Сырдык санаа кыымынан…

Хас биирдии норуот бэйэтин өйүн-санаатын, сырдык иэйиитин, хомолтотун этэр, кини саргылаах дьылҕатын туhугар туруулаhан охсуhар тирэх оҥостубут, тумус туттубут дьонноох буолар.

Сэтинньи ый уон биирис күнүгэр Сиэгэн-Күөлгэ Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан литературнай бириэмийэ лауреата, Саха сирин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Василий Лебедев аатынан республикатааҕы бириэмийэ лауреата, Кэбээйи улууһун бочуоттаах олохтооҕо, тыыл бэтэрээнэ, саха-эбээн литературатын сайдыытыгар туохха да кэмнэммэт сүдү кылааты уһансыбыт, киллэрбит -суруйааччы, тылбаасчыт, суруналыыс  Дмитрий Васильевич Кривошапкин 95 өрөгөйдөөх сааһын бэлиэтээн литературнай биэчэр ыытылынна.

Дмитрий Кривошапкин 1929 сыллаахха сэтинньи 6 күнүгэр алта оҕолоох көс олохтоох табаһыт УльянаВасилий Кривошапкиннар дьиэ кэргэнигэр маҥнайгы оҕонон күн сирин көрбүтэ. Аҕалара Василий олохтон эрдэ туораан, кырачаан Дима уон сааһыттан  дьиэ ис-тас үлэтин толорон,  кырачаан балтын, бырааттарын бүөбэйдээн ийэтин тутаах көмөлөһөөччүтэ буолбута. Кини 1938 сыллаахха оскуола боруогун атыллаабыта. Ол эрэн, Аҕа дойду саамай кырыктаах сэриитэ саҕаламмытыгар, үөрэххэ олус баҕалаах  уол ситэ үөрэммэтэҕэ, уон икки сааһыттан кыайыыны уһансан  таба иитиитигэр төрөппүттэрин кытары үлэлээбитэ. Уон алта саастаах Дмитрий дьаамсыгынан үлэлээн, табанан, улахан дьону кытта почта, таһаҕас таһара, тутуу араас үлэлэригэр күргүөмнээхтик кыттыбыта.

Дмитрий Васильевич айылҕаттан барыга бары дьоҕурдаах этэ. Ол курдук тустан, мас тардыһан тэҥнээҕин булбата, биир кэмҥэ Василий Румянцевтыын бииргэ үөрэммиттэрэ элбэҕи этэр. Кини–булчут бэрдэ этэ. Кини — Сэбээн–Күөлгэ бастакы дьиэлэри туппут мас ууһа. Кини — аан бастаан дойдутугар  Ильич уотун холбообут машинист. Кини — бастакы суоппар, төрөөбүт түөлбэтин аһынан-үөлүнэн хааччыйбыт ахан киһи.  Кини сыанаттан түспэт артыыс.

Киһи талаанын хааһакка кыайан укпаккын дииллэринии, Дмитрий Васильевич маҥнайгы хоһоонун  50-с сылларга суруйбута. Хоһоон «Уямкан» диэн хайа бараанын (чубуку) туһунан этэ. Бу хоһоонугар Мария Гоголева (Колесова) мелодия суруйан, ол ырыа буолан күн бүгүҥҥэ диэри ылланан, сыанаттан түспэт. Ити кыра хоһоонтон кынаттанан Дмитрий Васильевич кыралаан суруйар идэлэнэн, аны саха бэйээттэрин хоһооннорун тылбаастыыр умсулҕаныгар түспүтэ. Манна даҕатан эттэххэ, кини сахалыы олус үчүгэйдик саҥарара, ону сааһыран олорон маннык ахтара:Мин саха тылын олус сөбүлүүбүн, астынабын. Ити тапталбын миэхэ иҥэрбит дьоннорунан ааҕабын, оскуолаҕа үөрэппит учууталларбын. Бу сыралаах, айар үлэм түмүгэ, мин учууталларым өҥөлөрө”.

1963 сыллаахха Дмирий Васильевич Кривошапкин аҕыйах ахсааннаах Хотугу норуоттар бастакы семинардарыгар ыҥырыллыбыта. Семинарга мустубут дьон саха норуотун биир чаҕылхай бэйээтэ С.Р.Кулачиков-Эллэй “Буурҕа, буулдьа дьылларыгар” поэматын Дмитрий Васильевич эбээннии тылбаастаабытын үрдүктүк сыаналаабыттара. Биллэн турар, бу үрдүк трибунаттан этиллибит сыанабыл Дмитрий Васильевичка айар талаана сайдарыгар  олук буолан, саха норуодунай бэйээтэ Сэмэн Данилов  3 томнаах хоһоонун эбээннии саҥардыбыта киһини сөхтөрөр. Бу сыралаах үлэтигэр, тылбаасчыт улуу бэйээт хоһоонун истиилин кэспэккэ, сахалыы хоһоон бары куорматын тутуһан, олус кыһанан, хас биирдии тылын сыыска түһэрбэккэ  суруйбутун дьиҥ илиинэн (рукописнай) суруйуулара туоһулууллар. Дьэ, бу буолар саха тылын үүтүн-сүөгэйин билээһин, сүгүрүйүү! Дмитрий Кривошапкин  поэтическай хоһооннорунан эрэ муҥурдаммакка, аны ити кэмҥэ Күннүк Уурастыырап “Тойон Дьаҕарыма бухатыыр” олоҥхотун тылбаастыыр.

Дмитрий Васильевич Кривошапкин саамай ытыгылыыр, сүгүрүйэр саха суруйааччыларыттан биирдэстэрэ- Платон Алексеевич Ойуунускай буолар. Эдэр сааһыттан төһөлөөх улуу Ойуунускай хоһооннорун тылбаастаан, аахпыта, ыллаабыта буолуой?! Кини Платон Ойуунускай «КыҺыл Ойуун» драматын эбээнни тылбаастаан бэчээккэ таһаартарбыта.

Ол эрээри, тылбаасчыт буолуу сүдү талаана Дмитрий Васильевич Кривошапкин аһыллыбыта – Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун тылбаастааһыныгар. Ойуунускай бу 30 олоҥхоттон талыллан суруллубут 36 тыһыынча строкалаах олоҥхото араас омук тылынан тылбаастаммыта. 1992 сыллаахха Дмитрий Васильевич Кривошапкин 10-тан тахса  сыл устата утуйар уутун умнан, сүрэҕин сылааһынан угуттаан сүдү олоҥхотун аан бастаан эбээннии тылынан саҥардыбыта. Тута, ааҕааччы дьүүлүгэр  үс тома бэчээттэнэн тахсан, олоҥхону сэҥээрэр, таптыыр ааҕааччы биһирэбилин ылыаҕын ылбыта. Дьэ, манна Дмитрий Васильевич айар тыл илбиһин, суруйааччы этинэн-хаанынан билбитэ, саха-эбээн тылын ураты кырааскатын бу үлэтигэр көрдөрбүтэ. Кини эбээннии саҥарпыт олоҥхото сыанаҕа туруоруллуон  наһаа баҕарара: «Сүдү айымньынан икки омук доҕордоһуута, култуурата, литературата өссө дьүөрэлэһиэн тускулаабытым”- диэбитэ.Захар Степанов, Кэбээйиттэн төрүттээх, бастакы үөрэхтээх композитора олоҥхону Дмитрий Васильевич эбээннии тус бэйэтин толоруутунистэн баран: “Олоҥхону эбээннии тылынан ааҕан толорбутун истэн баран төбөбөр музыка оонньоото, эриэккэс да музыкальнай норуот эбиккит -диэбитэ. Ол аата, аатырбыт композитор, олоҥхо тыла ханнык да тылынан суруллуннаҕына музыкальнаһын сүтэрбэтин,өссө уратытык иһиллэрин бэлиэтээбитэ.  Варвара Аркук “Дмитрий Васильевич эбээн тыла уустугун дакаастаата” диэн эппитэ олус оруннаах.

Эбээн талааннаах суруйааччыта, тылбаасчыта, суруналыыһа Дмитрий Васильевич Кривошапкин  өрөгөйдөөх күнэ бу дьоро киэһэҕэ  ырыанан доҕуһуоланна, хоһоонунан хоһуйулунна. Ытык киһибит баҕа санаатын толорор биһиги тулхадыйбат иэспит, инникитин —өһүллүбэт сорукпут. Биэчэрбит бастакы чааһыгар норуот мындыр өйүн, ийэ тыл сүөгэйин-сүмэтин иҥэриммит сүдү айымньытын — “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону быһа тардыыны Сиэгэн-Күөл оскуолатын үөрэнээччилэрэ эбээннии толорон көрөөччү биһирэбилин ылыаҕын ылла.

Биэчэр Кэбээйи эрэ улууһугар буолбакка, бүтүн  Саха Өрөспүүбүлүкэтин аатырдыбыт, аан дойду араас муннугар тиийэ киэн тутта истэр Д.В. Кривошапкин ырыа буолбут хоһоонноруттан биир саамай чаҕылхайдара “ҺЭЭДЬЭ”диэн ырыатынан түмүктэннэ.

Бугуҥҥү үтүө киэһэҕэ Дмитрий Васильвич Кривошапкины кытта ыкса үлэлэспит, аар киһибитин үйэдитэн видеоҕа устан, кинини саҥардан, олоҥхолотон норуоттар историческай култуураларын  памятнига оҥорон Саха сирин  музейын архивын көмүс фондатыгар хаалларбыт, учууталбытыгар, Кэбээйи улууһугар аан маҥнайгынан саха норуотун култууратын үөрэҕин киллэрбит, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Зоя Никитична Бессоноваҕа мустубут дьон махтанан, сүһүөхтэригэр туран, киниэхэ  сүгүрүйэн, ытыс тыаһынан доҕуһуоллаатылар.

Маны таһынан, бу үтүөкэн киэһэни тэрийэн ыыппыт оскуола коллективыгар бэйэтин махталын эттэ Дмитрий Васильевич быраата, сиэн уола СӨ үөрэҕириитин, физическэй култуура уонна спорт туйгуннара, СӨ боксаҕа бэтэрээнэ, Кировскай нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо Степан Кривошапкин.

Бу тэрээһин оскуола иһинэн киэҥник сырдатылынна. Нэдиэлэ устата араас хабааннаах үлэлэр ыытылыннылар: ол курдук, уруһуй, бэйэ оҥоһугун куонкурстара, Д.В. Кривошапкин архивнай рукопиһын, кинигэлэрин быыстапкалара, суруйааччы тылбаастарын ааҕыыга күрэх, «Хуркэн омолго» кыра, орто саастаах уол оҕолорго хотугу оонньууларга күөн көрсүүлэр уо.д.а.  Маны барытын биир сапка тиһэн, иилээн-саҕалаан ыытта эдэр, кэскиллээх учуутал, эбээн тылын, култууратын  тарҕатааччы Кристина Геннадьевна Данилова. Талааннаах киһи барытыгар талааннах буоларын Кристина Геннадьевна бу биэчэригэр чаҕылхайдык көрдөрдө: сонун ырыа ылланна, кырачааннар  үҥкүүлээн тэйдилэр, эбээннии тылынан оҕолор хоһоон ааҕан бар дьонноругар бэлэхтээтилэр.Кэнсиэри ылбаҕай чуор куоластарынан киэргэттилэр “Чаҕылыс” оҕо образцовай ансаамбылын ырыаһыттара (салайааччы СӨ үөрэҕиритин туйгуна А.И. Бессонова). Биэчэр биир ураты көстүүтүнэн оскуола учууталларын толоруутугар «Эйээнэ упэву» ырыа буолла.

Ханнык баҕарар улахан тэрээһин «көстүбэт» көмөтө-күүһэ суох ыытыллыбат. Бу биэчэр тэрээһинигэр сүүрбүт-көппүт, кыттыбыт эдэр учууталларбытыгар: Э.И. Гоголеваҕа, В.П. Петроваҕа, В.А. Четвертаковаҕа, М.В. Петроваҕа, А.С. Жирковка, А.А. Алексеевка, Сиэгэн-Күөл сынньалаҥ дьиэтин дириэктэригэр А.А. Иванова тус көмөлөрүгэр махталбыт муҥура суох! Маны этэр буоллахтара өбүгэлэрбит: «Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ!».

Сырдык санаа кыымнара

Сардаҥаны саҕаллар.

Аартык айан суоллара

Угуйан ыраах ыҥыраллар.

Сырдык санаа күлүмүнэн

Олоххо барыта айыллар,

Киһи өйүн күүһүнэн

Айылҕа кистэлэ арыллар.

Сырдык санаа саһарҕата

Арылыйан аһылыннын,

Олоххо туох барыта

Үчүгэйинэн эрэ саҕаланан,

Саҥа үүнэр сарсыҥҥыбыт

Күлүмүрдүү сыдьаайдын!

-диэн ытык киһи,суруйааччы, тыбаасчыт, суруналыыс Дмитрий Васильевич Кривошапкин — эбээн норуотун эркээйилээх суолугар  саха-эбээн норуотун тулахыдыйбат доҕордоһуутугар сүдү кылааты киллэрэн, кэнчээри ыччатыгар кэс тылын уус-уран тыл сүмэтинэн анаабытын кэриэстээн, бары бииргэ буолуҥ, сайдыыга тардыһыҥ, үөрэхтээх дьон буолан норуоккут туһугар үлэлээҥ! Сүдү киһибит үгүс сыллар усталарыгар туох баар айар дьоҕурун, өйүн-санаатын, сыратын-сылбатын биэрбит эбээнин норуотун тылын, култууратын илдьэ сылдьыҥ, сүтэрэн-симэлитэн кэбиһимэҥ!

 Прасковья Макарова, Сиэгэн-Күөл орто оскуолатын учуутала.