Кылгас хараҥа күннэр бүтэн, халлаан кутуйах хаамыытынан уһаан биһи дойдубутугар үөрүлээх түгэн үүннэ. Ыраах саҕахтан кылбааран күммүт толорү өҥөйөн дьон сэргэ сүргэтин көтөхтө.
Ону тэҥэ Сэбээн Күөл 9-с нүөмэрдээх таба ыстаадата спутниковай антенна туруоран, вайфай холбоон, МУП»Себян»дириэктэрдэригэр Людмила Васильевна Бурцеваҕа ватсаабынан аан маҥнай эҕэрдэ, махтал тылларын суруйан тириэртилэр. Дьэ, бу буолар. Дьон туһугар кыһаллыы, үлэннэн бэйэни көрдөрүү диэн. Хайҕаллаах дьыала. Мантан ыла табаһыт олоҕо куйаар ситимин кытта ыкса холбонноҕо. Табаһыттар күн тахсыбытыныы харахтара аһылыннаҕа.
Өссө төгүл бары табаһыттар ааттарыттан махталбытын тириэрдиэхпитин баҕарабыт!
Олохтоох табаһыттар.