Улуу Октябрьскай Революция 106 сылын туолар, сэтинньи 7 күнүгэр Куокуй нэһилиэгин Арҕас бөһүөлэгэр олорор соҕотох ийэлэргэ, үлэ ветераннарыгар, кырдьаҕастарга — уопсайа 51 киһиэхэ олохтоох дьаһалта баһылыга Лев Николаевич Павлов үтүө санааны, этэҥҥэ буолууну баҕаран туран Күүлэй соботуттан туттартаата.
Бэйэлэрин кэмнэригэр нэһилиэктэрин, улуустарын туһа диэн үлэ бөҕөнү үлэлээбит дьоһун дьоммутун өрүүтүн өрө тута, чиэстии -бочуоттуу, ытыктыы сылдьыаҕыҥ!
Нина Олесова