Сииттэбит сайдыытыгар бары бииргэ!

Сииттэбит сиэдэрэй сирэ силигилии сайдарыгар, бары биир киһи курдук сомҕолоһон, үлэлии — хамсыы сылдьарбытынан, биһиги сииттэлэр киэн туттабыт. Инники суруйан турабыт, тапталлаах бөһүөлэкпит төрүттэммитэ 95 өрөгөйдөөх үбүлүөйүн, ону тэҥэ сурукка-бичиккэ киирбитэ 375 сылыгар анаан, улахан тэрээһиннээх үлэлэр былааннаахтык бардылар, билигин да салҕанан бара туралларын туһунан, кылгас кэрчик сонуннарбын, биир дойдулаахтарбар үтүө сонуммун үллэстээри суруйдум.

2023 сыл — Сииттэ нэһилиэгэр «Сомоҕолоһуу» сылынан биллэриллибитэ. Тапталлаах дойдубут сайдан, тупсан, киэркэйэн иһэригэр анаан, саҥа саҕахтар, сонун сүүрээннэр киирэллэрин, нэһилиэкпит олохтоохторо астына бэлиэтииллэр. Бу үлэлэри олохтоох дьаһалта баһылыга Семен Тимофеев уонна кини эрэллээх хамаандатын үлэтин түмүктэрэ буоларын бэлиэтиир тоҕоостоох. Эдэр киһи эдэрдии, эрчимнээхтик үлэтин ылсан тиһэҕэр тиэрдэригэр эрэлбит улахан. Бөһүөлэкпит инникитин, аныгы олоҕу кытта ыкса тэтимнээхтик, сайдыы суолунан, тэҥҥэ устарын туһугар, инники өттүгэр киэҥ былааннардаах, сонун көстүүлэрдээх. Төрөөбүт дойдубут үбүлүөйдээх сылыгар ситиһиибит улахан. Ол курдук, икки РФ проегар кыайыылаах тахсаммыт, олохтоохторбут чөл олоҕу өрө туталларын үрдүктүк бэлиэтээн, уулуссаҕа турар сэттэ, барыта аныгылыы оҥоһуулаах, бөҕө-таҕа тренажердар кэккэлэччи туртара киһи көрөн сүргэтэ көтөҕүллэр. Бөһүөлэкпитигэр, доруобуйаларынан хааччахтаах дьоммут, ол иһигэр оҕолор, барыта 28 киһи балыыһа испиэһэгэр турар. Убаастабыллаах дьоммутугар анаан, болҕомто уурар баҕаттан, тустаах услуобуйаны тэрийээри, проекка кыттыыны ылан, кыайыыны ситиһэн, анал хос үөрүүлээх арыллыыта буолан ааспыта. Проект суруйуутугар күүс — көмө буолбут, улууспут сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын, сана сүүрээннэри килэрсэн, ситиһиилээхтик үлэлии олорор биир дойдулаахпытыгар Анисия Дмитриевнаҕа махтал тыл бастыҥын, үтүө санаа үтүмэнин ыытабыт. Улууспут баһылыга Иван Левин кыттыыны ылан, аалай кыһыл лентаны быһан, истиҥ эҕэрдэтин тиэрдэн, үөрүүбутун үллэстибитигэр олохтоохтор ааттарыттан улахан махталбытын тиэрдэбит.

Аныгы олох сокуоннарын ирдэбиллэригэр сөп түбэһиннэрэн, уулуссаҕа сэрэтии знактара турдулар. Уулуссалар ааттарын ыйар знактары эмиэ толору турдулар. Саас, күһүн, олохтоох дьаһалта тустаах тэрилтэлэри кытта дуогабардаһан сэлээркэннэн, бензининэн толору хааччылла олорорбут үтүө дьыала. Тыа дьонугар, оттуур — мастыыр хаһаайыстыбаларга бу улахан көмө буолара саарбаҕа суох. Быйыл сааскы халаан уута хас да олорор дьиэлэргэ, тэлгэһэлэргэ киллэрэн, ыксаллаах быһыы — майгы үөскүү сылдьыбыта, маны барытын бириэмэтигэр, тустаах дөкүмүөннэри бэлэмнээн, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ, кыра да буоллар, көмө харчы анал счеттарыгар түспүтэ. Уу аҕалбыт маһын-отун, бөҕүн-сыыһын ыраастааһын субботниктара, түөлбэннэн тыырыллан оҥоһуллар буолан, үлэ күүстээхтик, таһаарылаахтык ааһарын бэлиэтиибин. Маны барытын тиһэҕэр дылы дьаһайсар, биир бастыҥ көхтөөх дьоммутунан ааттыыбын, түөлбэ салайааччыларын Егор Винокуровы, Дария Сергееваны, Анастасия Иванованы, Агафья Дьяконованы.

Үбүлүөйдээх ыһыахпыт үрдүк таһымҥа ааспытын, сылдьыбыт дьон үрдүктүк бэлиэтээбиттэрэ. Нэһилиэкпит ыһыаҕын, үрдүк таһымҥа бэлиэтииргэ, ис сүрэҕиттэн көмөлөспүт, ыйан — кэрдэн, сүбэлээн — амалаан, республикаҕа биллэр — көстөр, бастыҥ алгысчыт, Сииттэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Саха Республикатын култууратын туйгуна Михаил Винокуровка бар дьоно, махтал тыл бастыҥын туһулаабыттара буолар. Республикаҕа, улууска биллэр — көстөр үтүө дьоннорбут, ыҥырыылаах, мааны ыалдьыт буолан, Сииттэбит сиэдэрэй сиригэр астына — дуоһуйа сынньанан барбыттарынан киэн туттабыт, астына саныыбыт.

Тыа сиригэр олорорбут быһыытынан, тыа хаһаайыстыбата ханнык баҕар салаалартан саамай ыарахан боппуруос буоларын бары бэрткэ өйдүүбүт. Нэһилиэкпитигэр тыа хаһаайыстыба өттүгэр, олохтоох дьаһалта улахан болҕомто уурар, араас хайысханы тобулар. Ол курдук, саас аайы сэтинньигэ, ахсынньыга дылы сиир уотурбаны, эбиэһи буор — босхо тиэттэрэн аҕалан, дьиэбит таһыгар сүөкээн биэрэллэрэ бэртээхэй суол. Маны таһынан, сыл аайы сүүстэн тахса ийэ кууруссалары, олохтоохтор сакаастарынан, куораттан аҕалан, тиэйиитин буор — босхо оҥорон, түҥэтэн биэрэллэр. Олохтоохторбут күн бүгүнүгэр дылы бэйэ бородууксуйатынан, сибиэһэй сымыытынан аһыы — сии олороллоро саныырга, көрөргө да астык.

Билиҥҥи туругунан Сииттэбит нэһилиэгиттэн, алта оҕобут, быстах эпирээссийэҕэ ыҥырыллан бартара номнуо сылтан орто. Сииттэ нэһилиэгэ СВО-ҕа бары биир киһи курдук турунан туран үлэлиибит — хамсыыбыт. Хаххалыыр сеткаҕа тиийэ, продукта, таҥас, кус, собо ону кытта үтүлүк, кээнчэ тигэн көмөбүт улахан. Барыта бу сылга 200 тахса сууммалаах көмө, ол иһигэр 89 тыһыынча уу харчыннан ассамблеяҕа угулунна. Саамай улахан болҕомто дьиэ кэргэттэригэр ууруллар. Тыа дьоно барахсаттар көрөр — истэр, күүс — көмө буолар, баар суох оҕолоро быстах эпирээссийэҕэ барбыттарын суохтаппакка, биир дойдулаахтара, барытыгар күүс — көмө, өйөбүл буолалларыгар үөрэн туран, махтал тыл тиэрдэллэрэ үгүс. Нэһилиэкпит олохтоохторо дьиэҕэ олорон хаалбакка, ыытыллар бары тэрээһиннэргэ, мунньахтарга, субботниктарга, үүнэн иһэр ыччаттарбытыгар холобур буолар үтүө санаалаах дьонунан билэллэр. Улуус да үрдүнэн сииттэлэр былыр — былыргыттан үлэни өрө туппут, холобурга сылдьар биир бастыҥ дьонунан биллэллэрэ, ол утумун билигин да олохтоохтор салҕыыллара өтө көстөр. Хас биирдии сиргэ, хороҕор муостааҕы дэлэтэр, үрүҥ илгэни үрүйэлии сүүрдэр хаһаайыстыбалар бааллара хайаан да наадалаах, сүрүн хайысха буоларын бэлиэтиэхпин баҕарабын. Мотрена, Семен Васильевтар сааһыра бардыбыт диэбэккэлэр, олорон хаалбаккалар, сарсыардааҥҥы үлэлэрэ хотонтон саҕаланарын бары бэрткэ билэбит. Кинилэр туйахтарын хатарар, эдэр ыаллар, Васильевтар төрөппүт кыыстара уонна күтүөттэрэ Марианна, Иван Захаровтары үөрэ — көтө ааттыахха сөп. Элбэх сүөһүнү -аһы тутан олорор, холобурга сылдьар бастыҥ, үтүө дьоммутунан буолаллар.

Бүгүн ахтан ааһыахпын баҕарабын улуус депутатынан талыллан үлэлии сылдьар Софья Николаева туһунан. Софья Николаева улуус таһымыгар туруорсар дириҥ боппуруостара барыта туоларыгар дьулуһар. Кини сылга иккитэ, биир дойдулаахтарын күннээҕи кыһалҕаларын быһаарсаары, истээри, көмөлөһөөрү, биирдиилээн, көрсүһүү тэрийэрэ наадалаах суол. Сииттэбит нэһилиэгэ силигилии сайдарын, кэрэ көстүүлэнэрин туһугар, төһө кыалларынан, кырада буоллар, болҕомто уураннар, үчүгэйкээн, саҥа, сонун оҥоһуктары, олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччыта Петр Степанов, уус хараҕынан кыҥаан, көмүс тарбахтарынан, тутан — хабан оҥорбута көрөргө — истэргэ кэрэтиэн, астыгын.

Ити курдук, Сииттэм кылгас сонуннарын суруйан дьоммор — сэргэбэр таһаара олоруом диэн эрэннэрэбин. Нэһилиэгим дьоно — сэргэтэ, атын нэһилиэктэр курдук үлэни үөрэҕи өрө тутан, кыаммакка — кырдьаҕаска күүс — көмө буолан, үүнэн иһэр ыччаттарбытыгар үтүө холобур буолан, сүөһүнү — аһы дэлэтэ иитэн, айылҕа хайдах биэрбитинэн оттоон — мастаан, олохпут этэҥҥэ, уу нуурал устарыгар, бука бары сэмээр, сахалыы сэмэйдик
эбэлэрбититтэн көрдөстөхпүт, ааттастахпыт буоллун.

Марианна Сивцева