Сииттэ нэһилиэгэр «Алаһа» эбээлэр түмсүүлэрин (сал. Мотрена Васильева) көҕүлээһиннэринэн от ыйын 2 күнүгэр улуу Өлүөнэ эбэбит күнүгэр аналлаах тэрээһин, ахсыс төгүлүн буолан ааста.
Быйыл эмиэ үгэһи тутуһан, култуура иһинэн тэриллибит лааҕыр иитиллээччилэрэ Дима Егоров, Вадим Алексеев, Ньургустаан Никитин, Карина Азарова уонна Виалена Степанова кыттыыны ыланнар, кэнэҕэски кэнчээри ыччат оҕолорбут тэрээһиммитин өссө дириҥник суолталаатылар, ис сүрэхтэн интэриэһиргээтилэр. Өлүөнэ эбэ туһунан хоьоон аахтылар, «Тапталлаах эбэкэм, Өлүөнэ өрүһүм! » диэн дьүһүйүү туруордулар. Лааҕырбыт оҕолоругар анаан уруһуй быыстапката тэрилиннэ, таайбараҥ күрэҕэ ыытылынна, бырааһынньыгынан минньигэс аһынан күндүлээн маанылаатыбыт, санааларын көнньүөртүбүт. Оонньууну оройуттан туттубут, бэһиэлэйи бэтиэхэлээн ситтибит. Эйэҕэс, мааны эбээлэрбитин кытта саһарчы буспут алаадьыларынан эбэбитин маанылаатыбыт, сиэр-туом толорон, айах тутан, махтал маанытын анаан туран аһаттыбыт-сиэттибит.
Тэрээһиммитин олохтоох бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ Мария Обутова арыйда. Кини Өлүөнэ эбэбит туһунан бэртээхэй иһитиннэрии оҥордо. Нэһилиэк киэҥ туттар учуутала, кыраайы үөрэтээччи Анна Сивцева оҕолорго анаан тыл эттэ. Инникитин ыытыллар харыстыыр үлэлэри кинилэр салгыылларыгар эрэл баарын биллэрдэ. Эбэлэрбит «Өлүөнэ эбэкэм!», «Туус маҥан борохуот» ырыалары өрө күүрүүлээхтик толорон, оҕолор ытыс тыаһынан астынан туран уруйдаатылар.
Бу күн олохтоох ааптардарбыт Анна Яковлева, Татьяна Герасимова, Мотрена Васильева суруйбут хоһооннорун доргуччу ааҕаннар, тэрээһини өссө киэргэттилэр. Олохтоох дьаһалта аатыттан Мария Захарова барсан күүс-көмө буолла.
Эбэбит үрдүгэр олорон, сайа охсор аһаҕас тыаллаах сиригэр астына-дуоһуйа чэйдээтибит. Эбэбит кытылыныраастаатыбыт, былааммытын толорон, үөрэн-көтөн дьиэбитигэр кэллибит. Тэрээһиммитигэр суоппардаабыт Николай Винокуровка, Иван Сивцевкэ, массыынатынуларсыбыт Василий Сивцевкэ барҕа махтал тылларын тиэрдэбит. Николай Винокуров олохтоох дьаһалтаҕамассыынаны кэпсэтэппиттэригэр, заправкалаабыттарыгар махталын тиэрдэр.
Марианна Сивцева.