Сомоҕолоһуу күнүн көрсө

Сомоҕолоһуҥ биир түөлбэҕэ
Барыта тупсарын туһугар,
Олоххут, дьылҕаҕыт түөрэҕэ
Силистээх буолуоҕа уһугар!

Саха төрүт дьарыга — муус ылыыта. Байанай ый чэрчитинэн ыытыллар тэрээһиннэртэн биирдэстэрэ — муус ылыыта буолар. Тыа сиригэр олорор дьиэ хаһаайынын түбүгэ элбэх. Олортон саамай тыын суолталааҕа уһун кыһыны туоруур, ыраас ууну иһэр муус ылыыта буолар. Итиннэ хас биирдии эр киһи бэйэтэ сөбүлээн туттар ньымалардаах, кистэлэҥнэрдээх.

Сомоҕолоһуу күнүн көрсө сэтинньи 4 күнүгэр Мастаах бөһүөлэгин эр хоһууттара, эр бэртэрэ бары биир сомоҕо күүс буолан муус ылыытын субуотунньугар тэринэн таҕыстылар. СВО-ҕа сылдьар биир дойдулаахтарбыт дьиэ кэргэттэригэр муус ылан тиэйэн аҕаллылар. Бу курдук нэһилиэкпит иһигэр ыытыллар араас үлэлэргэ көхтөөхтүк кытталлар. Нэһилиэкпит инники сайдыытыгар, үүнэн -сайдан тупсарын туһугар бэйэлэрин кылааттарын хас биирдии киһи киллэрэр. Үлэҕэ көхтөөх буолуу, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыы хаһан баҕарар үчүгэй түмүктээх буолар. Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ.

Сардана Жакипова, Мастаах бөһ.