Тыайаҕа бал-маскарад

Тыайа нэһилиэгэр араас хайысхалаах үгүс тэрээһиннэр өрүү ыытыллаллар. Ол курдук, биир улахан тэрээһин ахсынньы  13  күнүгэр Тумсүү” сынньалаҥ киинигэр «Холумтан» түмсүү «Рождественский серпантин» диэн ааттаах, Кэрэ эйэни кэрэһэлиир” диэн соругунан олус интэриэһинэй, көрдөөх-нардаах киэһэни бэлэхтээтэ. Бу түмсүү  2022 сыл муус устартан тэриллэн үлэлиир.  Салайааччынан СР үөрэҕириитин  туйгуна,  Ил Дархан  Гранын хаһаайката,  32  сыл устата оҕону иитиигэ —  үөрэтиигэ улэлээбит учуутал Екатерина  Яковлевна  Архипова  таьаарыылаахтык үлэлии сылдьар.

Тэрээһин ирдэбилэ: XIX үйэтээҕи бал көстүүмэ,  үҥкүүтэ. Балга барар баҕалаахтар хас да күн инниттэн таҥас оҥостуутун, тиктиитин сүпсүлгэнэ буолбуппут. Бал буолар чааһыгар саҥалыыттан киэргэнэн, күлүмүрдүү – чаҕылыҥныы турар кулууппутугар киирдибит. Тэрээһиҥҥэ кытта кэлбиттэр «Иэйии»  ийэлэр түмсүүлэрэ,  куруук көхтөөх «Чуораанчык» детсад коллектива уонна «Алаас» эбээ түмсүүтэ, Н.Х. Дьяконов аатынан оскуола коллективыттан.

Бастаан балга ыҥырыы открыткаларынан ыытылларынан, XIX-с үйэ открыткаларын түҥэттилэр уонна экраҥҥа ол кэм буочарын көрдөрдүлэр. Биһиги бу открыткалар кэннилэригэр эҕэрдэ суруйдубут. Ордук майгынныыр буочары Светлана Владимировна Дьяконова, Прасковья Алексеевна уонна Анна Алексеевна Иванова буоллулар. Онтон музыканан  доҕуһуоллатан дьоро киэһэ хаһаайыттара, оччотооҕуга французскай тыл кэмэ буоларын бэлиэтээн, французскай тыллары кыбытан бал кыттыылаахтарын эҕэрдэлээн,  махтанан  бал аһыллыбытын биллэрдилэр. Саастаах дьон быһыытынан, «Алаас»  түмсүү эбээлэрэ краковьягы үнкүүлээн  балы саҕалаатылар. Эдэрдэр эбээлэртэн үөрэнэн,  бал  саҕаланар  үнкүүтэ тэтимнээх,  көхтөөх буолла. Салгыы дворянскай бултуур дьарыктан  ох саанан ытыы, дротик  быраҕыы күрэстэрэ тэрилиннилэр. Ох саанан ытыан,  дротигынан быраҕыан  баҕалаах  элбэх буолла. Оҕунан ытыыга Светлана Владимировна Дьяконова, дротигынан Маргарита Даниловна Петрова тэҥнээхтэрин булбатылар.

Итинтэн салгыысвятки” алыптаах түгэннэриттэн карточкаларынан, кумааҕынан таайыылары сэҥээрдибит.  XIX үйэтээҕи биллиилээх  уруһуйдьуттарбэйэлэрин  кэминээҕи олохтон хартыыналарын  көрөн, үтүктэн көрдөрөн  баран, салгыы хайдах, туох буолбута буолуой диэн  сабаҕалаан  инсценировкалаан көрдөрбүттэрэ олус табыллыбыта.  Алаастүмсүү кыттыылаахтара  кыыс  оҕо балга бастакы барыытын, ким  эрэ кэрэни ыраланан түннүгүнэн одуулаан турарын,  кыра кыыс балга барар тэриллиини көрө сылдьан сайыһарын, бал  кэмигэр эдэрдэр алтыһыыларын,  үнкүү туһунан көрдөрүү  түһүмэҕин Светлана  Владимировна  Дьяконова  кэпсээбитэ, кыттар дьонун салайан  көрдөрбүттэрэ  олус табыллыбыта. Араас оонньууну тэрийэн,  көрү  көҕүлүттэн  туппуппут.

Ол курдук,   Мирослава Семеновна  утулуктээх таҥыннарыытын,  Венера  Егоровна  быа былдьаһыытын,  Майя  Семеновна  карточканы мурун,  уос икки ардыгар кыбытан бэрсии курдук оонньуулары тэрийбиттэригэр оонньоон бары  оҕо  курдук үөрбүппүт-көппүппүт.  Бу кэнниттэн Зинаида Павловна Шамсутдинова кураанах билиэтэ суох үрүҥ көмүс лоторея оонньоппута.  Таҥас  — сап  күлүмүрдээн,  быһыы  — таһаа кэрэтэ,  бары даҕаны чахчы оччотооҕу  кэм кыргыттарын,  саастаахтарын курдук санаммыппыт.  

Ол курдук, “Холумтаннарбэйэлэрин таҥастарын оҥостубуттара олус кыраһыабай этэ. Манна  баара  кырсаҕа – саһылга сууламмыт  Зинаида  Павловна, эриэккэс быһыылаах сэлээппэлээх Варвара Ивановна, солко, паеткалаах таҥаһынан тиктибит бальнай былаачыйалаах кыргыттар,  оччотооҕу  кэм төбөҕө  кэтэр сэлээппэлэрэ, куорсуннаах киэргэллэрэ, ийэлэр “Иэйии” түмсүүтүн былаачыйалара, прическалара, киэргэллэрэ барыта ситэри  — хотору курдуга. Куораттан күүлэйдии кэлэ сылдьар балтыбыт  Анна  Григорьевна Лугинова, Диана Николаевна Николаева, Прасковья  Федоровна Дьяконова,  Вера Васильевна Федорова,  Софья Васильевна Семенова, былаачыйалара үчүгэйэ, тутталлара – хапталлара имигэһэ, киһи эрэ кэрэхсии көрөн олоруох кэрэлэр. Эдэркээн учуутал кыыспыт  Милена Михайловна,  саха тылын учуутала  Вера  Васильевна барыбытын  эҕэрдэлээн, кэрэ куоластарынан ыллаабыттара үчүгэйин эриэхсит. Барарбытыгар үксүбүт үрүҥ көмүс сүүйүүлээх,  хрусталь ваза, сыаналаах бириис бэлэхтэрдээх тэрийбит түмсүү коллективыгар махтанан тарҕаспыппыт.  

Инникитин даҕаны, түмсүүлэр,  тэрилтэлэр коллективтара,  нэһилиэкпит олохтоохторо, олохпут сэргиирин,  сайдарын туһугар араас көрүҥнээх  үлэҕэ, өрүү да буоларыныы, көхтөөх  буолуоҕуҥ.

«Алаас»  түмсүү салайааччыта М.М. Дьяконова