Сииттэлэр үтүө көмөлөрө

Сииттэбит нэһилиэгэр инники билиһиннэрэн турабыт, эдэркээн ыччат уолаттарбыт, быстах байыаннай дьайыыга, дойдуларын чиэһин үтүө суобастаахтык көмүскүү сылдьалларын туһунан. Бу күннэргэ Елена, Афанасий Новгородовтар дьиэ кэргэттэригэр, бииргэ төрөөбүттэрэ, биир дойдулаахтара, аймахтара күүс — көмө, өйөбүл — тирэх буолан саҥа терраса тутарга үлэлэһэн эрэллэр.

Новгородовтар соҕотох уоллара Д. быстах байыаннай дьайыыга үһүс сылын сылдьар. Ыал аҕата Афанасий — иккис группалаах инбэлиит. Ыал ийэтэ Елена пенсияҕа, сиэн көрөн олорор. Ханнык да ыарахан түгэҥҥэ Сииттэлэр амарах, үтүө санаалаах дьоннорунан биллэллэр. Кинилэр көмөлөрүнэн элбэх хамсааһыннар тахсыбыттара, тахса да тураллара хас биирдии киһиэхэ үтүө холобур буоларынан киэн туттабыт.

Олохтоох дьаһалта баһылыга Семен Тимофеев, Афанасий, Елена Новгродовтары сирэй көрсөн, туох көмө наадатын, тутуу материаллара тиийэрин тиийбэтин, барытын билистэ, токкоолосто. Семен Тимофеевич аймахтарын кытта эргэ террасаны көрүөх бэтэрээ өттүгэр көтүрэн ыраастаан кэбистилэр.

 

Афанасий бииргэ үөрэммит табаарыһа Василий Спиридонович Сивцев 20 устуука хаптаһыны босхо, көмөм диэн илдьэн биэрдэ. Онон Новгородовтар үөрүүлэрэ, махталлара улахан.

Бу күннэргэ саҥа террасаны тутар субботник үлэтэ күөстүү оргуйарын туһунан хаһаайыттар үөрэ — көтө үөрүүлэрин үллэстэллэр.

Марианна Сивцева