Быйыл Сахабыт сиригэр Оҕо саас сылын чэрчитинэн араас тэрээһиннэр ыытылла тураллар.
Бүгүн нэһилиэкпитигэр култуура үлэһиттэрэ (сал. М.С. Сивцева, Е.И. Охлопкова) уонна олохтоох библиотека үлэһитэ (М.С. Обутова) күөх маай күннэрин көрсө «Оҕо саас оонньуулара» диэн бэрт сэргэх тэрээһини ыыттылар.
Ол курдук, оҕолор иллэҥ бириэмэлэрин туһалаахтык атааралларыгар, телефонтан аралдьыйалларыгар сүтэн эрэр дьиэ-кэргэн оонньууларын оонньоттулар. Оҕолор олус сэргээтилэр, үөрдүлэр. Кылаас салайааччыларыгар Е.И. Винокуроваҕа, А.Н. Дьяконоваҕа, С.Е. Гуляеваҕа күүс- көмө буолбуттарыгар махталбытын тиэрдэбит.
Маннык оонньуулары кылаас таһынан ыытыллар араас тэрээһиннэргэ, онтон оҕолор иллэҥ бириэмэлэрин туһалаахтык атааралларыгар туһаныахтара диэн эрэнэбит.
Мария Обутова.