Балаҕан ыйын 19 күнэ — Кэриэстэбил күнэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит устуоруйатын биир саамай ыарахан, сүрэх баастаах дьаһалынан, Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Чурапчы оройуонун холкуостарын хоту Булуҥҥа, Кэбээйигэ, Эдьигээҥҥэ күүс өттүнэн көһөрүү сыллара буолаллар.
Ол курдук, 1942 сыллаахха Чурапчы оройуонуттан уопсайа 41 холкуос көһөрүллүбүтүттэн 38-һа Кэбээйи улууһугар кэлбитэ. Сорох холкуос Булуҥҥа уонна Эдьигээҥҥэ ааспыт. Кэбээйигэ айан олус ыар этэ, дэһэллэр көһөрүллүү кыттыылаахтара. Ол эбэтэр, туох даҕаны бэлэмэ, сылаас таҥаһа, аһа-үөлэ суох дьону өрүс кытылыттан ыраах салгыы айаннаппыттара.
Оччотооҕу салалта көтүмэх сыһыаныттан, чурапчылары олорорго, үлэлииргэ туох даҕаны бэлэмэ суох сирдэргэ ыыппыттара. Бу күүс өттүнэн көһөрүүгэ биһиккэ сытар оҕолуун-уруулуун, кыаммат кырдьаҕастыын барыта 5318 киһи барбыта уонна айан саҕаланыаҕыттан 2000-тан тахса киһи ыалдьан, хоргуйан өлөн, дойдуларыгар эргиллэр дьылҕаламматахтара. Бу өлбүт дьонтон бэрт ахсааннаахтарын уҥуоҕа киһилии хараллыбыта… Өйдөөҥ дуу, эдэр көлүөнэ ыччаттар бу саха норуотун бүттүүнүн ыар баттыга, трагедията!.. Ону хаһан даҕаны умнар эрэ буолумаҥ! Ааспыт ахтылыннын, урукку умнуллубатын! Ийэ сирбитигэр ыраас халлаан, үрүҥ күммүт өрүү чэмэличчи тыктын!»Умнуллубатын, хаһан да хатыламматын!”, — диибит биһиги, ХХI үйэ дьоно.
Сыл ахсын Кэриэстэбил күнэ Сииттэ нэһилиэгэр бэрт тэрээһиннээхтик ыытыллар. Оскуола оҕолоругар миитин, «Арыылаах», «Токой» учаастактарыгар өйдөбүнньүк бэлиэҕэ сүгүрүйэн ахтан санаан ааһар биһиги ытык иэспит. Оскуола оҕолоро Дьяконова Ника, Николаева Дайаана хоһоон аахтылар. Оскуола саха тылын учуутала Мария Александровна Яковлева кылгастык көһөрүллүү туһунан сырдатта. Чурапчыттан төрүттээх Татьяна Васильевна Герасимова дьонун туһунан ахтыы оҥордо. Роман Игнатьевич Попов ол иэдээннээх сылларга сырдык тыыннара быстыбыт чурапчылар дууһаларын уоскутан алаадьылаах арыыннан айах тутта. Мустубут дьон кэриэстээн сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
Мария Обутова, Сииттэ нэһилиэгэ.