Кэбээйи коллекционердарын түмсүүтүн үлэтэ салҕанар

Биһиги «Харыстаана» коллекционердар түмсүүлэрэ тэриллибитэ номнуо биир сыла буолла. Түмсүүбүтүн председателя  Зоя Яковлевна Сметанина иилэн саҕалаан илдьэ сылдьар.

Сэтинньи 8 күнүгэр 2022 сыллаахха Кыраайы үөрэтэр музей чэрчитинэн «Сайдам» норуот киинигэр быыстапка кэмигэр түмсүү оҥорорго санаммыппыт. Ол кэннэ улахан үлэлэри тэрийэн ыыттыбыт. Оскуола иһигэр буолар коллекционердар выстапкаларыгар дьүүллүүр сүбэ, «Рожденные в СССР», «Год труда» — тэрилтэлэр выставкалара уонна да атын араас тэрээһиннэр. Коллекционердар слёттарыгар бара сырыттыбыт.

 

 

Александра Тихоновна Сивцева нэһилиэктэр коллекционердарын түмсүүлэрин быыстапкатыгар: Аммаҕа, Мэҥэ — Хаҥаласка, Хатаска бара сырытта.

Кэлэр сылга баар былааны ситиһэргэ үлэлиибит.

«Харыстаана» түмсүү кыттыылааҕа Наталья Винокурова.