Сииттэбит нэһилиэгэр ый аайы «Дьоллоох оҕо саас» диэн Саха республикатыгар Оҕо саас сылыгар аналлаах, сибиэһэй салгыҥҥа бэртээхэй оонньуулары, күрэхтэри тэрийэн ыытарбыт үгэскэ кубулуйда. Оҕолор телефоҥҥа күнү быһа сыппатыннар диэн сонун күрэхтэри, оонньуулары тэрийэ сатыыбыт. Маны барытын сүрүннүүр олохтоох култуура дьиэтин үлэһиттэрэ.
Бу күннэргэ оҕолор мустаннар астына батуттаан, Эдуард Левин оҥорбут сонун саахарнай баататын амсайан, минньигэс остуол тардан, кырачааннарбытын дуоһуйа сынньаттыбыт. Тэрээһиҥҥэ барыта кыралыын — улаханныын, көрөөччүлүүн 40 киһи сырыттылар, кыттыыны ыллылар.
Улахан махталбытын тиэрдэбит Сардана Обутоваҕа, Эдуард Левиҥҥа, Татьяна Максимоваҕа, Дайаана Охлопковаҕа, Саргылана Гуляеваҕа, Агафья Захароваҕа, Галина Алексееваҕа, тэрээһиммитигэр сылдьан оҕолору көҕүлээн, бириэмэтигэр тутуһан — хабыһан күүс — көмө буолбуттарыгар. Оҕолорбут барахсаттар хамсаныылаах, сүүрүүлээх — көтүүлээх оонньуларга астына — дуоһуйа сүүрэн — көтөн, элбэх энергия эбинэн, астынан, махтанан, өссө хаһан күрэх, оонньуу буоларын туоһулаһан тарҕастылар. Оҕолорбутугар үөрэхтэригэр ситиһиилэри, кытаанах доруобуйаны, үрдүктэн үрдүккэ дабайыылары эрэ баҕарабыт.
Марианна Сивцева