Эр хоһуун уолаттарбыт

Ырыа дьоро киэһэтин бэлэх ууннулар — дьоллоох Дьокуускайтан гастрольнай туур уолаттара, биир дойдулаахпыт, бэйэбит уолбут, Святослав Эверстов салайааччылаах «Күөрт-Өҥ» ырыа ыллыктаах, уу сахалыы майгын, көр-нар, үҥкүү доҕуһуоллаах түһүлгэтэ төрүттэннэ.

Сахалыы тыыннаах ырыалары бэлэх ууннулар Дьааҥы улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх ырыаһыта Лэгэнтэй, Кэбээйибит улууһун Сэбээн-күөл күтүөппүт Кындыл, күннээх ырыа куттаах дойдуттан сылдьар Николай Никифоров дьоһун дьоро киэһэни ууннулар. Көрөөччүлэр тохтообокко хас биирдии ырыаһыттарга дохсун ытыс таһыныытынан, үөрэн-көтөн хаһытаан, үҥкүүлээн, оһуохайдаан, уопсай хаартыска түһүүннэн түмүктэннэ.

Куокуй нэһилиэгин олохтоохторун аатыттан барҕа махтал, өссө да үөһээ чыпчаалга ситиһиилэнэ туруҥ, суолгут-иискит аргыстаах, доҕор-атас өйөбүллээх, дьиэ-кэргэҥҥитигэр нус-хас олоҕу баҕара хаалабыт.

Полина Жергина, Кэбээйи улууһа, Куокуй нэһилиэгэ.