Кэбээйи нэһилиэгэ төрүттэммитэ 385 үбүлүөйдээх сылын чэрчитинэн сынньалаҥ паркатыгар биир бэлиэ тэрээһин буолан ааста.
Үөрүүлээх тэрээһини нэһилиэк баһылыга Илья Иванович Левин, бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Е.А. Павлов эҕэрдэ тылларынан астылар. Салгыы Е.Е. Эверстов аатынан орто оскуола иһинэн тэриллибит «Тэбэнэт» оҕо тыйаатыр куруһуогун оҕолоро (салайааччы А.П. Терехова) «Кэбээйи» литературнай монтаж хоһоон аахтылар.
Саҥа үлэҕэ киирбит сынньалаҥ паркатыгар «Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас» сылларынан сибээстээн, ыал олоҕо туруктаах, уйгулаах буоллаҕына судаарыстыба кыаҕырар, сайдар диэн санааннан салайтаран нэһилиэк элбэх оҕолоох ыалларын түмэ тардан мас олордуутун үөрүүлээх, үйэлээх түгэнэ буолла. Элбэх оҕолоох Павел, Ирина Кычкиннар, Виктория, Андрей Ефимовтар, Василий, Ангелина Софронеевтар оҕолорун кытта кэлэннэр үйэлээх мастары саҥа сиргэ олохтоотулар.
Маны кытта тэҥҥэ нэһилиэк аҕам саастаахтара үүнэр ыччакка үтүөнү түстээн, кэлэр көлүөнэҕэ кэрэни кэрэһэлээн эмиэ ыччат мастары олортулар. Ону сэргэ орто оскуола биэс туйгун үөрэнээччилэрэ биирдии маһы олордор үрдүк чиэскэ тигистилэр.
Салгыы үүнэр ыччакка аҕам саастаах дьоннорбут кэс тылларын анаан суруйбут «Өйдөбүнньүк кэм капсулатын» олус долгутуулаах, ол эрэн элбэҕи эрэннэрэр баҕа санаалаах, аны 15 сылынан, ол эбэтэр нэһилиэкпит 400 сылыгар таһааран ааҕардыы, анал сиригэр түһэрдилэр.
Үөрүүлээх тэрээһини култуура сайдыытын киинэ (директор Л.С. Семенова) иилээн-саҕалаан ыытта уонна олохтоох ааптардар Венера Лугинова тылларыгар, Татьяна Винокурова матыыбыгар «Кэбээйи» диэн ырыаны биир дойдулаахтарыгар бэлэх ууннулар.
Кэбээйи үбүлүөйдээх сылыгар анаммыт биир дириҥ ис хоһоонноох тэрээһин сэргэхтик ыытыллан дьон-сэргэ өйүгэр хатанна.
Татьяна Максимова-Лазарева