Бу күннэргэ Дьокуускай куоракка РСФСР үөрэҕириитин туйгуна Егор Иннокентьевич Черкашин бирииһигэр көҥүл тустууга аһаҕас республиканскай турнир ыытылынна. Барыта республикабыт араас улуустарыттан 200-чэ эдэр бөҕөстөр күөн көрүстүлэр.
Сииттэ нэһилиэгин В.Е. Колмогоров аатынан оскуола уорэнээччилэрэ Вадим Алексеев, Степа Иванов уонна Демид Расулов кыттыыны ыллылар. Биһиги оҕолорбут бэйэлэрин ыйааһыннарыгар кыахтара баарынан кииристилэр.
55 киилэ ыйааһыҥҥа Демид Расулов (3 кылаас үөрэнээччитэ) бочуоттаах III миэстэни ылла, грамотаннан, харчыннан биһирэннэ. Уолаттарбытыгар бу республиканскай таһымнаах улахан түһүлгэҕэ кыттыыны ылбыттарынан эҕэрдэлиибит.
Тренердэригэр, үүнэн иһэр ыччаттары эт-хаан өттүнэн эрчийэ, дьарыктыы сылдьарыгар Рустам Расуловка махталбытын тиэрдэбит. Инникитин да ситиһиилэр кэлэ турдуннар диэн алгыспытын аныыбыт.
Мария Обутова,
Сииттэ нэһ.