Саха филологическай наукатын сорох улахан суолталаах хайысхаларыгар биллэр-көстөр чинчийиилэри оҥорон, Аан дойду биллиилээх тюркологтарын биһирэбиллэрин ылбыт дьоннортон биирдэстэринэн филологическай наука доктора, сүүрбэттэн тахса сыл усталаах-туоратыгар, П. А. Ойуунускай олохтообут тыл, литература уонна устуоруйа институтун, айдааннаах 60-с сылларга эр хааннаахтык ылсан салайбыт уонна бу институту билиҥҥи таһымыгар аҕалсыбыт Евдокия Иннокентьевна Коркина диэн улахан учуонай киһи баара.
Евдокия Иннокентьевна Коркина лингвист Семен Андреевич Новгородов иккис эдьиийин Евдокия Андреевна Коркина (Новгородова, дьон үксэ кинини улахан Боккуойанан билэрэ) кыыһа этэ. Оттон мин аҕам Попов Андрей Фомич аҕата Фома Ефремович Попов (Куома оҕонньор) лингвист Семен Андреевич Новгородов улахан эдьиийин Анна Андреевна (Новгородова) Попованы кэргэн ылбыта, мин бу Анна Андреевна Попова (Новгородова) сиэнэ буолабын, кини 1922 сыллаахха ыалдьан өлөөхтөөбүтэ.
2003 сыллаахха мин эдьиийбэр Евдокия Иннокентьевнаҕа тыл көтөхтүм – таайбыт Семен Новгородов туһунан фотоальбом кинигэтин оҥоруохха сөп дуо диэн. Онуоха Евдокия Иннокентьевна сүрдээҕин үөрбүтэ уонна Новгородовтарга сыһыаннаах хаартыскалардааҕын көрдөрбүтэ. Олор ортолоругар Евдокия Иннокентьевнаны кытары (хаҥастан уҥа) Пантелеймон Тулааһынап, Леонид Попов, Софрон Данилов, Николай Якутскай, Евдокия Коркина, Дмитрий Таас уонна Тимофей Сметанин олорор хаартыскаларыгар кэтиллэ түспүтүм.
– Эдьиий, бу туох сабыытыйанан сибээстээн түспүт хаартыскаҕыт буоларый? Бу Тимофей Сметанин олорор эбит дии, – диэтим.
Онуоха Евдокия Иннокентьевна маннык ис хоһоонноох хоруйу биэрбитэ:
– Сэмэн, бу улахан устуоруйалаах хаартыска диэхпин сөп. Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланаатын кытары – тыыл уонна фроннар бииргэ буолууларын хааччыйар, ону тэрийэр сорук хомсомуол уобаластааҕы кэмитиэтигэр сүктэриллибитэ. Оччолорго мин пропаганда отделын үлэтин сүрүннүүрүм. Инньэ гынан – Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун дьоннорунуун сүбэлэһэн – өрөспүүбүлүкэ араадьыйатынан – литературнай биэриилэри тэрийэр уонна ону тохтоло суох үлэлэтэр бөлөҕү тэрийбиппит. Түөрт сыл устата үтүмэн үгүс айымньылар, хоһооннор, фронтан кэлэр сэриилэһэ сылдьар суруйааччыларбыт хоһоонноро ааҕыллыбыттара, кинилэр хаан-уруу дьонноругар суруктара харыыта суох бэриллибитэ – патриотическай улахан суолталаах хамсааһын, тэрээһин олохсутуллубута, ону дьон-сэргэ үчүгэйдик ылыммыта, фронт уонна тыыл биир санааланыылара оччолорго сүрдээх улахан оруолламмыта. Онно бииргэ үлэлээбит-хамнаабыт кэммит кэрэһитинэн бу эрэ хаартыска ордон хаалбыта буолар. Оччолорго, сэрии саҕана, бары боппуруос, бары дьаһал – Байыаннай бириэмэ сокуонугар бас бэринэрэ.
Ким өй укпута буолла бииргэ үлэлээбит дьоммутун кытары фашистскай Германияны кыайыы буолбутун кэннэ, арааһа, ыам ыйын бүтүүтүн диэки быһыылааҕа, өйдүү-саныы сылдьарга диэн – бу хаартыскаҕа түспүппүт. Биһиги оччолорго өрөспүүбүлүкэтээҕи литературнай биэриилэрбит устуоруйата үөрэтиллибэккэ, бэчээккэ киэҥник суруллубакка хаалла. Дьиҥинэн эттэхпинэ, Саха сиригэр Аҕа дойду Улуу сэриитин устуоруйатын үөрэтиигэ биһиги киллэрбит кылааппыт ахтыллыан, чинчиллиэн сөп этэ. Үтүмэннээх үлэ үлэлэммитэ.
Евдокия Иннокентьевна Коркина мин ыйытыыбар биэрбит хоруйа, сүнньүнэн эттэхпинэ, ситигирдик.
Мин бу хаартысканы Е.И. Коркинаттан ылан, Кэбээйигэ Тимофей Сметанин үбүлүөйүгэр бара сылдьан көрдөрбүппүн сонно тута хаартыскаҕа түһэрэн ылбыттара. Бу хаартыска «Тимофей Сметанин: фотографии и документы» диэн аатынан «Члены литературного объединения при Горкоме ВЛКСМ. 1946 г.» диэн бэлиэтээһиннээх бэчээттэммитэ.
Хайа баҕарар докумуон, хаартыска тиксэрэр дуу, булбут дуу киһилээх буолар. Оччотугар ис хоһооно дириҥиир, историческай чахчыга чугаһыыр, чуолкайдыыр соруга чопчуланар. Евдокия Иннокентьевна Коркина профессор бу хаартыскаҕа олус улахан суолтаны биэрэр эбит этэ. Мин кими даҕаны хомуруйбакка туран манныгы этэбин – биһиги, кыраайы үөрэтээччилэр, чинчийээччилэр, хомуйааччылар, хаартыскалар суолталарын суолларын-иистэрин чуолкайдык ыйарга кыһаллыах тустаахпыт. Бу этэр хаартыскам, дьиҥинэн эттэххэ, биһиги Сахабыт сирин Аҕа дойду Улуу сэриитин кытыан кыһалҕатын, оччотооҕу ыар-нүһэр, күчүмэҕэйдэрдээх кэриэс-хомуруос кэрэһитэ-туоһута буоларын умнуо суох тустаахпыт.
Бу хаартыскаҕа суруйааччы-фронтовик Тимофей Сметанин арааһа, тиһэх төгүлүн суруйааччы доҕотторунуун түһүспүт быһыылаах, кини атырдьах ыйыгар фроҥҥа сылдьан ылбыт бааһырыытыттан өлөөхтөөтөҕө дии… Онон бу хаартыска – олус киэҥ тардыылаах, устуоруйалаах эбит диэн бигэтик өйдүүрбүт наада. Онон сибээстээн манныгы этэбин: Бу этэр кинигэбитигэр хайдах даҕаны киэҥник тэнитэн суруйар-билиһиннэрэр кыаллыбата көстөн турдаҕа дии, онон кылгас информация бэриллибитэ сөптөөх. Инникитин манныктыҥы таһаарыылар оҥоһулуннахтарына, бу мин быһаарыыбын киллэрэр буоллар – бу суос-соҕотохтуу ордон хаалбыт олус суолталаах хаартысканы ким, туох киһи ууруна сылдьыбыта чуолкайданыа, киэҥник сырдатыллыа дии саныыбын.
Ааспыт олох кэрэһиттэрэ – хаартыскалар. Чопчу бу хаартыска миэхэ тиксибит устуоруйатын кылгастык билиһиннэрэбин, кыраайы үөрэтээччилэр даҕаны мин этэрбэр сөбүлэһиэхтэрэ дии саныыбын.
Хаартыскаҕа: хаҥастан уҥа олороллор: Пантелеймон Тулааһынап, Леонид Попов, Софрон Данилов, Николай Якутскай, Евдокия Коркина, Дмитрий Таас уонна Тимофей Сметанин.
Сэмэн Тумат, саха норуодунай суруйааччыта.