Мастаахха «Басхан — 2024» улуустааҕы күрэс буолла

Бүгүҥҥү үүммүт чаҕылхай,сырдык күҥҥэ Кэбээйи улууһун актыбыыс, бастыҥ, көхтөөх, хорсун ыччаттарын Н.П. Егоров аатынан Мастаах орто оскуолатыгар «Басхан» уолаттарга аналлаах дьыалабыай күрэх бука барыбытын түмтэ. Саха Автономиятын төрүттээччи Степан Максимович Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах Кэбээйи улууһугар I төгүлүн ыытылынна. Ылыннарыылаах тыллаах -өстөөх, дириҥник анааран толкуйдуур, киэҥ билиилээх -көрүүлээх, сатабыллаах салайааччы басхан киһи буоларыгар туһуламмыт уолаттарга аналлаах күрэхтэһии маҥнайгытын оскуолабытыгар буолла. Уопсайа 10 уол кытынна. Ол курдук, Мукучуттан, Арыктаахтан, Лүксүгүнтэн, Мастаахтан кытыннылар.

Күрэх 5 түһүмэҕинэн барда. 1. «Удьуор утума» — төрдү-ууһу билиһиннэрии.

2. «Дойду салайааччылара — мин харахпынан» — Россия, Саха сирин уонна тас дойду салайааччыларын туһунан бэйэ санаатын этинии.
3. «Өркөн өй» — блиц-ыйытыылар.
4. Дьыалабыай оонньуу — дебат. Дьиэ — кэргэн уопсастыба тирэҕэ.
5. Айыы умсулҕана -хоһоон строкаларын тута айан ситэрии.

Күрэспитин иилээн-саҕалаан ыытта Эдуард Захаров. Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр бэйэлэрин кэмнэригэр өр сылларга улууһу, нэһилиэги салайсыбыт, улуус уонна нэһилиэк сайдарыгар бэйэлэрин кылааттарын уурбут биһиги киэн туттар дьоннорбутун билиһиннэрэбит. Кэбээйи улууһун бочуоттаах гражданина, 2-с Лүүчүн сэбиэтин дьокутаата Аркадий Афанасьевич Гурьев. «Надежда Якутии» бэлиэ хаһаайына, «НВК Кубогын» икки төгүллээх кыайыылааҕа Егор Спиридонович Саввинов. «Кэбээйи улууһа» муниципальнай тэриллии оройуоннааҕы сэбиэтин дьокутаата, урбаанньыт, баһаарынай сулууспа салайааччыта Иван Иванович Кононов. «За заслуги в развитии жилищно-коммунального хозяйства и энергетики Республики Саха Якутия» бэлиэ хаһаайына, ГУП ЖКХ «Заречный» филиалын Мастаахтааҕы учаастагын маастара Дорофей Иванович Лепчиков. Н.П.Егоров аатынан Мастаах орто оскуолатын 11 кылааһын туйгун үөрэнээччитэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Басхан-2021» сылга «Өркөн өй» иккис түһүмэх кыайыылааҕа, «Басхан -2023» призёра, «Утум Егоровскай» бириэмийэ үс төгүллээх хаһаайына Виталий Баишев.

Дьэ, дьыалабыай оонньуу аһыллыбытынан ааҕабыт. Бука бары сүһүөхпүтүгэр туран Өрөгөй ырыатын иһиттибит. Уолаттарга ситиһиилээхтик кытталларыгар баҕаран туран 7 кылаас уолаттарын толорууларыгар хоһоон «Эр хоһуун» ааҕыытын сэҥээрдибит. Дьэ күрэспит үөрүүлээх чааһа түмүктэннэ. Бу кэнниттэн долгутуулаах бастакы түһүмэхтэн күрэс салҕанар. Ол курдук, «Кимтэн кииннээх, хантан хааннаах», төрдүн ууһун билиһиннэрии. Киһи үүнэригэр-сайдарыгар, киһи киһитэ буоларыгар икки сүрүн тосхол баар: Удьуордааһын уонна иитии. Уолаттар 3 мүнүүтэ иһигэр төрдүн ууһун, удьуорун, талааннаах, биллиилээх киһи аймаҕын кэпсиир уонна билиһиннэрэр. Экспертэр ыйытыыларыгар кинилэр хоруй биэриэхтээхтэр. Кыттааччыларбыт түһүмэх аайы сэрэбиэй тардан ол нүөмэрдэринэн тахсан кытыннылар.

Иккис түһүмэххэ дойду салайааччылара үлэлэрин-хамнастарын туһунан. Кинилэр историяҕа суолталарын, сабыдыалларын, судаарыстыба сайдарыгар киллэрбит кылааттарын туһунан тугу билэллэрин сырдатыахтара. Этэргэ дылы уол оҕо дойдуга, политикаҕа, Саха сиригэр, Россияҕа туох буола турарын анааран көрөр кыахтаах буолуохтаахтар. Онон, уолаттары ырытар дьоҕурдарын, киэҥ көрүүлэрин бэлиэтиир иккис түһүмэххэ киирдибит. Бу түһүмэххэ бары да тугу билбиттэрин-көрбүттэрин кэпсээтилэр, ыйытыктарга эппиэттээтилэр.

Үһүс түһүмэхпитигэр 10 боппуруоска тутатына хоруйдууллар. Хас эппиэт аайы баал бэриллэр. Ким элбэх баалы ылбыт бу түһүмэххэ кыайыылааҕынан тахсар. Манна араас боппуруостар бу иһигэр бааллара. Таабырын, сомоҕо-домох, улуус киинэ, өс хоһооно, суруйааччылар толору ааттара, псевдонимнара, айымньылара уо.д.а.

Эбиэт кэнниттэн күнүс 14 ч. 2-с Лүүчүн нэһилиэгин баһылыгын Юрий Лепчиковы кытта көрсүһүү буолла. Аҕа баһылык уолаттарга хайдах баһылык, салайааччы буолбутун, үлэтин -хамнаһын сиһилии кэпсээтэ, сүбэ-ама биэрдэ. Хас биирдии кыттааччы уолга алгыс тылын маанытын анаата. Түмүккэ бары уопсай хаартыскаҕа түһүү буолла. Алексей Никифоров скверигэр тохтоон бары уопсай хаартыскаҕа түстүлэр.

 

 

 

 

Дьэ күрэхпит 4-с түһүмэҕэр тиийэн, тиксэн кэллибит. Дьыалабыай оонньуу «Дебаты» «Дьиэ кэргэн -уопсастыба тирэҕэ» диэн темата. Бэриллибит тиэмэҕэ санаатын сайа этэр. Кыттааччы куолулуур, ыйытык биэрэллэр онно эппиэттиэхтээх. Билиҥҥи олоххо дьиэ -кэргэн суолтатын кыттааччылар санааларын иһиттибит. Күрэспит саамай бүтэһик түһүмэҕэ «Айыы умсулҕана» буолар. Тиэмэттэн хоһоонтон талар ону салҕыыр, айар, ситэрэр. Уолаттар бары бэркэ бу түһүмэххэ холоннулар.

«Басхан-2024″ күрэх түмүктэннэ,  аны билигин дьүүллүүр сүбэ быһаарыытын сырдатыам. Дохсун ытыс тыаһынан кыттааччыларбытын үөрэ-көтө көрсөбүт. Хас биирдии кыттааччыга кыттыбытын туһунан туоһу сурук туттардылар.»Удьуор утум» анал аат кыайыылааҕа Мастаах орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Афоня Винокуров.»Айар тыл умсулҕана» анал аат кыайыылааҕа Борисов Айтал, Мастаах орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ.
3 Үрдэл — Ноговицын Егор, Арыктаах 9 кылааһын үөрэнээччитэ
2 Үрдэл — Алексеев Андрей, Мукучу, Танара орто оскуолатын 11 кылаас үөрэнээччитэ.
1 Үрдэл — Уйгун Саввинов, Мастаах орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ.

Кылаан чыпчаал аатын Мукучу Танара орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Георгий Готовцев муҥутуур кыайыылааҕынан ааттанна. Эҕэрдэ тыл эриэккэһин анаата Ирина Михайловна Неустроева, улууспут аҕа баһылыгын солбуйааччыта Александр Сивцев оҕолорго баҕа санаа бастыҥын тириэртэ. Улууспут чиэһин Өрөспүүбүлүкэҕэ көмүскүү «Басхан» күрэххэ Георгий Готовцев барар чиэскэ тигистэ. Тэрийээччилэр Мастаах орто оскуолата бу маннык күрэхтэһиини хас сылын ахсын ыытар былааннаахтар. Оччоҕо чахчы басханнар иитиллэн тахсыахтара саарбаҕа суох.

Эр киһи -норуот кэскилэ
Самныбат саргыта
Сайдыытын тутула
Омугун киэн туттуута.
Киэҥ холку көҕүстээх
Эрэллээх эркиҥҥин
Дурда-хахха буолар
Ытык ыйаахтааххын.
Эр хоһуун дэтэрдии
Дойдугун харыстаа
Эстибэт эрчимнээх
Кыайыыгынан кынаттаа!
Эр бэрдэ,тур,туруулас
Саалаахтан самныма
Хотойдуу хоһууннук
Харгыстары эн туораа! -диэн бүгүҥҥү улуустааҕы бастакы «Басхан-2024 «күрэх түмүктэнэр.

Манна кэлэн кыттыспыт, кыттыбыт күрэх кыттыылаахтарыгар уонна тэрийээччилэригэр улахан махталбытын тиэрдэбит. Аныгыскы буолар күрэскэ атын нэһилиэктэн кэлэннэр кыттыыны ылыахтара диэн бүк эрэллээхпит. Инникитин да маннык тэрээһиннэр ыытылла турдуннар. Оҕолорбутугар үүнэллэригэр-сайдалларыгар төһүү күүс буоллуннар. Оҕолорбут үрдүк таһымҥа тахса турдуннар диэн алгыыбыт! Нэһилиэкпит, улууспут, өрөспүүбүлүкэбит аата ааттана турдун!

Сардана Жакипова, Мастаах бөһ.