Сииттэҕэ Учуутал уонна аҕа сүбэһит сылыгар анаан тэрээһин ыытылынна

Кэбээйи улууһун бастакы анал үөрэхтээх учуутала — РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, улууспут өрөгөйүн ырыатын автора, поэт Иван Романович Петров буолар. Кини Сталинскай Гулаг хаайыылааҕа, ураты уустук дьылҕалаах улахан киһи, тыыннааҕар улаханнык сээн дэммэккэ, сыаналаммакка, бу олохтон туораабыта. Ол эрээри кини төрдө — ууһа, кини силиһэ, төлкөтө төрөөбүт Кэбээйитигэр түһэн, кини үтүө аата үйэлэр тухары Кэбээйитин патриотун быһыытынан биллэн аата ааттана турдаҕа.

Нэһилиэкпитигэр Иван Петровка аналлаах нэдиэлэ тэриллэн ыытылынна. Бу улахан тэрээһиҥҥэ сүрүн үлэни салайан ыытта «Ситим» кыраайы үөрэтэр куруһуок салайааччыта, Сииттэ орто оскуолатын учуутала Анна Лазаревна Сивцева. Үөрэнээччилэргэ аналлаах кылаас чаастара, ырыа уруогар Иван Петров сөбүлээн ыллыыр, ону тэҥэ суруйбут ырыаларын дириҥник билиһиннэрии, айымньыларын ааҕыы, хоһоон айыытын, дорҕоонноохтук ааҕыы күрэхтэрэ буолан аастылар. Түмүктүүр биэчэргэ бары олохтоох тэрилтэлэр көхтөөх кыттыыны ыланнар, Иван Романович Петров туһунан элбэҕи биллилэр — көрдүлэр.

Ол курдук, тэрээһиммит сүрүн чааһын Иван Романович Петров очурдаах олоҕун, айымньылаах үлэтин туһунан бар дьонугар анаан дакылааты аахта олохтоох дьаһалта баһылыга Семен Тимофеев. Семен Тимофеев Учуутал уонна аҕа сүбэһит сылын түмүктүүр, бастыҥ үлэлээх учууталларга анал наҕараадалары уонна бэлиэлэри туттартаата. Саамай кырачаан кыттааччыларынан буоллулар «Чуораанчык» детсад иитиллээччилэрэ (сал. Галина Гуляева) хоһоон ааҕан чуопчаардылар. Саха сирин киэн иэнигэр эмис собо балыгынан аатырбыт Ньидьили эбэ хотуну Кэбээйилэр киэн тутта ахтабыт. Иван Романович былыр — былыргаттан суон сураҕыран аакка киирбит эбэбит туһунан олус үчүгэй хоһооннору 1962 уонна 1968 сыллардаахха «Ньидьилигэ» диэн ааттаан айбыта. Бу ырыаҕа Сииттэбит орто оскуолатын алын сүһүөх кылаастара муҥха үҥкүүтүн олус боччумнаахтык, улахан дьон курдук тэбис- тэҥник хамсанан толордулар (сал. Сардана Гуляева). Иван Петров айбыт хоһоонноро өлбөт — сүппэт аналлаахтар. Кини ыччат дьонугар суруйан хаалларбыт хоһоонноруттан ааҕан иһитиннэрдилэр оскуолабыт алын сүһүөх кылаастарын үөрэнээччилэрэ. Үтүө учуутал төрөөбүт дойдутун хоһооҥҥо холбообута, ырыаҕа ыпсарбыта. Биһиги оскуолабытыгар ырыа, уруһуй, саха тылын уонна литературатын учууталынан үлэлээбит, самодеятельнай композитор, Иван Петровтуун Кэбээйи оскуолатыгар үлэлии сылдьан 1969 сыллаахха суруйбут «Ленаттан таҕыстым» хоһоонугар мелодия айбыт Серафим Гоголев буолар. Сииттэбит нэһилиэгин чиэһин араас таһымнаах фестивалларга көмүскээбит, Кэбээйи улууһун бочуоттаах олохтооҕо Борис Иннокентьевич Иванов олус истиҥник ыллаата. Иван Петров 1967 сыллаахха Кэбээйи оскуолатыгар «Кырыс» диэн литературнай куруһуогу салайбыта. Бу куруһуокка 12 оҕо дьарыктаммытыттан биһиги биир дойдулаахпыт 7 кылаас үөрэнээччитэ Анна Винокурова суруйбут «Сүрэҕэ суох» диэн хоһоонун аахта сиэн быраата, 5 — с кылаас үөрэнээччитэ Степа Винокуров (сал. Галина Данилова). Сыанаҕа дохсун ытыс тыаһынан көрүстүбүт Сииттэбит орто оскуолатын үөрэнээччилэрин толорууларыгар ис сүрэхтэн хоһуйуллубут ааптар хоһооннорун. Иван Романович айылҕаттан айдарыылаах учуутал, поэт этэ. Кини олоҕун устата Кэбээйи кэнчээри ыччаттарын олоххо сирдиир, билии — көрүү аартыгар үктэннэрбит улахан учуутал этэ. 1970 сыллаахха сиэн балтыгар, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, СР учууталларын учууталлара, Кэбээйи улууһун ытык олохтооҕо, өр сылларга улууспутугар үөрэх салаатын салайбыт Иванова Роза Андреевнаҕа анаммыт хоһоон буолар. Бу хоһооҥҥо мелодияны Павлов Серафим Филиппович айбыта уонна Кэбээйи улууһун үөрэнээччилэриттэн бастакынан бу ырыаны толорбут биһиги нэһилиэкпит олохтооҕо, СР тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна Степанов Иван Афанасьевич буолар. Бу киэһэ ити ырыаны ис сүрэҕиттэн ыллаан иһитиннэрдэ Николай Захаров. Иван Петров «Маҥнайгы ньургуһун» хоһоонун, 1982 сыллаахха Роман Степанов мелодия таһааран, күн бүгүнүгэр дылы уостан туспэт норуот таптаан ыллыыр ырыата буоларын билэбит. Бу киэһэ «Алаһа» эбээлэр кулууптара олус истиҥник ыллаатылар.

Иван Романович олоҕо умуллан баран умайбыт чүмэчи уотугар майгынныыр. Чүмэчи уота — бу киһи дууһатын сыдьаайа. Иван Петров айбыт хоһоонноро бүгүҥҥү ыччаттар сүрэхтэригэр өрүү тыыннаах. Бүгүҥҥү тэрээһини дорҕоонноох хоҕоон ааҕытынан түмүктээтилэр олохтоох дьаһалта коллектива.

Дьэ, ити курдук, Иван Петров сирдээҕи олоҕор кэрэ кэскил Кэбээйитин, үтүө үлэһит дьонун — сэргэтин, хас биирдии нэһилиэк суолтатын өйдөөн хоһоонугар холбообута ырыа буолан күн бүгүнүгэр диэри ыллана сылдьар. 1964 сыллаахха «Кэбээйи» диэн хоһоону суруйбута. Бу хоһооҥҥо Серафим Павлов мелодия айан, Кэбээйи улууһун депутаттарын сэбиэтин дьаһалынан 2011 сыллаахтан улууспут өрөгөй ырыата буолан ылланар. Иван Романович Петров аата, кэриэһэ умнуллубатын хаһан даҕаны, кини хоһооннорун, кинигэтин бар дьоно ытыктаан ааҕа, кэриэстии сырыттыннар.

Марианна Сивцева