Николай Лугинов
Былыр былыргыттан
Көмүс хатырыктааҕынан аатырар
Күндээдэ Улуу эбэлээх
Тыайа нэһилиэгиттэн төрүттээх
Аар саарга аатырар суруйааччы
Ытык — мааны киһибит
Николай Алексеевич Лугинов
Өрөгөйдөөх бэлиэ сылыгар
Төрүт буоругар ыалдьыттыыр.
Одун хаан оҥоһуутунан
Чыҥыс хаан ыйааҕынан
Уһун Дьурантаайы суруксуттаах
Айар бөрүөлүүн доҕордоһон
Кэрэхсэппит кэпсээннэригэр,
Сээркээн сэһэннэригэр,
Кэккэлээбит кинигэлэригэр,
Куппутун туттарабыт,
Сүрбүтүн ситимниибит.
Киэҥ сирдэри баһылаан,
Нэлэмэн сирдэри кэрийэн,
Арбанай, сүүнэй, мэҥэнэй сэриилэрэ
Чахчыларга олоҕуран
Арылхайдык ойууланаллар.
Буойун — поэт убайбыт
Тимофей Егорович Сметанин
100 сааһыгар анаммыт
Үйэлээх Көмүс кинигэҕэ
Николай Лугинов
Улуу талааҥҥа сүгүрүйэн,
Алгыстаах Аан тылы аһан
Таһаартарбыт үтүөлээх.
Ханнык баҕарар сир
Төрөппүт оҕотун ахтар, кэтэһэр.
Дойдутугар кэллэр эрэ
Минньигэс аһынан — үөлүнэн.
Бойум булдунан, эмис соботунан
Күндүлүүр — маанылыыр,
Өбүгэлэрин сырдык сылаас тыына
Арчылыыр, араҥаччылыыр!
Венера Лугинова