Бу сыл тохсунну 14 күнүттэн СВО-ҕа баҕа өттүнэн көмөлөһөр сыаллаах иистэнэр түмсүү Куокуй нэһилиэгэр утумнаахтык үлэлиир. Бары үлэлээх-хамнастаах, хаһаайыстыбалаах ийэлэр, эбээлэр күннээҕи түбүктэрин быыһыгар хайдах бириэмэлэрэ табылларынан кулуупка кэлэн көмөлөһөллөр.
Матырыйаалларынан Дьокуускай куораттан «Илии сылааһа» (сал. Саввина И.Е.) иистэнэр сыах хааччыйар, туох тигиллиэхтээҕин кинилэр чопчу этэллэр. Онон түмсүү иистэнньэҥнэрэ кыһыҥҥы куртка, нательнай көстүүм, флисовай толстовка, тактическай ырбаахы, футболка, куллуку, бэргэһэ, снуд, балаклава, дождевик тиктилэр.
Түмсүүбүт тэриллиэҕиттэн Кэбээйитээҕи «Надёжный тыл» (сал.Терехова К.А.) иистэнэр сыах кыргыттарын кытта ыкса сибээстэһэбит. Yhүc көрсүһүү саас Куокуйга буолла. Байыастарга сайыҥҥы таҥастары тигэргэ уонна дождевиктары быһарга Лугинова В.Е., Левина Е.Ф., Максимова Ф.В маастар-кылаас ыыттылар. Салайааччы Терехова К.А. сүбэтин-аматын олохтоох кыргыттар сэҥээрэ иһиттилэр, иискэ сыһыаннаах санаа атастаһыы, аһаҕас кэпсэтии истиҥник ааспыта.
Дьокуускайга баран, Яковлева А.И. уонна Еремеева Т.У. «Илии сылааһа» сыахха сырыттылар. Сыах иистэнньэҥнэрэ Татьяна Кривошапкина, Айталина Рожина, Кэбээйиттэн төрүттээх Антонина Сметанина — уонча буоланнар эйэҕэстик көрсөн, сыахтарын билиһиннэрэн, иистэрин көрдөрөн, туохха сыыһа-халты тахсарын ыйан-көрдөрөн, сүбэлээн-амалаан үөрэппиттэр. Таҥаска замогу тигэргэ, профессиональнай массыынаҕа иистэнэргэ кыргыттарбыт дьоҕурдарын сайыннаран кэлтэрэ.
Дьокуускайтан «Илии сылааһа» олбох тигиигэ таба тыһын кырадаһыннарын биэрэн ыыппыта. Онон сааскы ыйдарга иис үлэтэ тохтообокко куускэ салҕанна. Азарова И.А., Ноговицына Р.А., Игнатьева Р.П., Павлова Г.П., Павлова А.П., Гуляева В.Е. уонна да атыттар илиилэрин араарбакка, 22 олбоҕу тиктилэр.
Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар ыччаттарбыт санааларын бөҕөргөтөр, кинилэр куттарын-сүрдэрин
харыстыырга-араҥаччылырга диэн Ноговицына Р.А. үөрэ отун биэрэн, Николаева П. И., Николаева В.Е. харыйа лабаатын хомуйан, ыраастаан, хатаран бэлэмнээһиҥҥэ ылсыбыттара. Николаева В.Е. уопсайа түөрт уон харысхал мөһөөччүктэрин тигэн, байыастарга анаан баҕа санаа суруктаан, ыраастанар от, туос уган туттарбыта.
Онтон Куокуй орто оскуолатын эбии үөрэхтээһин «Туосчаан» куруһуогун оҕолоро (сал. Игнатьева О.И) уонна 2 кылаас үөрэнээччилэрэ (сал.Яковлева А.И.). отут устуука «Биэс харах» харысхалы тиксэрбиттэрэ.
Ити курдук, үтүө санаа салҕанар. Ыччаттарбыт дойдуларыгар этэҥҥэ эргиллэн кэллиннэр!
Ираида Софронеева, Куокуй