Тыайа нэһилиэгэр И.Р. Петровка аналлаах тэрээһиннэр

Ахсынньы 9-19 күннэригэр нэһилиэкпитигэр Педагог уонна уһуйааччы сылын түмүктүүр тэрээһиннэр чэрчилэринэн «Кэбээйибит бастакы үрдүк үөрэхтээх учуутала, ырыаһыта – Иван Петров» декада ыытылынна.
Оскуола иһинэн төрөөбүт Кэбээйитин туойбут учуутал-поэт Иван Петровка аналлаах линейка, кыра кылаас үөрэнээччилэригэр «Олоҕун кэрдииһэ – Тыайаҕа», орто уонна улахан сүһүөх оҕолоругар «Дьолу айсан, дьоҥҥо биллиҥ, дойдугутун киэркэтиҥ» кылаас чаастара, «…хойут да Кэбээйибэр Хоһоон айар буолуоҕум» айар үлэ, тылбаас күрэҕэ ыытылынна. Ону сэргэ олохтоох түмэл үлэһитэ Екатерина Архипова кыттыылаах «Эһэ хайата – И.Р. Петров олоҕун ыар кэрдииһэ» музейнай уруок үөрэнээччилэр интэриэстэрин тарта. Нэһилиэк, оскуола бибилэтиэкэрдэрэ Сюзанна Кондакова уонна Варвара Гуляева «Ырыаларбын ыллатар буо­лаар…» улуустааҕы викторинаны тэри­йэн ыыттылар. Викторинаҕа Мукучу, Чагда, Кэбээйи, Лүксүгүн, Тыайа олохтоохторо, үөрэнээччилэрэ кытыннылар.

 

 

 

 

 

«Учуутал-поэт өлбөт-сүппэт строкалара» видеороликка оскуо­ла, олохтоох дьаһалта, Кэбээйитээҕи газовай учаастак, СахаЭнерго, «Заречнай» ОДьКХ үлэһиттэрэ кыттыыны ыллылар.
«Кэнчээри» оҕо тэрилтэтэ И.Р. Петровка аналлаах папка-передвижканы, бэсиэдэни ыытта, айымньыларын билиһиннэрдэ, уруһуй быыстапката, литературнай монтаж, «Айыыда кыыс» инсценировката курдук сэргэх тэрээһиннэри ыытта.
Салгыы декаданы түмүктүүр «Кэрэ кэскил кыраай­бын Кэбээйибин туо­йабын» педсовет-конференция ыытылынна. Конференцияны оскуола дириэктэрэ Азалия Аргунова салайан ыытта. Сыала:
Кэбээйи улууһун биир бастакы үрдүк үөрэхтээх учуутала, поэта Иван Петров олоҕун, айар үлэтин киэҥ араҥаҕа сырдатыы. Манна оскуола коллектива, тэрилтэ салайааччылара, олохтоох дьаһалта, түмэл үлэһиттэрэ, общественность, оскуола үрдүкү кылааһын үөрэнээччилэрэ кыттыыны ыллылар.

Педсовет-конференция «Төлөннөөх сүрэҕим тэбэр тэтимэ, тохтор тойуга» оскуола иһинэн үлэлиир театральнай студия оҕолорун литературнай дьүһүйүүлэринэн саҕаланна (салайааччы, саха тылын учуутала Вера Федорова)
«Булгуруйбат модун санаалаах Киһи, Учуутал, Поэт И.Р. Петров», «Поэзия кутаатын күөдьүппүт хоһоонноро», «Хойут да бу Кэбээйибэр хоһоон айар буолуоҕум, ыллыы-туойа туруоҕум» иһитиннэриилэри саха тылын учууталлара, ыытыллыбыт үлэлэри тэрилтэ үлэһиттэрэ билиһиннэрдилэр.
«Учуутал-поэт өлбөт-сүппэт строкалара» — И.Р. Петров хоһооннорун уустаан-ураннаан ааҕыы (видеоролик) педсовет-конференция кыттыылаахтарын болҕомтотун тарта. Резолюцияҕа «Булгуруйбат модун санаалаах Киһи, Учуутал, Поэт И.Р. Петров» кинигэ тахсыытыгар матырыйаал бэлэмнииргэ эппиэтинэстээхтэр ананнылар, И.Р. Петров 110 сааһын көрсө чинчийэр үлэлэр тиэмэлэрэ чопчуланнылар.
Конференция поэт ырыа буолбут хоһооннорун, Кэбээйи гимнин толоруунан түмүктэннэ.

 

Азалия Аргунова, Н.Х. Дьяконов аатынан Тыайа орто оскуолатын дириэктэрэ.