Сииттэ нэһилиэгэр хаһыс да сылларын волонтер оҕолор үлэлээн — хамсаан кэллилэр. Оҕолорбут төрөөбүт дойдулара ыраас, чэчирии сайдарыгар бэйэлэрин сэмэй кылааттарын үөрэ — көтө толороллоро хайҕаллаах суол.
Ол курдук, быйылгы сылга сэттэ оҕо бэйэлэрин баҕаларынан үлэҕэ киирдилэр. Оҕолорбут икки нэдиэлэ үлэлиэхтээхтэр. Бастатан туран волонтер оҕолорбут олохтоох дьаһалта баһылыгын Семен Тимофеевы уонна солбуйааччытын Петр Степановы кытта анаан көрүстүлэр, үлэ хаамыытын быһаарыстылар.
Оҕолор хамнастара кыра да буоллар олохтоох дьаһалта төлүүргэ быһаарыыны ыллылар. Сайыҥҥы кэмҥэ оҕо дьарыктаах буолара хайаан да наадалаах суол. Инникитин олохтоох дьаһалта уонна култуура үлэһиттэрин анал проектарынан оҕолорго пришкольнай участок үлэлэтэн, кыаммат кырдьаҕас дьоммутугар, элбэх оҕолоохторго оҕуруот аһын удамыр сыанаҕа атыылаан, бэйэлэригэр харчы киллэринэн эбии дохуот оҥостоллоругар былааннаан сылдьар.
Оҕолорбут уулуссалары эрэ ыраастааһынынан муҥурдаммакка, патриотическай иитиигэ эмиэ уһуйуллуохтара. Бу күннэргэ эмтээх от хомуйуутугар кыттыыны ылыахтара.
Инники олохторугар бу барыта туһалаах буолара саарбаҕа суох. Махтаныа этибит Салим Расуловка, Айсен Кондратьевка, Адам Аргуновка, Оля Винокуроваҕа, Оля Тимофееваҕа, Милена Алексееваҕа уонна Надя Ивановаҕа. Инникитин да үүнэр ыччаттарбыт, кэлэр кэскиллэрбит төрөөбүт Сииттэлэрин аатын кэскиллээхтик ааттатыахтара диэн эрэнэбит.
Марианна Сивцева.