аһыахча аспакка күүттэрэр этилэр, ол дьон-норуот санаатыгар ыарахан күлүк уорбалааһыны үөскэтэрэ. Польша патриоттарыгар «көмө» диэн ааттаан, немецтэргэ аадырыстыыллар быһыылаах диэн санаа элбэх этэ.
Висла өрүһү туоруур Европа биир саамай кыраһыабай уонна улахан муостата үнтү буомбаланан урусхалламмыта. Биһиги чаастарбыт муостаны чөлүгэр түһэрэр соруктара сатамматаҕа. Өстөөх уҥуоргу биэрэктэн көрө сытан, олох чугаһаппат этэ. Онтон фроннар холбоһуктаах стратегическай операция көмөтүнэн немеһи Варшаваны хаалларарыгар күһэйбиттэрэ.
Висла муостатын оҥорор күннэргэ фронт саҥа командующайа Г.К. Жуков кэлэ сылдьыбыта. Кини биһиги саллааттарбыт күнүстэри-түүннэри муустаах ууга туран, харса-хабыра суох үлэлииллэрин көрөн хайҕаабыт этэ. Кыайыыны түргэтэтэргэ эһиги геройдуу үлэҕит улахан суолталаах диэн буойуннарга күүс-күдэх буолар ыҥырыы оҥорбута.
Урусхалламмыт Варшава. 1945 с. Я. Рюмкин түһэриитэ.
Мин сэрии сылларыгар алдьаммыт-кээһэммит элбэх куораттары көрбүтүм, ол тухары Варшава курдук алдьатыллыбыт куораты көрбөтөҕүм. Дьэ олус ынырык этэ. Польшаны туораан, өстөөх сиригэр киирэн, «бөрөнүиинигэр» хаайан, өлбүттэр, тулаайах хаалбыттар кэриэстэрин ситиһэр күн илэ-бааччы көстөн, тыган испитэ. Ити саҕана мин сүнньүнэн комсомольскай үлэнэн дьарыктанар буолбутум. Киин фронт командующайа Г.К. Жуков Кыһыл Армия саллааттарыгар, командирдарыгар элбэх дириҥ ис хоһоонноох чаҕылхай ыҥырыылары оҥорбута. Онно немецтэр дойдубутугар тыылга хаалбыт оҕолору, дьахталлары, кырдьаҕас дьону хайдах курдук кыыллыы накаастаабыттарын, иэримэ дьиэлэри иччитэхтээн, аал уоту умуруоран алдьаппыттарын-кээһэппиттэрин, баар чахчылары аатынан ааттаан, миэстэтин, күнүн ыйан кэпсээн, огдообо буолбут ойохтор эрдэрэ, тулаайах хаалбыт ийэлэр, соҕотохсуйбут кыргыттар убайдара, бырааттара, таптыыр уолаттара абалаах иэһи ситиһэр санаалара күүһүрэрэ. Передовойга элбэх журналистар, артистар сылдьар буолбуттара. Ордук И. Эрэнбург, А. Сурков, А. Твардовскай, Е. Долматовскай кэпсээннэрэ, ыстатыйалара, ырыалара өйгө-санааҕа чаҕылхайдык хатанан хаалбыттар. Ааспыта төһө да үйэ аҥарыттан ордубутун иһин умнубаппын.
Мин сурукпар эппиэттээн, убайым, үөлээннээҕим Т. Сметанин кылгас суругун кытта «Фроннааҕы доҕотторго» диэн улахан хоһоонун ыыппыта. Ону биһиги саха уолаттара ааҕа-ааҕа олус махтаммыппыт, астыммыппыт. Билигин өйдөөтөххө, айымньы бүтэһиктээхтик оҥоһулла илик эбит этэ. Кэнники талыллыбыт айымньыларга бэчээттэммитинээҕэр балай да кыра быһыылааҕа. Ол да үрдүнэн биһиги өр илдьэ сылдьан аахпыппыт. Дойдубутун олус санаабыппыт, ахтыбыппыт.
1945 сыл кулун тутарга биһиги Потсдам куоракка турабыт. Өстөөх бүтэһик күннэрэ. Берлини кини өһөхтөөхтүк көмүскүүр. Биир түүн мин доҕорбунаан Ньурба уола Николай Рожинныын штаб аттыгар турар дьиэҕэ утуйа сыттахпытына, взводтар командирдара, иккиэн старшай лейтенаннар, үөрэн-көтөн, чуордук кэпсэтэ-кэпсэтэ бэрт түргэнник биһиги аттыбытынан кэлэн ааспыттарын иһиттибит. Тута мин сэрэйдим, Николайы ойоҕоско астым, ойон турдум: «Дьэ, нохоо, кыайыы буолла быһыылаах», – диэт, автомаппын харбаан ылаат, штабка ыстанныбыт. Биһиги сүүрэн истэхпитинэ, автоматтар, пушкалар ытар тыастара быыстала суох бачыгырыы түспүтэ. Уоттаах буулдьалар оҕуруо курдук субуруҥнаспыттара, сырдатар ракеталар сандаарыспыттара. Саа-сэп бары көрүҥнэриттэн, бары калибрдарыттан күргүөмнээх салют буолбута. Биһиги табаарыстарбытынаан эмиэ кимтэн да хаалбакка обоймалары кураанахтаабыппыт. Үөрүү-көтүү, ырыа-тойук сонно тута дьиэрэйбитэ. Сэрии бүтэн, тыыннаах, этэҥҥэ буоллахха, төрөөбүт төрүт буорга төннөр туһунан бөҕөх санаа саллаат санаатыгар, хараҕар элэҥниир быһыылааҕа. Мин сонно эмискэ үлэттэн, эрэйтэн хаппыт-куурбут тапталлаах, ахтылҕаннаах ийэбин, эдьиийбин, балтыбын, бырааттарбын, таптыыр кыыспын сытыытык өйдөөн кэлбитим. Дьэ сотору көрсүһүөхпүт диэн көтөҕүллэн, үөрбүтүм, дьоллоох эбиппин дии санаабытым.
Мин «Кыым» хаһыакка биһиги түөрт саха (Рожин, Барахов, Иванов, мин) Кыайыыны Берлиҥҥэ хайдах көрсүбүппүт туһунан сурук ыыппытым. Ол суруктар утуу-субуу бэчээттэммиттэрэ. Биһиги чааспыт Берлиҥҥэ буолар улахан үөрүүнү көрсөр бырааһынньыкка кыттыыны ылар чиэстэммитэ. Онон биһиги рейхстакка барбыппыт. Онно тиийэн, биһиги үс саха (Барахов, Рожин, мин) «Биһиги Саха сириттэн» («Мы из Якутии») диэн улахан саалаҕа мин Рожин санныгар салҕанан туран, хоруонан суруйбутум. Онно киһи сөмүйэнэн баттыыр ыраас сирэ истиэнэҕэ суоҕа. Биһиги чааспыт политотделын тэрийиитинэн Потсдам куоракка (ыам ыйын 7 дуу, 8 дуу күннэригэр буолуо) үөрүүлээх митинг буолбута. Онно миигин: «Сахалар ааттарыттан эҕэрдэтэ эт», – диэбиттэрэ. Итиннэ мин тута үөрүүбүн ис сүрэхпиттэн этэн, онно хас да грузовой массыыналары холбоон оҥорбут «трибуна» үрдүттэн биир дойдулаахтарбын көрөн олус үөрбүтүм, долгуйбутум. Мин кинилэр үөрбүт харахтарын көрөөт: «Мин күндү биир дойдулаахтарым, эһигини Улуу, өр күүтүллүбүт харах уулаах Кыайыынан, алдьархайдаах сэриигэ тыыннаах хаалбыккытынан уруйдуубун! Биһиги төрөөбүт Сахабыт сиригэр ахтар-саныыр дьоммут эмиэ бу биһиги курдук ис сүрэхтэриттэн үөрэн-көтөн, бэрт ыарахан сыаналаах, сындааһыннаах кыайыыны көрсөн, уруй-айхал тылын Улуу Кыһыл Армия, Коммунист партия албан ааттарыгар анаан этэллэр. Дьэ соторунан дойдубутугар тиийэн көрсүөххэ диэри, күндү хоодуот саллааттар!» – диэн үөрэн туран эппиппин өйдүүбүн. Ол туран көрбүппүн, хатырбыт сирэйдээх, чэрдийбит илиилээх хоһуун-хорсун сахабыт уолаттара төһө да ырбыт-сылайбыт дьүһүннээхтэрин иһин, кинилэр үөрбүт харахтарын, мичээрдиир иэдэстэрин хаһан да умнубаппын.
Сэрии бүтэн, эйэлээх олох кэлэн, төрөөбүт дойдуга эргиллэн, общество бары дьонун курдук үлэ-хамнас үөһүгэр сылдьыбытым. Мин дойдубар Кэбээйигэ аан бастаан сырдык уоту биэрбит электрическэй станцияҕа директорынан, онтон райпоҕа үлэлээбитим. Ол кэннэ куоракка киирэн, кооперация техникумугар үөрэнэн баран, Горнай оройуонугар барбытым. Ити 1955 сыллаахха этэ. Онно райпоҕа атыылааччынан, онтон завторунан, бэрэссэдээтэлинэн талыллыбытым. Горнай оройуонун дьоно үчүгэй, сайаҕас, үтүө майгылаах дьон. Ол саҕана куораттан таһаҕаһы аҕалыы олус уустук этэ. Суол-иис олох куһаҕана. Мин ону аахсыбакка, «Холбос» базаларыттан хаһаайыстыбаннай табаардары аҕалан атыылааһыны ситиспитим. Атыылаһааччылар: «Хайа хаһан куораттыыгын? Кытаат, бара охсон кэл», – диэн киксэрэллэрэ. Сотору завторунан анаабыттара.
Ол саҕана Бэрдьигэстээххэ хортуоппуй да аҕалан атыылааһын кыаллыбата. Нэһилиэнньэ оннук ас баарын соччо баардылаабат этэ. Онно Тааттаттан төрүттээх Михаил Сыромятников райпоҕа заготовка солбуйар бэрэссэдээтэлинэн үлэлиирэ. Биһиги кинилиин кэпсэтэн, Орджоникидзе оройуонуттан 2-3 массыына хортуоппуй киллэрбиппитин сонно ылбыттара уонна тута сакаас, көрдөһүү элбээбитэ. Оройуон киинигэр үүтү атыылааһын олох суоҕа. Мин Бэрдьигэстээхтэн 8 километрдаах сиртэн, колхоз ферматыттан, икки фляга (72 л) үүтү сарсыарда эрдэ туран, мотоциклынан аҕалан, кэргэним үлэлиир маҕаһыыныгар киллэрбитим. Дьон ону олус сэргии, махтана көрсүбүтэ. Атыыласпыттара. Дьэ онтон ыла үүтү атыылааһын кэҥээбитэ. «Холбос» транспортнай хонтуората Бэрдьигэстээххэ суол куһаҕанынан уонна төттөрү таһаҕас суоҕунан массыынаны улахан көрдөһүүнэн-ааттаһыынан биэрэллэрэ. Ити саҕана куоракка арыгы собуота кураанах бытыылка тиийбэтинэн улаханнык харгыстанара. Биһиги онно Бэрдьигэстээххэ бытыылканы нэһилиэнньэттэн хомуйан, төннөр массыыналарынан ыытар буолбуппутуттан таһаҕаһы таһыыга массыына боппуруоһа биллэрдик чэпчээбитин өйдүүбүн. Ханнык да үлэҕэ эн дьоҥҥо кыһаллар, кинилэр интэриэстэригэр турар буоллаххына, ону тута билэллэр. Ол үлэлииргэ көҕүлүүр буолара.
1961 сыл. «Холбос» бэрэссэдээтэлэ Гавриил Тихонов Горнайтан күүһүнэн кэриэтэ Дьокуускай райпотугар көһөрбүтэ. Онтон Орджоникидзе оройуонугар оройуоннааҕы потребсоюзка бэрэссэдээтэлинэн быыбардаммытым. Ити саҕана (1963-1969 сс.) «Холбоско» Даниил Григорьевич Барашков бэрэссэдээтэллиирэ. Хамнас кыра, үлэ ыарахан этэ. Ону ол диэбэккэ, улаханнык кыһанан, оройуоҥҥа эргиэн саҥа ньымаларын олоххо утумнаахтык киллэрэри ситиһиллибитэ. Атыылааччыта суох ларёктар, киоскалар балай да киэҥник тэриллибиттэрэ. «Холбос» систиэмэтигэр бастакы кыраадыһа суох утахтары, барыанньа оҥорор сыах үлэҕэ киирэн, нэһилиэнньэ улахан сэҥээриитин ылбыта. Үп төһө да тиийбэтин иһин колхозтары кытта кэпсэтэн, оройуон киинигэр прорабскай учаастак тэрийэн, маҕаһыыннары, гаражтары, олорор дьиэлэри, ыскылааттары туттарбыппыт. Онно кыһамньылаах, үөрэхтээх, сатабыллаах прораб Кудреватых тэтимнээхтик үлэлиирэ дьону кэрэхсэппитэ.
Ити сылларга Орджоникидзе оройуонугар райпотребсоюз табаар эргиирин түргэтэтэн, барыстаахтык үлэлээн, оройуон хаһаайыстыбаннай олоҕор балай да сабыдыаллаахтык үлэлиир этэ. Бу оройуоҥҥа сэттэ сыл устата улаханнык сөбүлээн, табыллан үлэлээбитим. Миигин кытта үлэлээбит элбэх табаарыстарбын ис сүрэхпиттэн махтана саныыбын. «Холбос» элбэх түбүктээх үлэтигэр, тыа сиригэр ас-үөл, таҥас-сап аҕалан, атыылыырга тахсар уустук, ыарахан түгэннэри ситиһиилээхтик быһаарарга элбэх сыраларын биэрэн үлэлээбит аҕа табаарыстарбын Я.Ю. Келлепеллени, В.Д. Азаровы, Г.Д. Тихоновы, Д.Г. Барашковы, А.Г. Корнилованы, П.Р. Гермогеновы, Н.Е., А.В. Аммосовтары ааспыта төһө да ырааппытын иһин ис сүрэхпиттэн махтанан өйдүүбүн. Онтон өр сылларга бодоруһан биир тэҥҥэ үлэлээбит оройуоннардааҕы табаарыстарбын И. Мордосовы, А. Никифоровы, Н. Афанасьевы, И. Бадьяновы, Н. Стручковы, В. Кузьмины, Н. Тесляны, онтон да атыттары, эдэр-сэнэх эрдэҕинээҕи сыллары санаан сүрэхпин-быарбын минньитэбин. Ааспыты саныыр кэрэ, күндү.
1955 сыллаахха Кэбээйигэ продавеһынан үлэлиир Ленскэйтэн төрүттээх эдэркээн кыыһы олус таптаан, сөбүлээн, өр эккирэтэн кэргэн ылбытым. Ордук бастаан кэргэннэннэ±им са±ана, кэнники да, үп-харчы бэрт кэмчи буолара, тиийиммэт этибит. Ону ол диэбэккэ кэргэним барахсан Фаина истиҥ уонна ичигэс сүрэҕинэн, көрсүө-сэмэй быһыытынан, хаһан да миигин кэлэппэккэ, бэрт эйэлээхтик үлэлээн, олорон, билигин түөрт сиппит оҕолоох, үс сиэннээх кырдьаҕас ыалбыт. Эдэр эрдэххэ ситиһиилээхтик үлэлиир, кырдьан баран кыһарыллыыта суох уонна доруобайдык, дьоллоохтук олорор – ити барыта кэргэнтэн тутулуктаах дии саныыбын. Дьэ ол иһин ойохпор Фаинаҕа махталым баһаам. Тыыннааҕым тухары кини доруобайдык сылдьара буоллар эрэ диэн ис сүрэхпиттэн баҕарабын, алгыыбын. Оҕолорум сиппит дьон. Үлэлээҥ, үлэни таптааҥ, үлэттэн дьол кэлэр, элбэх сиэннэ булунуҥ, оҕолонуҥ-урууланыҥ диэн этэ сатыырбын истибэттэр. Олох ыараханыгар баайсаллар.
Сорсуйан олорон толкуйдаатахха, олох арааһынай эрэйигэр буһан-хатан, эриллэн, син эмиэ атыттар курдук кыах баарынан дьон туһугар кыһанан үлэлээн-хамнаан ааспыты санаатахха, дьылҕанан бэриллибит сыалы-соругу толорон, кэнники кэлэйэ саныыра суох сылдьыбытым,үлэлээбитим диэн этэр кыахтаахпыттан истиҥник астынабын. Онон «Холбоско» сүүрбэччэ сыл, онтон куораттааҕы продторга үс сыл, Дьокуускай куорат сэбиэтин ситэриилээх кэмитиэтигэр эргиэн отделын сэбиэдиссэйинэн уон биир сыл этэҥҥэ үлэлээн, 1986 сыллаахха сааспынан пенсияҕа барбытым. Үлэлээбитим тухары үрдүкү органнартан миэрэтэ суох, улахан сэмэтэ-буруйа, мөҕүүтэ суох этим.
Сэрии сылларыгар 1945 сыллаахха «За боевые заслуги», 1944 сыллаахха «За оборону Кавказа», 1945 сыллаахха «За взятие Берлина», «За победу над Германией в ВОВ в 1941-1945 гг.» мэтээллэринэн, 1985 сыллаахха «Отечественная война II степени» уордьанынан, 1973 сыллаахха САССР Верховнай Сэбиэтин Бочуотунай грамотатынан, 1961 сыллаахха «Отличник потребительской кооперации» анал бэлиэнэн, 1990 сыллаахха «За доблестный труд в годы ВОВ 1941-1945 гг.» мэтээлинэн, бары үбүлүөйдэргэ мэтээллэринэн наҕараадаламмытым.
Дьокуускай куорат. Кулун тутар ый, 1996 сыл.
90 саастаах Сметанин Николай Степанович,
Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, потребительскай кооперация туйгуна, 2012 сыл.
Бэйэм архыыппыттан, бу Николай Степанович Сметанины кытта куруук сибээспин быспакка сылдьарым. Кини элбэх ахтыыларын Кэбээйи оройуонун хаһыатын нөҥүө нэһилиэнньэни билиһиннэрбитим.
Бу кини тиһэх матырыйаалын Кыайыы күнүн бырааһынньыгынан сибээстээн уонна биһигиттэ Кэбээйи оройуонуттан Аҕа дойдуну көмүскүүр 1941945 сс сэриигэ кыттыбыттар дьылҕаларыгар харахтернай түгэннэрдээҕинэн-урукку сэрии кыһалҕалаах олоҕун, кыайыы үөрүүтүн, сэрии кэннинээҕи олоҕу сайыннарыыга туруулаһыыны, патриотизм куруук биһигини арыаллаһа, үчүгэйгэ-сайдыыга баҕабытын үрдэтэ сырыттын диэн билиһиннэрии.
Сметанин Николай Степанович, бэлэмнээтэ Никифор Терехов-Эмээки.