Сииттэҕэ СВО кыттыылааҕа төрөөбүт дойдутугар уоппускаҕа кэллэ

Сииттэ нэһилиэгиттэн быстах анал эпэрээссийэҕэ алта биир дойдулаахтарбыт, дойдуларын чиэһин хорсуннук көмүскүү сылдьаллар. Уолаттарбыт этэҥҥэ сылдьалларын туһугар анааммыт сиэр — туом толоруллара үгэскэ кубулуйда, биир дойдулаахтара биир киһи курдук турунан, оҕолорбутугар анаан, төһө кыах баарынан, араас хабааннаах көмөлөр тиһэҕин быспакка ыытылалларын туһунан элбэхтик хаһыакка суруйан турабыт.

Бу күннэргэ Сииттэбит дьонугар — сэргэтигэр, дьиэ кэргэттэригэр, аймахтарыгар улахан үөрүүлээх күн буолла. Ол курдук, эрэнэр ыччаппыт, инники кэскилбит Дмитрий Н. тапталлаах дойдутугар, ийэтигэр, аҕатыгар, бар дьонун көрсө, уоппускаҕа кэлэн сынньана сылдьар. Дима кыра эрдэҕиттэн олус сэмэй, бэйэтин үчүгэйдик кыанар уол оҕото. Саха хааннаах буолан бултуурун олус сөбүлүүр, үлэни — хамнаһы өрө туппут киһиннэн биллэр. Кини олус элбэх халыҥ аймахтардаах, табаарыстардаах, бииргэ үөрэммит оҕолордоох. Диманы баһылык Семен Тимофеев, олохтоох дьаһалта дьиэтигэр анаан ыҥыран көрүстэ. Туох кыһалҕалааҕын, туох көмө наадатын барытын ыйыталаста, ирэ — хоро кэпсэттэ. Инники суруйбутум курдук Дмитрий Н. дьиэтигэр күөх төлөн түргэнник киирэрин туһугар Семен Тимофеев күүскэ үлэлэһэн, быйыл күһүн барыта холбонон, билигин сып — сылаас дьиэҕэ олороннор, махталлара улахан.

Ыраах дойдуларын чиэһин көмүскүү сылдьар оҕолорбут, дьиэ кэргэттэригэр барытын көрө сылдьан кыра да, улахан да көмөлөр хайаан да ыытыллаллар. Нэһилиэкпит үтүө санаалаах дьонугар улахан махталбытын тиэрдэбит. Биир дойдулаахтарбытыгар, уолаттарбытыгар баҕарыа этибит этэҥҥэ сылдьан Кыайыы кынаттанан төрөөбүт дойдуларыгар түргэнник эргиллэллэрин туһугар олохтоохтор баҕа санааларын тириэртилэр, саастаах өттө алгыс тыл маанытын анаатылар.

Марианна Сивцева