Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылларын чэрчитинэн, Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнүн көрсө «Дайан» сынньалаҥ киин «Дьоллоох дьиэ кэргэн — дьоһун олох» тэрээһини тэрийэн ыытта. Тэрээһиҥҥэ нэһилиэкпит элбэх оҕолоох эдэр дьиэ кэргэттэрэ кыттыыны ыллылар, ону таһынан талааннаах ыалларбыт быыстапкалара бар дьон көрүүтүгэр турдулар.
Афанасьевтар, Аргуновтар, Павловтар, Новиковтар, Лазаревтар дьиэ кэргэттэрин хаартысканан дьүһүйүүнэн, хас биирдии дьиэ кэргэн хатыламмат ураты ис хоһоонноох олоҕун кэпсээн, чиэстээн бар дьоммутугар билиһиннэрдибит.
Оҕолорбутугар анаан «Хомуур» диэн сахабыт сиригэр айыллыбыт бэртээхэй оонньууну билиһиннэрэн оонньоттубут. Көрөөччүлэр да, оҕолор да биһирээтилэр. Онтон күн күбэй ийэлэр «Күн төгүрүк алаадьыта» алгыстаах алаадьыны астаан бар дьоннорун күндүлээтилэр. Биэс араас хаһаайка астаабыт алгыстаах алаадьыларын минньигэс сытынан кулууппут дьиэтин толорон, олус истиҥ эйгэ үөскээтэ, өйгө-санааҕа хаалар түгэн тосхойдо. Боруобалаабыт эрэ барыта иккиһин төхтөрүйэн былдьаһа-тараһа минньигэс алаадьыны сиэтибит.
Биһиги дьиэ кэргэттэрбит сөбүлээн таҥнар таҥастарын кэтэн, киэркэйэн сыанаҕа хаампыттара барыбытын долгутта. Бэлиэ күнү хаартыска хараҕар хатаан, бэлэх уунан үйэтиттибит. «Мукучу нэһилиэгэ» МТ баһылыгын солбуйааччы Елизавета Егорова хас биирдии кыттыбыт дьиэ кэргэҥҥэ эҕэрдэ суруктары онтон түөлбэ салайааччылара бэлэх эгэлгэтин туттартаатылар.
Олох төрдө дьиэ кэргэн буоларын бүгүҥҥү тэрээһин өссө ордук чиҥэттэ. Нэһилиэкпит дьиэ кэргэттэрин бар дьоммутугар билиһиннэрэр тэрээһиммит үтүө үгэскэ кубулуйан сыллата бу тэрээһиммит өссө тупсан, чочуллан, элбэх дьиэ кэргэн кыттан истин диэн баҕа санаалаахпыт.
Бука бары дьиэ кэргэттэрбитин үрдүк мэҥэ халлааҥҥа олохтоох Үрүҥ Айыы Тойоммут үтүө хараҕынан көрөн, саргылаах санаатынан салайа арыаллаатын, дьоллоох олоххо сирдээн-сиэтэн истин! Бу курдук биһиги нэһилиэккэ бигэ тирэхтээх, дьоһун олохтоох, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэрбит элбээн, кэлэр көлүөнэ ыччакка холобур буола сырыттыннар!
Вера Прокопьева, Мукучу