Сииттэбит нэһилиэгэр хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи хото иитэр дьиэ кэргэттэри киһи олус убаастыы көрөр кэмэ. Ол курдук, нэһилиэкпит эрэ олохтоохторун үрүҥ аһынан дэлэччи, тото — хана аһатар эрэ буолбакка, улууспут киинин, Сангаар бөһүөлэгин тиийэ хааччыйалларын истэн, биһиги киэн туттабыт. «Сайдыс» лааҕыр иитиллээччилэрэ үһүс күммүтүн тыа хаһаайыстыбатын өрө тутар, нэһилиэкпит туруу үлэһит дьиэ кэргэттэригэр күүлэйдээн, харахпытынан көрөн, илиибитинэн тутан — хабан, олус астынан, дуоһуйан тарҕастыбыт. Элбэх оҕону иитэр, иллээх — эйэлээх, көхтөөх Марианна, Иван Захаровтар дьиэ кэргэттэригэр күүтүүлээх күндү ыалдьыттар буоллубут.
Ыал ийэтэ Марианна Захарова үөрэн-көтөн көрүстэ. Бириэмэннэн күннээҕи үлэтин аттарар буолан, экскурсиябытын уһаппакка-тэниппэккэ саҕалаабытынан бардыбыт. Бастатан туран хаһаайка оҕуруотун көрдөрдө. Улахан дьиэ кэргэн буоланнар үүнээйи араас көрүҥүн барытын олордор эбиттэр. Оҕуруоттарыгар баклажаннар, дынялар, патисоннар, клубникалар, дьэдьэннэр дэлэйдик үүнэн тураллара көрөргө наһаа астык. Бэл диэтэр, биир теплица барыта минньигэс арбузтар сеткаҕа ыйанан туралларын көрөн, оҕолор астына — дуоһуйа амсайбыттарын туһунан кэпсээн чуопчаараллар. Оҕуруоттарын таһынан индюктар, кууруссалар икки араас боруодалар баалларын туһунан былдьаһа — тараһа, кырачаан кыыстара Надя билиһиннэрэр. Перепелкаларын эмиэ көрдөрдүлэр. Кууруссалар, перепелкалар сымыыттарын нэһилиэккэ атыылаан эбии дохуот киллэринэллэр эбит. Сэттэ индюктарын, 14 перепелкаларын инкубаторга бэйэлэрэ биэбэйдээн таһаартаабыттар. Эбиитин көтөрдөрүн олохтоохторго атыылаан, нэһилиэкпитигэр эмиэ саҥа сонун сүүрээн киирбит диэн астына иһиттибит.
Маны таһынан Захаровтар 15 ыанар ынахтаахтарын, 14 ньирэйдээхтэрин, ол иһигэр игирэ ньирэйдэр быйыл саас төрөөбүттэрин туһунан хаһаайка кэпсээбитигэр, оҕолорбут олус сонурҕуу истэн, сүүрэн тиийэн игирэ ньирэйдэри көрдөөбүтүнэн бардылар. Бу улахан хаһаайыстыбаҕа американскай боруода икки сибиинньэлээхтэрин оҕолорбут от үргээн аһаттылар — сиэттилэр.
Марианна, Иван Захаровтар көмүс чыычаахтара, доруобай дьон буола улааталларыгар, нэһилиэктэрин дьонугар — сэргэтигэр анаан, тигээйилэри туталлар. Пасекаларыгар баран, 70 киилэ натуральнай мүөт сүүрдүбүттэрин дьиэ хаьаайката үөрэ- көтө билиһиннэрдэ. Күүлэйдии тиийбит оҕолору минньигэс мүөттэринэн күндүлээтилэр.
Дьиэ таһыгар үлэ күөстүү оргуйа турар, дьиэ салҕанан бүппүт, улахан веранда тутуута эмиэ үмүруйэн эрэр, маны барытын көрөн киһи сүргэтэ көтөҕүллэр. Эдэр ыаллар ыарахантан толлубакка, ханан үүт-хайаҕас баарынан барытын боруобалаан, оҥороллоро табыллар, сатанар эбит диэн бүгүҥҥү күнү сыаналаатыбыт, сөхтүбүт, киэн тутуннубут. Эдэр дьон билсэн — көрсөн, Марианналаах, Ивантан холобур ылыахтарын сөп эбит.
Дьэ бу кэнниттэн салгыы, үйэлэрин тухары сүөһү иитэр ыарахан үлэни, эттэринэн — хааннарынан билбит, сүөһүнү — аһы күн бүгүнүгэр дылы таҥара оҥостубут Мотрена, Семен Васильевтарга ыалдьыттыы бардыбыт. Биир өрөбүлэ суох хотон үлэтиттэн сылайдым, ыарыйдым диэн ытамматах, үлэһит, хаһаайка киэҥэ, бастыҥа Мотрена Лазаревна уһаайбатыгар күннээҕи үлэтин үмүрутэ сылдьарыгар тиийдибит.
Оҕолорбут ып-ыраас, төп-төкүнүк ньирэйдэри көрөннөр бары сырсан хааллылар. Саас эрдэ төрөөбүт ньирэйдэр уже икки саастаах борооннор саҕа буолбуттар. Мотрена Лазаревна күүлэтин иннэ киһи эрэ сөҕөр, араас өҥнөөх сибэккилэринэн симэммитэ үчүгэйиин! Хаһаайка сарсыарда саҥа күнүн дьиэттэн таҕыста да кэрэ сибэккилэрэ уруйдуу көрсөллөр. Мотрена Лазаревна оҕуруотун көрдөрөн саҕалаата, киһи көрөн сөҕөр малинатын плантацията, хаамар сир суох гына хойуутук үүммүт. Хартыынаҕа көстөр курдук хойуутук буспут кып — кыһыл малиналар ыйанан туралларыттан оҕолор тото — хана амсайдылар. Малина ойуурун курдук буолбут диэн олус сөхтүлэр. Аны туран помидор теплицатыгар киирдибит, дьэ киһи хараҕынан көрөн итэҕэйбэт элбэх помидора хомуйбутун үрдүнэн тобус — толору ыйанан аҕай тураллар. Дьэ, бу буоллаҕа сатабыллаах хаһаайка, илиитин сылааһын иҥэрэн, көмүс сиэннэрин аһатар — сиэтэр кылгас сайыммыт бэлэҕэ. Мотрена кыыһынаан Марианналыын барыта 29 ынаҕы ыаннар, 150 кг үүтү күн аайы бэрийэ олороллоро сөхтөрөр, этэргэ дөбөҥ диэн саныыбын. Куораттан, Сангаартан көмүс сиэннэрэ кэлэн сайыҥҥы өттүгэр күүс — көмө буолаллар диэн үөрүүтүн үллэстэр эйэҕэс эбэлэрэ.
Инники эмиэ билиһиннэрэн турабын Мотрена эмтээх оту хомуйарын туһунан. Дьарыктаммыта 20 сыл буолбут буолуохтаах. Кини сатабыллаахтык, лоп курдук туттан отторун хатарарын, бэрээдэктээн ыйыырын бүгүн оҕолорго көрдөрдө. Оҕолор дьэ болҕойон көрдүлэр — иһиттилэр. Ис сүрэхтэн бүгүҥҥү күммут эмиэ олус туһалаахтык ааспытыгар махтанан, үтүөнү баҕаран тарҕастыбыт.
Бу күннэргэ тэҥҥэ сылдьыбыт ыччат оҕолорбут хаһан эрэ улаатан, үлэһит үтүө дьон буолан олорон, хайаан да санаан — ахтан ааһыахтара диэн эрэнэбит. Бу үс күҥҥэ ыалдьыттаабыт нэһилиэкпит убаастанар дьиэ кэргэттэргитин, аймахтаргытын, табаарыстаргытын, чугас дьоҥҥутун көрөн — истэн биир дойдулаахтаргыт, аймахтаргыт, чугас дьоннут олус астыммыт, үөрбүт, киэн туттубут буолуохтааххыт диэн эрэнэбит.
Марианна Сивцева.
Сииттэ сиэдэрэй тиэргэннээх ыаллара
https://дабаан.рф/siitte-siederej-tiergenneeh-yallara/
Сииттэ оҕолоро биир дойдулаахтарын олохторун-дьаһахтарын билсэллэр
https://дабаан.рф/siitte-o5oloro-biir-dojdulaahtaryn-olohtorun-dahahtaryn-bilseller/