Волонтердар ыҥырыыларын өйөөн

Дойду үрдүнэн «Блиндажная свеча” ааксыйа биллэриллэн Кэбээйи нэһилиэгэр бу тэрээһини хамсатааччынан СӨ «Үрүҥ көмүс” волонтер доброволецтарын Молоды душой” Региональнай киинин иһинэн тэриллибит Үтүө түгэн (сал. Максимова Т.Д.) түмсүү буолла. Бу түмсүү өссө сайын маннык чүмэчилэри оҥорон анал дьайыы толоонугар ыытан тураллар.

Үтүө түгэн «Үрүҥ көмүс» волонтердар

Түмсүү салайааччыта Татьяна Давыдовна нэһилиэгин дьонун-сэргэтин оскуола оҕотугар тиийэ бу хамсааһыҥҥа кытталларыгар анаан туран чүмэчини оҥоруу ньымаларын инникиттэн билэр, сатыыр буолан, ону сэргэ тэйиччи олорор чүмэчи оҥорор маастардартан сүбэ-ама ылан маастар кылаас устан тарҕаппыта. Бу ыҥырыыны уонна маастар кылааһы Кэбээйи нэһилиэгин олохтоохторо эрэ буолбакка өрөспүүбүлүкэ дьоно-сэргэтэ өйөөтүлэр уонна маастар кылааһын туһаннылар.

Е.Е. Эверстов аатынан Кэбээйи орто оскуолата

Күбэйэ эбээлэр түмсүүлэрэ

Күбэйэ эбээлэр түмсүүлэрэ

Үтүө түгэн түмсүүлэр бэйэлэрэ 66 устуука блиндажнай чүмэчини Дьокуускай куоракка тутар пууҥҥа илдьэн туттардылар. Онтон сорох чүмэчилэрин кытта, кылынан хатыллан оҥоһуллубут угунньалары, халыҥ наскылары нэһилиэктэригэр анал дьайыыттан уоппускаҕа кэлбит байыастарга бэлэхтээтилэр.

Кэскил оҕо уһуйаана

 

Кэскил оҕо уһуйаана

Кэбээйигэ бу ааксыйаҕа кыттыстылар «Кэскил оҕо уһуйаана (Дьяконова Н.Ю.),  Кобякова С.Н. салайааччылаах дьүөгэлиилэр түмсүүлэрэ, эдэр ыччаттар түмсүүлэрэ (Лепчикова Т.П.), Е.Е.Эверстов аатынан орто оскуола кэллэктиибэ, уруһуй уонна технология учуутала Туяра Олеговна Дьячковская салайыытынан 6 “б” кылаас үөрэнээччилэрэ (Зыкова М.И.), “Күбэйэ” эбээлэр түмсүүлэрэ (Софронеева Е.К.), Сахатранснефтегаз” Кэбээйитээҕи учаастага (Стручков С.К.). Онон нэһилиэк үрдүнэн 400-чэкэ блиндажнай чүмэчи оҥоһуллан анал дьайыы толоонугар көмөҕө барарга ананан туһааннаах сиргэ туттарылынна.

6 «б» кылаас

6 «б» кылаас

6 «б» кылаас уонна эдэр ыччат түмсүүтэ

Үтүө түгэн «Үрүҥ көмүс» волонтердар

Дьүөгэлиилэр түмсүү, салайааччы Кобякова Софья Николаевна

Е.Е. Эверстов аатынан Кэбээйи ото оскуолата

Аны билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үлэлии турар “Якутия с тобой!” уопсастыбанай хамсааһын ыҥырыыта биллэрилиннэ. Анал дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар айылҕа көстүүлэрэ кэккэ моһоллору үөскэтэн эрэллэринэн диэн инчэҕэй хаартан көмүскэнэргэ анаан сезоннай таҥастары тигии саҕаланна. Ол эбэтэр плащ-палаткалар, дождевиктар, эрэһиинэ саппыкылар курдук сииктэн, хаартан көмүскүүр таҥастар наада буоллулар.

Күндү биир дойдулаахтарбыт, бу үөһээ этиллибит олус наадалаах, туһалаах көмүскэл таҥастары суһал соҕустук дьаһанан тигэн ыытаргытыгар ыҥырабыт.

Татьяна Максимова-Лазарева

Читайте дальше