Сииттэлэр СВО-ҕа анал түмсүү тэрийдилэр

Сииттэ сынньалаҥ дьиэтин үлэһиттэрэ Марианна Сивцева, Евдокия Охлопкова уонна Агафья Захарова көҕүлээһиннэринэн «Илиибит сылааһын иҥэрэн» диэн быстах анал эпэрээссийэҕэ сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар, араас хайысхаҕа барытыгар көмө оҥорор анал түмсүү тэриллибитин туһунан сонуммутугар тиһэбит.

Түмсүүбүт номнуо үлэтин саҕалаата, ол курдук, Дьокуускай куоракка анал пууҥҥа тиийэн, маастар кылааска үөрэнэн маскировочнай сеткалары, блиндажнай чүмэчилэри уонна наступленияҕа киирэллэригэр кэтэр анал повязкалары, тигэргэ быраабылатын тутуһан бэлэмнииргэ үөрэннибит. Аныгы олох ирдэбилинэн патриотическай тыыҥҥа иитэр сыалтан, сэттис кылааска үөрэнэр оҕобун Ньургун Сивцевы илдьэ сылдьан туох үлэлэр анал пууҥҥа баралларын барытын көрдөрдүм, кэпсээтим.

Анал көмөбүтүн блиндажнай чүмэчилэртэн уонна повязкалары тигииттэн саҕалаатыбыт. Материалларбытын куораттан атыыластыбыт, барытын тиэйэн аҕаллыбыт. Онон олохтоохторбутуттан кэлэн көмөлөһөллөрүгэр көрдөстүбүт.

Билиҥҥи туругунан 200 устуука блиндажнай чүмэчилэр уонна 200 анал повязка тигиитэ ыытылла турар. Нэһилиэк олохтоох баһылыгын солбуйааччыта Петр Степанов маскировочнай сеткалары толору быраабылатынан оҥорорго, удобнай буоллун диэн анал станок бэлэмнии сылдьар. Инники суруйбутум курдук Сииттэбит дьоно — сэргэтэ, ханнык баҕар ыарахан кэмнэргэ олус түмсүүлээхтэрин өрүү бэлиэтиибин уонна бар дьоммор үтүө, амарах, аһыныгас дууһаларыгар махталым муҥура суох. Бу да сырыыга көмөҕө бастакыннан кэлэн Ольга Попова, Марфа Александрова, Надежда Ермолаева, Наталья Гуляева, Татьяна Сивцева, Вера Кривошапкина нэһилиэкпит көхтөөх эбэлэрэ, эдэр ыччаттарга холобур эрэ буолаллар диэн киэн тутта суруйабын.

Олохтоох култуура киинэ икки сыл тухары улахан хабааннаах, түмсүүлээх үлэни быстах анал операция саҕаланыаҕыттан салайан, дьаһайан, тэрийэн ыыта олоробутунан киэн туттабыт. 2023 сылга барыта аһыттан — таҥаһыгар дылы 300 тыһыынча сууммалаах араас хайысхалаах көмөлөр анал пууҥҥа тиэрдиллэннэр, биир дойдулаахтарбытыттан махтал тылларын элбэхтик тутабыт. Бу кыра бөһүөлэк сылы быһа сүдү көмөлөрүнэн киэн туттуохтарын тутталлар.

Сииттэ нэһилиэгиттэн алта эр хоһуун уолаттарбыт, үтүө суобастаахтык дойдуларын чиэһин көмүскүү сылдьалларынан киэн туттабыт. Оҕолорбут чугас дьонноругар, аймахтарыгар, кинилэри суохтаппакка дьиэ ис — тас өттүгэр, төһө кыахпыт баарынан барытыгар улахан көмөлөрү, болҕомтолору уурабыт уонна оҥоробут. Олохтоох дьаһалта баһылыга Семен Тимофеев быстах анал эпэрээссийэҕэ сылдьар оҕолорбут чугас дьоннорун сирэй көрсөн, кинилэр туох кыһалҕалаахтарын иһиттэ даҕаны тутатына улуустары, анал тэрилтэлэри кытта быһаарсарыттан тустаах дьонноро ис сүрэхтэн үөрэллэр уонна махтаналлар. Инникитин өссө улахан, киэҥ үлэлэр былааннаналлар.

Барыта этэҥҥэ буолан оҕолорбут төрөөбүт дойдуларыгар түргэнник эргиллэн күҥҥэ көрбүт көмүс чыычаахтарын, тапталлаах кэргэттэрин, ийэлэрин , чугас дьоннорун кытта хаһан да арахсыбакка дьоллоохтук олоруохтара диэн эрэнэбит, долгуйа күүтэбит.

Марианна Сивцева

Читайте дальше