Күргүөмнээх үлэ бачыыма салҕанар

Кэбээйигэ «Күбэйэ» эбээлэр түмсүүлэрэ, Сииттэ олохтооҕо Л.Н. Томская бузина рассадатын олордон бэлэхтээбит үтүө бачыымын сэргээннэр, Кэбээйибит күөҕүнэн чэлгийэрин туһугар Томтор скверын көҕөрдүүгэ өрө күүрүүлээхтик ылыстылар .

Ол курдук, Күбэйэлэр салайааччыбыт ватсап бөлөхпүтүгэр сүбэнэн кэпсэтэн Татьяна Семёновна кимиэхэ ханнык көрүҥ мас баарын токкоолоһон, бары ким туох мас баарын аахсан быһаарыстыбыт. Томтор Ытык Сирин көрөр истэр хаһаайына, ветераннар сэбиэттэрин салайааччыта Е.А. Павлов үөрүүнү кытта сөбүлэһэн скверын арыйан көҕүлэһэргэ бэлэмин биллэрдэ. Кэбээйи баһылыга Илья Иванович Левин уунан хааччыйыытын быһаарыах буолла.

Ити курдук, сүбэлэһэн нөҥүө күнүгэр, ол эбэтэр, атырдьах ыйын 28 күнүгэр күнүс 2 ч. Томторго, «Күбэйэ» эбээлэрбит мас үнүгэстэрин илдьэ кэлэннэр, күргүөмнээх үлэ күөстүү оргуйда. Манна кыттыстылар оскуоланы быйыл бүтэрэр 11 кылаас оҕолоро, салайааччы — Майя Анатольевна Терехова, Ветераннар сэбиэтин салайааччыта Егор Авксентьевич Павлов уонна «Күбэйэ» түмсүү. Кыайан кэлбэтэх эбээлэр мас, перегной ыыттылар уонна оннуларыгар кэргэттэрэ, оҕолоро кэлэннэр олус көхтөөх күргүөмүнэн саба түһэн, ким күрдьэҕинэн кырыс алдьатан, луҥха хаһан, маһы олордон, уу таһан, кутан төһүү күүс көмө буоллулар.

Сквер хаһаайына ыйан, кэрдэн, күрүөнү кыйа мас олордулунна, өссө бэйэтин техникатынан баран А.С. Максимова олбуоруттан рябиналары түөрэн аҕалан бэйэтэ олордотолоото.

Ити курдук, үтүө бачыымынан өрө күүрэн, бииргэ үлүмнэһэ үлэлээн, куттуун сүрдүүн үөрэн, сүргэлэрэ көтөҕүллэн астынан дуоһуйан тарҕастылар.

Сити курдук «Күбэйэ» эбээ түмсүүтэ скверга боярышник, черемуха, акация, рябина, бузина уонна элбэх сыллаах сибэкки аҕалан олортулар.

Аны саас Ытык Сирбит Томторбут, от мас силигилии үүнүүтэ көҕөрөн, чэчирээн, кэрэ көстүүтүнэн кэлбити барбыты кэрэхсэтэн симэнэн, чэлгийэ үөрэ көрсүөҕэ да буоллаҕа!

Бука бары бу үтүө хамсааһыны өйөөн, Кэбээйибит көстүүтэ тупсарыгар күргүөмнээх үлэ бачыымын Күбэйэлэрдиин саҕаласпыккытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит!

Субу курдук, тус бэйэбит кыахпытынан, куруутун даҕаны нэһилиэкпит туһугар көхтөөхтүк кыттан истэхпитинэ Олоҥхо Ыһыаҕар дылы Кэбээйибит кэрэтийиэ да буоллаҕа!

Ил Ииһэ Санаайа.