Саха уус-уран литературатыгар айар тыл аҕата Өксөкүлээх Өлөксөй саха уолун дьылҕатын, аҕа уобараһын арыйан көрдөрбүтэ күн бүгүн сытыы, актуальнай. Былыр былыргыттан эр киһи, аҕа ыал олоҕор баһылыыр-көһүлүүр улахан суолтаны ылар. Аҕа эппитэ энчирээбэт, утары этиллибэт, тыла-өһө ыйааһыннаах буолара. Аныгы үйэ дьоно олохсуйбут сиэри-туому тутуспат, аҕаны ытыктаабат
буоллубут. Аҕа үрдүк аатын намтатар, эр киһини ситэри өйдөөбөт түгэннэр олохпутугар тахса тураллар. Онон сиэттэрэн, саха норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов “Үрдүк Арыылар” сэһэнигэр аҕалар уобарастарын ырытан сырдатар тоҕоостоох дии саныыбын.
“Үрдүк Арыылар” сэһэн сүрүн геройа Охоноон – олох аһыытын-ньулуунун барытын билбит киһи. Эрэйи эҥэринэн тэлэн, сэриигэ баран билиэҥҥэ түбэһэн, онтон тыыннаах эргиллэн баран, дойдутугар хаалбакка хоту түһэр. Охоноон кырдьыгы өрө тутар, сымыйалыыры, киһини албынныыры сөбүлээбэт көнө киһи, өлүүнү-сүтүүнү, өстөөҕү өһөрүүнү дьиҥ олоххо көрсүбүт буолан, бэйэтэ туспа толкуйдаах, ураты көрүүлээх. Олох диэн – охсуһуу. Охоноон дьолун, тапталын туһугар туруулаһан охсуспатаҕа – бу кини соро-муҥа. Дьол… дьоллоох диэн өйдөбүл Охонооҥҥо саллар-сааһын тухары ситтэрбэтэҕин ааҕаммын, саха дьахтара буоларым быһыытынан хараастабын. Кини олоҕор, дьылҕатыгар толору уоскуйуу, уу-нуурал, нуһараҥ суох… Охоноон мэлдьи ситиспэтэҕин ситиһиэн, толорботоҕун толоруон олус диэн баҕарар, сүрэҕэ-быара туоххаһыйан, дьиҥнээх олох амтанын билбитим буоллар дии саныыр.
Сэһэн сүрүн геройугар Охонооҥҥо эмээхсинэ уонна кийиитэ сыһыаннара тоҥуй. Охоноон ньиэмэс билиэнигэр, концлагерьга сылдьыбытын иһин улахан буруйдаах курдук сананар. Сэриигэ сылдьыбытын туһунан докумуонун туруорсубакка, сэрии бэтэрээнэ диэн чиэскэ-бочуокка тиксибэккэ, олоҕун моҥуур. Кийиитэ: “… Хата, оттон ветеран оҕонньордоох ыаллар арааһы барытын туһаналлар дии. Онтон биһиги тоҕо матабыт?” — диэн эппитин Охоноон сөбүлээбэт. “Үтүө айылаахтар бэтэрээннэрин туһанан көннүлэр ахан. Оҕолоруҥ тустарын саныыр да буолбаккын,” — диэн эргэ уопсай дьиэҕэ олороллорун иһин эмээхсинэ Охоноону мэлдьи сулуйар. Биир өттүнэн ылан көрдөххө, кырдьык даҕаны, Охоноон – тутуу маастара, өссө сэрии кыттыылааҕа. Ону салайар, улахан дуоһунастаах дьон аахайбатахтар… Маннык хаҕыс сыһыан дьиҥ олоххо баар суол.
“Үрдүк Арыылар” сэһэҥҥэ Охоноон уонна Дмитрий Николаевич моральнай-психологическай долгуйуулара, чуолаан, ааспыт олохторун анааран көрөллөрүгэр арылхайдык көстөр. Олох… Охоноонноох Миитэрэй олорбут олохторуттан тоҕо астымматтарый?!
Николай Лугинов “Үрдүк Арыылар” сэһэнигэр ыал аҕатыгар сыһыаны арыйан көрдөрбүтэ түбэһиэх буолбатах. Саха төрүт үгэһинэн, былыр дьиэ кэргэн аҕаларын утары көрбөттөр, өскө кини көмүлүөк оһох иннигэр олоппоско иттэ олорор буоллаҕына, кини иннин быһа хааман ааспаттар, куоластарын үрдэтэн саҥарбаттар. Сахалар кырдьаҕастарын ытыктыыллар, киниттэн толлоллор. Оттон билинни олоххо ыал аҕатыгар сыһыан уларыйда кэриҥнээх…
Айымньыга ойоҕос герой Дмитрий Николаевич Анаховы дьиэ кэргэнэ уонна кыыһа аҕа быһыытынан убаастаабаттар, кини санаатын кытта аахсыбаттар. Бэйэлэрэ эрэ үчүгэйдик олороллорун туһугар кыһаллаллар. Биир хостоох квартираны ылбытыгар өссө икки, үс хостооҕу ылбатаххын диэн аҕаларын сирэй-харах анньаллар. Дмитрий Николаевич: “Бэл, дьиэ кэргэн иһигэр эмиэ бэйэбин сатаан туруорумматаҕым түмүгэ ити баар. Ыал аҕата ааттаах киһини кыра оҕо курдук мөҥөн, саҥаран кэбиһэллэрэ абаккатын! Аны кэлэн ону хайыаҥый?! Үйэҥ тухары таммаҕынан мунньуллубуту соҕотохто кыайан иҥнэри анньан кэбиспэккин…”, эбэтэр “…мин дьиҥ иһигэр киирдэххэ дьолу, олох дьолун билбэтэх киһибин…,” — диэн кэмсинэр. Охоноон: “Киһи олоҕо дьахтартан ээ! Миитэрэй атын, сытыары-сымнаҕас, наҕыл кэргэннээҕэ буоллар…”, — диэн доҕорун аһына-харыһыйа саныыра сөптөөх дии саныыбын. Кырдьыга даҕаны, дьиэ кэргэн олоҕун ийэ иилиир-саҕалыыр эбээт…
Сэһэҥҥэ дьиэ кэргэҥҥэ эр киһини өрө туппат буоланнар, аҕа баһылык олоххо суолтата намтаабыта көстөр. Тэҥнээн көрдөххө, сэһэн геройдара маарыннаһар өрүттэрэ үгүс: оскуоланы бииргэ бүтэрбит үөлээннээхтэр, сэрии кыттыылаахтара, төрөөбүт сирдэрэ – Үрдүк Арыы. Оттон уратылара: өйдөрө-санаалара, олоххо сыһыаннара, олоҕу көрүүлэрэ, майгылара-сигилилэрэ.
Дмитрий Николаевич Анахов – сэрии бэтэрээнэ, ученай, профессор. Ол эрээри кини олорбут олоҕунан астыммат. Сыыһа дьаһал буоларын билэ-билэ толорон испит, толоругас саллаат буолан, үгүс алҕаһы, буортуну онорбуппун диэн билинэр. Миитэрэй киһи быһыытынан судургу, киэҥ-холку майгылаах, ол иһин да “наука саллаата” эрэ буолар. Кэлин кини: “…наукаҕа саллааттаабакка дьиҥнээх толкуйдаах, дириҥ ыллыктаах, өйдөөх-санаалаах ученай буола сатыах баар эбит,” — диэн өйдүүр. Оттон Охоноон сааһыран баран, кэтэхтэн үөрэнэн инженер дипломун ылбыта да, тус кыаҕын сатаан туһамматаҕа. Тыа сиригэр тутууга прорабынан, биригэдьииринэн үлэлээбитэ. Охоноон:
“Мин диэн хара үлэһит буоллаҕым”, — диэн кэмчиэрийэ этинэр. Кини киэҥ билиилээх, уһулуччу дьоҕурдаах эрээри, олоххо харгыстары көрсөн, билиэҥҥэ сылдьыбытын бэйэтин буруйунан ааҕан, эдэр сааһыгар төрөөбүт дойдутуттан тэлэһийэр, олоҕун санаатын хоту оностубат.
Охоноонноох Миитэрэй олох эриирин-мускуурун эттэринэн-хааннарынан билбит буолан, бэйэ-бэйэлэрин өйөнсөллөр, олоҕу сыаналыыллар, туора киһи кыһалҕатын өйдүүллэр, дьиэлэригэр-уоттарыгар, оҕолоругар-урууларыгар истиҥ-иһирэх сыһыаннаахтар. Кинилэр – үйэлэр тухары дойду, норуот туһугар турууласпыт үтүө дьон, холобур буолар бастыҥ аҕалар.
Анааран көрдөххө, аҕыс иилээх-саҕалаах, атааннаах-мөҥүөннээх аан ийэ дойдуга киһи айылҕаны кытта алтыһан олордоҕуна эрэ толору дьоллонор. Ол иһин сэһэн сүрүн геройугар Охонооҥҥо сааһыы тахсара – дьол. Үрдүк Арыы – дьикти сир. Онно тиийбит киһи, автор этэринэн, “иирбэ-таарба проблемалартан куотуох эбит”. Охоноонноох Миитэрэйи биир сүрүҥҥэ түмэр – төрөөбүт сирдэрэ Үрдүк Арыы. Аар айылҕа барахсан киһи аймахха өрүүтүн абырал буолар, уоскутар, сынньатар, сылааһынан угуттуур, кутун-сүрүн эмтиир, этин-сиинин чөлүгэр түһэрэр. Сэһэн геройдара Охоноон уонна Миитэрэй, дьиэҕэ-уокка олохторо сатамматах, сылаас-сымнаҕас сыһыаны билбэтэх дьон, быыһанар сирдэрэ – Үрдүк Арыы.
Түмүктээн эттэххэ, саха норуодунай суруйааччыта Н.А. Лугинов “Үрдук Арыылар” сэһэнэ биһигини олох туһунан толкуйдатар, олоҕу атын харахпытынан көрөргө үөрэтэр, эр киһиэхэ, аҕаҕа амарахтык сыһыаннаһарга такайар сүҥкэн суолталаах. Кырдьыга да, олох диэн – күндүттэн күндү. Киһи күн сиригэр биирдэ олорор. Дьэ, ол иһин олоҕу таптыы, хас биирдии түгэни сыаналыы үөрэниэххэ, саҥа тахсар күнү үөрэ көрсүөххэ, чугас дьоммутун харыстыахха. Туску!
Светлана Самсонова-Сиибиктэ, суруналыыс