Биир дойдулаахпыт, саха норуодунай суруйааччыта Николай Алексеевич Лугинов төрөөбүтэ 75 сылын көрсө, Тыайаҕа хас биир тэрилтэ туспа былаан оҥостон үгүс үлэ тэрилиннэ. Киэн туттар суруйааччыбыт үтүмэн түбүгүттэн быыс булан, төрөөбүт дойдутугар ахсынньы 5-6 күннэригэр анаан ыалдьыттаата. Николай Алексеевиһы кытары кыыһа Екатерина Николаевна, поэт, прозаик, суруналыыс, литературнай критик, АФ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, саха норуодунай суруйааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Семен Андреевич Попов-Сэмэн Тумат кэлбиттэрэ, көрсүһүү ис эйгэтин өссө хаҥатта, тупсарда. Кэлбит күннэригэр саҥа тэриллэ турар түмэл буолуохтаах дьиэбитигэр сырыттылар.
Бу кэмҥэ түмэлгэ «Алаас» эбээ түмсүүтүттэн Федора Спиридоновна Ефимова Мария Михайловнаны кытта көмүлүөккэ өбүгэ ньыматынан үтэһэлээх лэппиэскэ буһарарга үөрэтэ сылдьыбыттара. Онон үлэ үгэнигэр түбэһэн, бэрт наҕыллык, истиҥник алтыстыбыт, инники былааммытын билиһиннэрдибит, элбэх сүбэлэрин, алгыстарын иһиттибит.
Сарсыарда нэһилиэкпит ытык дьонугар анаан тутулла турар искибиэрбитин уонна быйыл саҥа арыллыбыт холкуос устуоруйатын аһаҕас түмэлин көрөн бэркэ сэргээтилэр. Салгыы Н.Х. Дьяконов аатынан Тыайа орто оскуолатыгар «Суруйааччылыын көрсүһүү» тэрээһини саха тылын уонна литературатын учуутала Вера Васильевна Федорова дьарыгын оҕолоро «Төрөөбүт дойдуга махтал» дьүһүйүүнэн саҕалаатылар.
Варвара Никифоровна Гуляева бу сыл суруйааччыга аналлаах туох үлэ барбытын билиһиннэрдэ, салгыы суруйааччыбыт айымньыларын чинчийиигэ салайан үлэлэппит үөрэнээччитэ Алина Николаева «Чыркымай», Саргылана Афанасьевна Старостина үөрэнээччитэ Корякина Дайаана «Кустук» айымньыларыгар тугу арыйбыттарын билиһиннэрдилэр. Ыалдьыттар оҕолор ыйытыыларыгар хоруйдаатылар, төрөөбүт тыл туһунан санааларын, сүбэлэрин тиэртилэр. Онтон «Түмсүү» сынньалаҥ киинэ “Кэнчээри» уһуйаан үлэһиттэрин, аҕа түмсүүнү кытары «Нуоралдьыма чараҥар» айымньынан мюзикл-кэнсиэр туруорбуттарын көрөөччүлэр бэркэ сэҥээрдилэр, хайҕаатылар.
Аан дойду таһымнаах суруйааччыбыт Николай Алексеевич Лугинов, төрөөбүт дойдутугар кэлэн, ыраас салгынынан дуоһуйа тыынан, үөлээннээхтэрин кытта «Ааспыт кэм ахтылҕана» остуол тула астына кэпсэтэн, кыыһа Екатерина Николаевна аймах-билэ дьоннорунаан билсэн, алгыс баһа сыаланан бардылар.
Екатерина Архипова.