Эдэр историктар чинчийиилэрэ

П. Д. Степанов аатынан Кэбээйитээҕи кыраайы үөрэтэр түмэл тэриллиитигэр “Эдэр историк” диэн Кэбээйи оскуолатыгар тэриллибит куруһуок оҕолоро этнографическай чинчийиилэрэ суругунан сурунаалга тиһиллибиттэрэ, билигин түмэлгэ харалла сыталлар. Бу куруһуокка Кэбээйи, Куокуй, Мукучу, Тыайа, Чагда, Сииттэ, Арыктаах оҕолоро дьарыктаммыттара. Дойдуларыгар сылдьан кырдьаҕастартан элбэх норуот уус-уран айымньыларын хомуйбуттара.

Ол курдук остуоруйалары, номохтору, үһүйээннэри, таабырыннары, өс хоһоонору, чабырҕахтары. Ону таһынан революция иннинээҕи сахалар сиэрдэрин-туомнарын, туттар малларын-салларын, таҥастарын-саптарын туһунан суруйбуттара. Эһиги болҕомтоҕутугар “Музей историятыттан” диэн улуус оҕолоро 1957-1959 сыллардаахха “Эдэр историк” сурунаалга суруйбут матырыйаалларын кытта билиһиннэрэбит.

Туос, мас уонна буор иһиттэр.

Революция иннинэ сахалар иһиттэрин мастан, туостан уонна буортан оҥостоллоро. Иһиттэри сахалар кыһаллан оһуордаан, ойуулаан оҥостоллоро. Туос иһити тигэллэригэр саас туос хастанар кэмигэр хастыыллара. Туос иһитэ ньолбойботун диэн иилииллэрэ. Иини талаҕынан оҥороллоро. Талах иэҕиллибитин кэннэ хатараллар. Саптарын кылтан эбэтэр сиэлтэн хаталлара. Итини ситии дииллэр. Ситиилэрэ үксэ хара буолар. Туос иһит аллараа өттүгэр чамчааһыны иһит икки өттүнэн тигэллэр. Ити силлибэтигэр наадалаах. Иһити тигэргэ араас суол ньымалар бааллар. Ити сииктэр бары ойуулаабыт курдук буолаллар. Иини тигэргэ маннык ньымалар бааллар:

1. Иитэ «тыал охторбутунуу”, ойоҕоһо “оҕус ииктэбитинии” 2. Иитэ “илим хараҕыныы”, ойоҕоһо “кутуйах хаамыытыныы” 3. Иитэ “бөлөхтүү”, ойоҕоһо “таҥалайдыы” 4. Иитэ “ураһалыы”, ойоҕоһо “ураһатыҥылыы”.

Туостан маннык иһиттэри тигэллэр: үүт уурар чабычах, отоннуур чабычах, арыы баттыыр чабычах, мээрэй мэһэмээн, мэһэмээн, үүт кутар ыаҕайа, биэ ыыр ыаҕас, кымыска саар ыаҕас уонна сылгы чабычаҕа. Итиэннэ сулуудьалаах иһит баар. Бу иһити икки хос туостан оҥороллор. Икки туос икки ардыгар чай суутун кыбыталлар уонна тас туоска араас оһуору ойо быһан оҥороллор. Итинник иһит мааны иһит диэн ааттанар уонна иистэнэр иһит буолар. Иистэнэр иһити атыннык эмиэ киэргэтэллэр (оҕуруонан).

Мас иһит арааһа: чороон, кытыйа, матаарчах, чөҥкөйү атахтаах гына эмиэ оҥороллор. Мас ньочоолко тэриэлкэ оннугар туттуллар. Мас иһиттэри хатыҥ мастан оҥороллор. Кытыйаны оҥороллоругар кэт диэн токур формалаах сытыы тимиринэн хаһаллар. Ол кэнниттэн быһаҕынан таһыгар араас ойууну оҥороллор. Ити кэнниттэн оргуталлар уонна арыыннан аҥыныахтыыллар. Оччоҕо хайа хаппат. Матаарчаҕы уонна кытыйаны оҥорор уустар: Түөккэ, Болуотунньук уонна Тараамах уус. Оттон чороону оҥорор уустары билбэттэр. Чорооннор бэрт өрдөөҥү иһиттэр дииллэр.

Буор иһити туойтан оҥороллор. Туойу илитэн баран кыбыс кытаанах гына мэһийэллэр, ортотунан үүттүүллэр. Ол үүттээбит сирдэригэр икки салаалаах хатыҥ мутугун уган баран эргитэллэр. Итини тохооччу диэн ааттыыллар. Хаһыллан, мэһиллэн бүппүтүн кэннэ туойунан иилииллэр уонна иитигэр араастаан ойуулууллар. Сарахыйбытын кэнниттэн уокка быраҕаллар. Уокка кытарыар диэри сытар. Онтон сойуталлар. Туой иһит 30-ус сыллардаахтан туттуллубат буолбут. Маннык иһити оҥорооччуларынан Терехова Матырыана уонна Аана эмээхситтэр эбиттэр. Матырыана эмээхсин туойу Саҥаартан аҕалан оҥорор эбит. Оттон Аана эмээхсин Саҥаар олохтооҕо. Туойтан буор күөс (улахана) уонна буор көһүйэ (кырата) диэн иһиттэри оҥороллор. Кинилэр формалара — чугуун курдуктар.

Тимиринэн оҥоһуллар иһиттэр уонна туттар сэптэр

Былыргы тимир уустара Тимирдээх хайаҕа баран тимир уулларан аҕалар эбиттэр. Кинилэр тимиртэн быһахтары, сүгэлэри, батыйалары, бүргэстэри, сэбирилиэктэри, салыырдары оҥороллоро.

Маннык уустарынан Уус Кириискэ, Өндүрүөй оҕонньор, Дайыла оҕонньор эбиттэр. Саамай улахан уус Уус Кириискэ эбит. Кини игии кыырпаҕыттан саа кутан оҥорбут. Соҕуруу дойдуга көтөрү-сүүрэри атаҕыттан хабан ылар сэп баар үһү диэбиттэригэр, маннык буоллаҕына тутара буолуо диэн капкаан оҥорбут. Итини килэпси диэн ааттаабыттар. Урукку кэмҥэ уустар улахан суолтаны ылаллара. Куораты кытта сибээс мөлтөх этэ. Онон нэһилиэнньэҕэ туттар сэби олохтоох уустар оҥороллоро. Маны таһынан көмүстэн кутан оҥороллоро, атын сиртэн кэлэ сылдьар уустар улаханнык дьарыктаналлара. Итинник ууһунан Харын диэн эбит. Кини Горнайтан кэлэ сылдьара. Көмүстэн маннык иһиттэри, киэргэллэри кутан оҥорор эбиттэр: үрүҥ чаанньык, үрүүмпэ, ньуоска, биилкэ, ытарҕа, биһилэх, иэмэх. Араас иһит форматын буорга түһэрэн ылар эбиттэр уонна онно көмүһү уулларан куталлар.

Революция иннинээҕи сахалар туттар сэптэрин уонна иһиттэрин туһунан

Кэбээйи олохтооҕо Максимова Татьяна Петровнаттан суруйдум.

Кини колхозтаах, сааһа 85.

Бу туһунан 9 «б» кылаас үөрэнээччитэ Кобяков Сеня суруйдум.