Сииттэҕэ оттооһун үгэнэ

Сииттэ нэһилиэгэр от ыйын 14 күнүттэн халлаан туран биэрэн, кыстык оту бэлэмнээһиҥҥэ биир киһи курдук турунан, күнү — дьылы былдьаһан от үлэтин үгэнэ буола турарын туһунан иһитиннэрэбит.

Нэһилиэкпитигэр 300 тахса ынах сүөһүнү көрөн — истэн олоробут. Инники суруйбуппут курдук олохтоох баһылык Семён Тимофеев тыа хаһаайыстыбатын министиэрстибэтигэр тиийэн быһаарсан, сүүрэн — көтөн, кэпсэтиһэн, бу кэнники икки сылга ыарахан кыстыгы улуус салалтатын уонна Тыа хаһаайыстыбатын министиэрстибэтин өйөбүлүнэн этэҥҥэ туораан махталбыт улахан. Аҥардас уотурба, туус, күөх от босхо тиэртэриитэ элбэҕи быһаарбыта буолар.

Ол курдук, билигин да ходуһаларбыт ууга сыталлара атахтатар даҕаны ким илииннэн, ким техниканнан киирэн оттоон 150 туонна оту бэлэмнээтилэр. Барыта 850 туонна от оттонноҕуна этэҥҥэ сылбытын туоруохтаахпыт диэн олохтоох тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Мотрена Колмогорова санаатын үллэстэр. Бу эмиэ балаҕан ыйыгар олохтоох дьаһалта эбии уотурба уонна туус баржаннан аҕалтараары нэһилиэгин кытта үлэ ыыта олорор. Бу күннэргэ ким төһөнү ылара быһаарыллыа.

Ити курдук Сииттэбит нэһилиэгэр үлэ, олох салҕанар. Күммүт ардаабакка туран биэрэригэр ийэ айылҕабытыттан бары көрдөһөбүт.

Марианна Сивцева