Төрөөбүт айылҕабыт чөл туруктаах буоларын туһугар

Естественно-научнай хайысхалаах кылаас оҕолоро олохтоох дьаһалта баһылыга Андрей Николаевич Кобяковы кытта көрсөн «Живая вода» бырайыак сайдыытын программатын туһунан кэпсэттибит. Бырайыагы научнай салайааччыбыт, биир дойдулаахпыт, «Эйгэ» республикатааҕы экологическай киин салайааччыта Валентина Иннокентьевна Дмитриева сайыҥҥы экспедициялар түмүктэринэн оҥордо.

Үс хайысханан араас өрүттээх, дириҥ ис хоһоонноох үлэ былааннаммыт:

1. Тэрээһин уонна үөрэтэр чинчийэр үлэлэр – оскуолаҕа уу харыстабылын агенствотын (водное агенство) тэрийии, экспедициялары былааннааһын, грантовай программаларга кыттыы.

2. Күөллэргэ, үрэхтэргэ тэрээһиннэр – уу таһымын уонна туругун сыл устата кэтээн көрүү, Эбэлэри ыраастааһын үлэтин былааннааһын, ойбоннору ыраастык тутуу, балыктарын арааһын уонна саппааһын чинчийии.

3. Күөллэр, үрэхтэр тулаларыгар үлэ торума – ааттарын суолларын билиһиннэрии, ууну харыстыыр зоналары быһаарыы, түөлбэлэринэн рейдэлэри тэрийии, сүөһү сылгы мэччирэҥин туругун үөрэтии, бөҕү быраҕыыны хонтуруоллааһын, ыраастаныыга субуотунньуктары, акциялары тэрийии, нэһилиэккэ уонна биирдиилээн дьиэҕэ ууну ыраастыыр ньымалары билсиһии, туһаныы. Бу торуму үөрэтэн нэһилиэккэ комитет тэриллэрэ былааннанар.

Андрей Николаевич программа бырайыагын болҕойон истэн баран нэһилиэкпит бу хайысханан үлэтин билиһиннэрдэ: «Нэһилиэк экологическай туруга бары олохтоохтору долгутара биллэр. Онтон эһиги, оскуола оҕолоро, бу үлэҕэ кыттаргыт хайҕаллаах суол.  Билигин дьиэ таһыгар бөҕү уматыы бобуллан, олохтоохтор тугу барытын сыбаалкаҕа тиэйэллэр. Бөһүөлэк сыбаалкатын күһүн аайы бэрээдэктээн, көҥүллэммэтин үрдүнэн манаан туран уматабыт, сирин тэҥниибит. Бөҕү аччатар, наардаан хомуйар биир уустук проблема. Оскуолаттан саҕалаан наардааһыны (сортировканы) тэрийэн көрүөххүтүн сөп, санааҕытын түһэрбэккэ, дьону көҕүлээн, өйдөтөн, ыарахаттартан чаҕыйбакка үлэлээтэххитинэ табыллыан сөп. Республикаҕа оскуола оҕолоро араас интэриэһинэй проектарын сэргиибин – пластиктан тротуар плитката, собону хатаран бороһуок миин, эт кэнсиэрбэлэрэ о.д.а. Манна Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө Кыайыы болуоссатын тупсарыыга куонкурус биллэрээри сылдьабыт.

Уу боппуруоһугар ааспыт сайын Гидросфера ХЭТ (ООО) тэрилтэ сир аннынааҕы уу саппааһын састаабын уонна төһө баарын чинчийиини саҕалаабыта. ОДьХ «Ыраас уу» программатынан элбэх квартиралаах да, табыллар буоллаҕына, биирдиилээн ыалга  эмиэ Хатыҥ Атахтан ууну киллэриигэ бырайыак баар. 2025-2027 сылларга бу үлэлэр түмүктэрэ биллиэҕэ.

Ханнык баҕар үлэни саҕалыырга күүстээх баҕа санаа,дьулуур, толлубат буолуу, тус санаанан салайтарыы баара наада. Мин оҕо эрдэхпиттэн сайын аайы ньирэй көрүүтүттэн саҕалаан оскуола лааҕырыгар окко үлэлиир этим.   Билиҥҥэттэн дьоҥҥутугар үчүгэйдик көмөлөһүҥ, үлэлииргэ үөрэниҥ, саҕалаабыт дьыалаҕытын тиһэҕэр тиэрдэргэ кыһаллыҥ, алын кылаас оҕолорун эмиэ үөрэтиэххитин наада. Нэһилиэкпит сайдарын туһугар  идеяҕытын билиһиннэрэр буолуҥ. Бу бырайыагы үөрэтэн салгыы үлэ былаан оҥостон үлэлиэхпит .

Ууну харыстыыр агенство бастакы хардыытын – олохтоох дьаһалтаҕа программаны тиэрдэн, сүбэлэһэн саҕалаатыбыт.

Таня Кобякова, Аня Иванова, 10 кылаас, “Нуклеус” пост, Кэбээйи

Хаартыскаларга – кэпсэтии түгэннэрэ.