Биир дойдулаахтарыгар күүс-көмө буолаллар

Бүгүн Куокуй нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатын уонна культура киинин эр дьоно быстах мобилизацияҕа ыҥырыллан суорума суолламмыт биир дойдулаахпыт Денис Юрьевич Семенов дьиэ кэргэнигэр муус ылан тута дьиэлэригэр киллэрдилэр. Уопсайа биир трактор, 7 эр бэрдэ үлэлээтэ.

Даҕатан эттэххэ, быстах байыаннай дьайыыга сылдьар, кыттыбыт уолаттарбыт дьиэ кэргэттэригэр көмө быыстала суох оҥоһуллар. Ол курдук, биирдиилээн уолаттарбытыгар нэһилиэк дьоно-сэргэтэ үп-харчы хомуйан туһааннаах бырааһынньыктарга анал баһыылкалары, кэһии оҥорон ыыппыппыт. Маскировачнай сетка өрүүтүгэр, блиндажнай чүмэчи оҥоруутугар, гуманитарнай көмө хомуллуу акцияларыгар өрүүтүн көхтөөхтүк кыттабыт.

Хас биирдии уол дьиэ кэргэнигэр олохтоох дьаһалта болҕомто уурар. Ол курдук, өрүүтүн бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээн, туох кыһалҕа баарынан күүс-көмө, сүбэ-ама оҥоһуллар.
Өрүү маннык бииргэ буолуоҕуҥ! Этэҥҥэ чэгиэн туругу, тахсыылаах үлэни баҕарабын!

Надежда Илларионова