Сииттэҕэ тыа хаһаайыстыбатыгар сэрэтии үлэтэ ыытыллар

Сииттэбит сирин олохтоохторун күөххэ үктэммит самаан сайыммыт кэлбитинэн, эбэбит этэҥҥэ ааһан эрэринэн эҕэрдэлиибит. Биллэрин курдук эбэ үрдүгэр олорор буолан сылын аайы ууттан сэрэтэр тэрээһин үлэлэрэ бараллар. Быйылгы уу, аттынааҕы Нам улууһун улаханнык ылан тыа хаһаайыстыбатыгар улахан хоромньуну таһаарбытын бары билэ- көрө олоробут.

Сииттэ нэһилиэгэ улахан ууга бара сылдьыбыт буолан, дьаһалта сыл ахсын бэлэмнэнии, сэрэтии үлэтин сүөһүлээх- сылгылаах хаһаайыстыбаларга, чааһынай ыалларга тэрээһиннээхтик ыытар. Ити ыытыллар үлэлэр тустарынан нэһилиэк тыа хаһаайыстыбатын испиэсэлииһэ Дмитрий Колмогоров кэпсээтэ:

  • Бүгүҥҥү күн туругунан хаһаайыстыбаларга үксүлэригэр сүөһү тахсар үрдэллээхтэр, нэһилиэккэ икки эвакопууннаахпыт.
    Уу кэлэр кэмигэр сүөһүлэри хайдах быһыылаах, ханна үүрэн үрдэлгэ таһаарыахха сөбүй диэн үөрэтэн көрүүгэ «Иирэ» учаастагар 7 хаһаайыстыба, «Токой» учаастагар 5 хаһаайыстыба сүөһүлэрин үүрэн таһаардыбыт. Ыксаллаах быһыыга- майгыга хайдах үлэ ыытыллыахтааҕа бу үөрэхтэн көстөрө саарбаҕа суох. Түгэнинэн туһанан үөрэтиигэ кыттыбыт нэһилиэгим дьонугар-сэргэтигэр өйдөөбүккүт-өйөөбүккүт иһин махталбын тиэрдэбин.

Ити курдук, ыксаллаах балаһыанньаҕа бары түмсүүлээх буоларбытыттан үөрэбит.
Үтүөкэн күүтүүлээх Ньукуолун күнүнэн, кыстыгы этэҥҥэ туораан, күөххэ үктэнэн, самаан сайыҥҥа үрүҥ -илгэни үрүлэтиҥ, эмис эти дэлэтиҥ, уйгу-быйаҥ буоллун!

Мария Обутова, Сииттэ нэһилиэгэ.