Тыайа түмэлигэр булчут үүтээнэ арылынна

Тыайаҕа түмэл үлэтэ өссө 1954 сыллаахха саҕаламмыта. Оччолорго оскуола дириэктэрэ Архип Данилович Аргунов үөрэнээччилэри кытта нэһилиэк устуоруйатын, өбүгэ уран оҥоһуктарын үгүһү хомуйбуттара. Бу хомуллубут экспонаттары Кэбээйи нэһилиэгэр аһыллыбыт түмэлгэ туттарбыттара.

Бу кэннэ, оҕо аймаҕы ийэ дойдуга бэриниилээх буоларга иитэргэ анаан, оскуола бибилэтиэкэрэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Мария Михайловна Дьяконова 2007 сылтан куруһуок үлэлэтэн, кэлин «Түмсүү» култуура киинин хоһугар П.С. Софронеев аатынан түмэли дириҥ ис хоһоонноох үлэлэтэн кэллэ. Бу сыллар тухары араас хабааннаах үлэни тэрийдэ. Билигин сайдыыга сирдиир биллиилээх дьоммутугар аналлаах улахан искиэр тутуутун түмүктээн эрэрэ даҕаны элбэҕи кэпсиир.

Бу кэмҥэ түмэли улаатыннаран, биир комплекс тэриллэ сылдьар. Баар ититиллибэт дьиэҕэ булт салаата оҥорор былааммын бастаан кэнчээри ыччакка үтүө холобур буолар дьоммутуттан, нэһилиэкпитигэр ытыктанар чулуу үлэһит, тыыл, улэ, тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ, 1947 сыллаахха»Чулуу булчут» аатын ылбыт, илиинэн оттооһуҥҥа өрөспүүбүлүкэ рекордсмен отчута, үлэҕэ социалистическай куоталаһыы хас да төгүллээх кыайыылааҕа, Комсомол Киин Комитетын «Үлэҕэ килбиэнин иһин», «За развитие Кобяйского улуса» бэлиэлэр хаһаайына, Улуус бочуоттаах олохтооҕо Алексей Данилович Поповка анаатым. Павильону оҥорууга А.Д. Попов күтүөтэ Алексей Александрович Акимов уолунаан Ванялыын, Алексей Данилович туйаҕын хатарааччы сиэнэ Айсен Николаевич Попов булчут үүтээнин макетын туттулар. Кыргыттара Варвара Алексеевна Дьяконова, Мария Алексеевна Попова аҕаларын малын, үлэтинэн ситиһиилэрин туһунан кэпсиир стендэни, наҕараадаларын туруордулар, истиҥ тэрээһини бэлэмнээтилэр.

Киэн туттар киһибитинээн биир кэмҥэ үлэлээн ааспыт үөлээннээхтэрэ, саастаах дьоммут, Степан Иванович Ноговицын бииргэ бултуулларын, Татьяна Васильевна Полятинская Турбаахыга оттуулларын, Петр Васильевич Иванов өр кэмҥэ бииргэ сылгыһыттаабыттарын, «Алаас» эбээ түмсүүтүн салайааччыта Мария Михайловна Дьяконова Алексей Данилович өрүү үөрэн мичилийэ сылдьар үтүө киһи буоларын санаатылар, аҕыннылар. Кэлбит нэһилиэк олохтоохторо түмэл бу салаатын сэргии көрдүлэр, астынан тарҕастылар.

Екатерина Архипова