СӨ бэрэсидьиэнин N 1373 Ыйааҕынан 2016 сыл атырдьах ыйын 17 күнүгэр Сылгыһыт күнэ олохтоммута.
Сылгыһыт – ыарахан уонна эппиэттээх үлэ. Киһи эрэ барыта сылгыһыт буолан төрөөбөт, сылгыһыт уустук идэтин талбат.
Сииттэ нэьилиэгэр саханы саха дэтэр төрүт үгэһинэн сылгы иитиитигэр, нэһилиэккэ тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар бэйэлэрин сэмэй кылааттарын киллэрсэ сылдьар убайдыы- бырааттыы Степан, Михаил Обутовтар буолаллар. Степан Степанович сылгы иитиитинэн дьарыктаммыта ыраатта. Бастаан сылгы иитэр хаһаайыстыба тэринээри Горнай улууһуттан 5 убаһаны атыылаһан аҕалбыта, ол убаһалары кыра оҕо курдук көрөн бүөбэйдээн иитэн, билигин хайы -үйэ төрөөн -ууһаан, тэнийэн, бүтүн үөр сылгы буоллулар.
Сылгыны көрүү мээнэ от биэрэн аһатыы эрэ буолбат, кыһыҥҥы чысхаан тымныыга киллэрэн далга хаайан аһатан, сиэмэ сиэтэн көроөҕүн. Сылгы олус кэбирэх буолар, хаарын, мууһун кэтээн ыраастыы сылдьыбатаххына сылгы дьүдэйэр, охтор. Аны иһин үөннэрэ элбээтэҕинэ эмиэ сылгы охтор, онон Степан бэйэтэ бэтэринээр идэлээх буолан саас, күһүн көрө сылдьан үөннэрин эмтээн, укуоллаан профилактическай үлэ ыытар. Саас сылгы төрүөҕэ саҕаланнаҕына көрүүтэ-истиитэ элбиир. Онон хаайан, кэтээн төрөппөтөххүнэ эдэр биэлэр моһуогуруохтарын да сөп, түүн, күнүс бэйдиэ сылдьар ыттар да кутталаахтар. «Айылҕа оҕото» диэн баран мээнэ сиргэ көрүүтэ-истиитэ суох ыыппаккын. Итинник барыта үлэттэн, көрүүттэн сылгы — сылгы буолар», — диэн санаатын үллэстэр. Степан 2023 сыл түмүгүнэн нэһилиэгэр «Сыл төһүү үлэһитэ» номинация хаһаайына буолбута. Ити курдук быраатынаан Михаиллыын сылгы ииттэн, хаһаайыстыбаларын хаҥаталлар.
Михаил Обутов эдэр сааһыттан сылгыны кытта алтыһан улааппыта, күн бүгүнүгэр дылы сылгы куттаах буолан бар дьонугар күүс-көмө буола сылдьар. Кыһыҥҥы чысхаан тыалы, томороон тымныыны аахсыбакка нэһилиэгин дьонун сылгыларын киллэрэн-таһааран бар -дьон махталын ылар. Михаил сылгылар ханна ханан сылдьан хаьан аьыыр сирдэрин эндэппэккэ билэр. Кини сылгы майгытын, дьүһүнүн үөрэтэн, кэтээн көрөр, билэр. Нэһилиэк сылгытын үксүн сылгылаан киллэрэн хаһаайыттарыгар тиксэрэр. Сорохторго быалаан, тутан дьиэлэригэр илдьэр. Кинини тоҕо эрэ сылгылар билэр курдуктар, саҥатын иһиттилэр да чорос гына түһэллэр. Тыйыс айылҕалаах
Сахабыт сиригэр сылгыһыттар күннэринэн сылгыһыт бырааттарбар уонна бары сылгыһыттарга эҕэрдэбин тиэрдэбин.
Мария Обутова, Сииттэ нэһ.