Тыайаҕа сонун ыалдьыттар

Кэбээйи нэһилиэгэр «Харыстаана» мал мунньар түмсүү баарын өссө ааспыт сылга истибиппит. Бу түмсүү Аан дойдуну анааран, устуоруйатын үйэтитэн, кэнчээри ыччакка олох сайдыытын устуоруйатын кэпсиир,  хаалларар үгүс үлэни кылгас кэм иһигэр тэрийэн ыытарын туһунан, Тыайаҕа кэлэн көрдөрдүлэр уонна опыттарыттан үллэһиннилэр. Зоя Яковлевна Сметанина салайар»Харыстааналар» Тыайаҕа П.Д. Степанов аатынан улуустааҕы түмэл экскурсовода Айталина Анатольевна Максимова салалтатынан кэлэ сырыттылар. Бу сырыылара республикабытыгар Оҕо сыла биллэриллибитинэн, кэлбит ыалдьыттарбыт аҕалбыт маллара оҕо сааска анаммыт.

Манна саамай аҕа саастаахтарынан ветеран учуутал Валентина Николаевна Тимофеева сырытта. Үгүс оҕону билиигэ сирдээбит, нуучча тылын учуутала, оҕо эрдэҕиттэн харыстанньаҥ майгытынан, тугу сонурҕаабытын мунньан иһэр дьарыктааҕынан улаханнык сөхтөрдө. Мунньар малыгар оҕо сааһын открыткаларыттан саҕалаан,  космонавтика туһунан кэпсиир малларга тиийэ баар эбит. Онтон Александра Тихоновна Сивцева элбэх малыттан ордук олус элбэх харчытын альбомнарынан сөхтөрдө. Кини дьиэҕэ эрэ мунньуунан муҥурдаммакка, атын дойдулары кэрийэр, тэрээһиннэргэ ситиһиилээхтик кыттар, дьиҥнээх коллекционер эбит. Иитээччи идэлээх, хомоҕой хоһоонньутунан биллэр Нюргустаана Ивановна Дьяконова-Таана оҕо оонньуурдарын, оскуолаҕа туттар малларын көрдөрөн, оҕо сааспытыгар тэһэрэн ылла. Ордук ручкаларын көрөн хайҕаатыбыт.

Биир дойдулаахпыт, Кэбээйигэ олохсуйбут Сардаана Алексеевна Лугинова саҥа саҕалаан эрэр мунньааччы интэриэспитин тарта, кини дьонун малын үйэтитээри саҕалаабытын хайгыы көрдүбүт. Киһи доҕоро ыты, эҥинэ бэйэлээх тааһынан оҥоһуллубут уучуутал Мая Анатольевна уонна араас дьикти оҥоһуктаах куоскаларын таптыы сэһэргээтэ Айталина Анатольевна Максимова. Кэлбит ыалдьыттарбыт олохтоохтор мунньар малларын сэргии көрдүлэр. Манна Валентина Алексеевна Полятинская Тыайаҕа баанан кэлбит газовай былаатыттан саал, улахан былааттарга тиийэ уонна былааттарыгар холбуу түөскэ анньынар киэргэллэри мунньарын хайҕаатыбыт. Евдокия Николаевна кыыһа Александра Петровналыын тимэхтэрэ, тупсаҕай оҥоһуулаах мал угардара, магниттара, Мария Петровна Кондакова чуораанчыктара, Матрена Григорьевна Россия историятын бэлиэлэрэ, Мария Яковлевна араас көрүҥнээх бытыылкалара, харчылара, Татьяна Павловна Совет кэминээҕи харчылара дьон интэриэһин тартылар.

 

 

Тэрээһин төгүрүк остуол тула олорон опыт атастаһыынан, нэһилиэги көрүүнэн түмүктэннэ.

Олох устуоруйатын кэрэһэлиир малы мунньуу дьарыга инникитин даҕаны дьон көҕүн ылыа, инники олоҕу салгыы сэһэргии туруо диэн сыаналаатыбыт

Екатерина Архипова.