Сииттэбит нэһилиэгин олохтоохторо кэлэн иһэр Саҥа дьылы көрсө «Үтүө санаа харыйата» акцияҕа бары биир киһи курдук олус көхтөөхтүк кыттаннар, барыта 70 бэртээхэй бэлэхтэри анал дьааһыкка бары үтүөнү баҕаран туран уктулар. Бэлэхтэри нэһилиэкпит доруобуйаларынан хааччахтаах, быстах анал эпэрээссийэҕэ сылдьар биир дойдулаахтарбыт оҕолоругар, племянниктарыгар уонна элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэрбитигэр, Саҥа дьыл дьоро күнэ чугаһаабытынан эҕэрдэлээн туран, бастыҥ бэлэх быһыытынан ыалынан сылдьан түҥэттибит.
Бастакы бэлэхтэри Эһээ дьыл уонна сиэн кыыс илиититтэн туттулар, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорбут
Валера Севастьянов, Дьяконов Сайан, Дьяконова Карина, Данилов Дамир, Данилова Кристина, Гуляева Луиза уонна Левин Айысхан. Маны тэҥэ быстах байыаннай дьайыыга дойдуларын чиэһин үтүө суобастаахтык көмүскүү сылдьар биир дойдулаахтарбыт төрөппүт оҕолоругар уонна племянниктарыгар, барыта 19 бэлэх чугас дьонноругар, оҕолоругар туттарылынна.
Үтүө санаа акцията саҕаланыаҕыттан элбэх оҕолордоох улахан дьиэ кэргэттэрбитин өрүү буоларын курдук хаһан да умнубаппыт, матарбаппыт. Быйыл даҕаны нэһилиэкпит элбэх оҕолоох 20 ыалыгар бэлэхпитин утары ууннубут. Маны таһынан аҕам саастаах, доруобуйаларынан хааччахтаах дьоммутугар анаан, «Көмүлүөк» маҕаһыынтан олохтоох дьаһалта баһылыга Семен Тимофеев эмтээх от наборун, саҥа сылы доруобай көрсөллөрүн, үүнэр сылга доруобуйалара өссө тупсарын туһугар, баҕа санаа бастыҥын, үтүҥ санаа үтүмэнин анаан туран, бу күннэргэ ыалларынан сылдьан туҥэтиэхтээхтэр. Олохтоох дьаһалтабыт бэлэхтэрин, доруобуйаларынан хааччахтаах дьоммутугр — сэргэбитигэр Наина Соловьеваҕа, Павел Поротовка, Андрей Тимофеевка уонна Иван Александровка саҥа сылынан эҕэрдэ эриэккэһин анаан туран, бары үтүөнү — кэрэни баҕаран туран бэлэхпитин туттардыбыт.
Кырдьык даҕаны, нэһилиэкпит үтүө санаалаах бар дьоно, акцияҕа биир киһи курдук кыттыһан, сыл аайы бэртээхэй бэлэхтэри угар буолбуттара, номнуо бэһис сыла буола охсубута түргэниттэн киһи эрэ сөҕөр. Акцияны сүрүннээн саҕалаабыттара култуура үлэһиттэрэ, Республикабыт үрдүнэн ыытыллар үтүө акцияҕа кыттыһан. Бэҕэһээ түҥэппит бэлэхтэрбитин, нэһилиэк социальнай харысхалын үлэһитэ, Елена Марковнаны кытта ааҕан — суоттаан, биир да ыал, оҕо маппатын туһугар тыырыллан, Иван Сивцев суоппардаах, Эһээ Дьыл сиэн кыыһынаан, бырааһынньыктааҕы настроенияны оҕолорбутугар иҥэрээри, кинилэри үөрдээри — көтүтээри анаммытын, ватсап хаартыскаларыгар дойдубут дьоно көрө — истэ, билэ олороллор. Этэҥҥэ быр — бааччы олорон, сылга биирдэ кэлэн ааһар кэтэһиилээх күндү бырааһынньыкпыт, үтүөнү эрэ түстүүрүн, кэрэни эрэ кэрэһэлиирин бары олус долгуйа күүтэбит. Сыл аайы үгэс курдук култуура үлэһиттэрэ, кырачааннарбытыгар анаан бэһиэлэй утренниктары, үөрүүнү — көтүүнү бэлэхтээн, эбиитин барыларын илии тутуурдаах, өттүк харалаах, астына — дуоһуйа оонньотон ыытабыт. Төрөппүттэр, оҕолор махтал тылларыттан киһи сүргэтэ көтөҕүллэр, санаата саппаҕырар. Өссө төгүл бука барыгытын саҥа сылынан, саҥа дьолунан эҕэрдэлиибит, барыта этэҥҥэ буоллун, дьоллоох, доруобай буолуҥ!
Марианна Сивцева.