Сииттэбит сиригэр, сэтинньи ый 17 — 18 күннэригэр, «Зима начинается с Якутии» бэстибээл чэрчитинэн республиканскай таһымнаах «Тойон муҥха — 2023» тэрээһиммит үрдүк таһымҥа ааһан, олохтоохтор сүргэбит көтөҕүллэн, санаабыт күүһүрэн олоробут.
Муҥха саха дьонун, үйэлэртэн — үйэҕэ сүппэт үгэһэ буолар. Былыр — былыргаттан саха норуота балыгынан аһаан олорбута, ыар сылларга балык тыыннаах хаалларбытын туһунан элбэҕи истэбит, билэбит. Бу ааспыт улахан тэрээһиммитин, бэйэтин эппиэтинэһигэр толору ылан, олохтоох дьонун — сэргэтин сэргэхситээри, муҥха бырааһынньыгын бар дьонугар бэлэх уунаары, Лаабыда эбэбит көмүс хатырыктааҕыттан тиксэллэрин туһугар диэн, олохтоох нэһилиэкпит баһылыга Семен Тимофеев, экология министерствотыттан көҥүл ылан, улуус салалтатын кытта күүстээхтик үлэлэһэн, тэрээһиммит этэҥҥэ, үрдүк таһымҥа ааспыта да туоһулуур. Кырдьык даҕаны тэрээһиҥҥэ сылдьыбыт олохтоохторбут, ыалдьыттарбыт олус астыммыттарын, махтал, үтүө тылларынан тириэртилэр. Республикабыт биллэр — көстөр тутаах тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ кэлэн кыттыыны ыллылар. Ол курдук, тыа хаһаайыстыбатын министерствотыттан, предпринимательство уонна туризм сайдыытын министерствотыттан, экология министерствотыттан, НВК ханаалын үлэһиттэрэ, ону кытта аныгы олох тэтимин толору баһылаабыт блогердар интириэһиргээн, суолта ууран кэлбиттэрэ, тэрээһиммитин өссө төгүл сэргэхситтилэр уонна көҕүлээтилэр. Кэбээйи улууһун дьаһалтатын салалтата Александр Сивцев, Илья Алексеев, Анна Попова, улуус тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ Анатолий Мордовской, Петр Степанов, Марк Васильев тэрээһин көхтөөхтүк ааһарыгар, күүс — көмө, сүбэ — ама буолбуттарыгар, махталбыт муҥура суох.
Муҥхабыт бырааһынньыгар ыраахтан кэлбит бары ыалдьыттары уохтаах кымыһынан, арыылаах алаадьыннан айах тутан көрүстүбүт. «Үүнэ — сайда тур, Сииттэм сирэ барахсан!» диэн бырааһынньыктааҕы кэнсиэрпитин, бөһүөлэкпит төрүттэммитэ 95 сылыгар, сурукка — бичиккэ киирбитэ 375 сылыгар анаан ыыттыбыт. Кэбээйибит улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччыта Александр Сивцев эҕэрдэ тыл бастыҥын бар дьонугар тириэртэ. Кини Иван Левин аатыттан, итии — истиҥ эҕэрдэтин уонна бастыҥ үлэлээхтэргэ махтал суруктары туттартаата.
Далбар хотуттарбытыгар аналлаах «Балык — төрүт аспыт» диэн күрэх, балык ас арааһыттан, оригинальнай бүлүүдэлэр күрэхтэрэ олус сэргэхтик ааста. Манна барыта 22 араас бүлүүдэ быыстапкаҕа турда. Дьүүллүүр сүбэ иннигэр күрэх кыттааччылара бүлүүдэлэрин көмүскээтилэр, амсаттылар. Күрэх түмүгүнэн элбэх оҕо ийэтэ, эбэтэ Марианна Захарова кыайыылаах үрдүк аатын сүгэн 15 тыһыынча харчыннан бириэмийэлэннэ. Иккис миэстэни Сииттэ орто оскуолатын технология учуутала Александра Степанова 10 тыһыынча харчыннан бириэмийэ тутан үөрүүтэ, махтала улахан. Үһүс бочуоттаах миэстэни Сииттэ орто оскуолатын хаһаайыстыбыннай чааһын тутаах үлэһитэ, Анастасия Иванова биэс тыһыынча харчыннан бэлэх тутан махтала улахан. Маны таһынан «Саамай улахан собо» күрэххэ улуус депутата Софья Николаева биэс тыһыынча харчыннан спонсордаабытын, Сииттэбит мааны кийиитэ Татьяна Максимова астык собото тиксэн үөрүүтэ үтүмэн.
Сэтинньи 18 күнүгэр сарсыарда 7 чаастан хомунан, Лаабыда диэн улахан эбэбитигэр айаннаан тиийдибит. Өбүгэлэрбит үгэстэринэн, эбэҕэ киириэх иннинэ нэһилиэкпит алгысчыта Роман Попов сиэр — туом толоруутун саҕалаата. Кэлбит ыалдьыттар, бука бары алгыстаах алаадьыннан эбэлэрин айах тутан алы гыннылар, көрдөстүлэр, ааттастылар.
Бырааһынньыкпыт сүрүн спортивнай күрэҕэр 4 хамаанда турда. Дьэ манна буолла алта туһумэхтээх , сытыы киирсиилээх оонньуулар, күрэхтэр. Күрэх түмүгүнэн «Бэргэн» (Сииттэ — 1) — 1 миэстэни ыланнар 60 тыһыынча харчыннан наҕараадаланнылар, «Байанай» (Сииттэ — 2) — 2 миэстэни ыланнар — 30 тыһ. харчыннан бириэмийэлэннилэр, бочуоттаах 3 миэстэни Дьокуускай куораттан биологическай ресурсалар департаменын үлэһиттэрэ 18 тыһыынча харчыннан бэлэх тутаннар үөрүүлэрэ, махталлара улахан.
Олохтоохтор ааттарыттан улууспут баһылыгар Иван Левиҥҥа, улууспут салалтатыгар, республиканскай таһымнаах улахан тэрээһиммитин, норуот астынар гына тэрийэн, спонсордаан, сүрүн болҕомтону ууран, нэһилиэкпит дьаьалтатын кытта тэрээһиммитигэр тэбис — тэҥҥэ долгуйан, үрдүк үөрүүбүтүн үллэстибиккитигэр өссө төгүл дириҥ махталбытын тиэрдэбит.
Бырааһынньыкпытыгар барыта 200 киһи кыттыыны ылла. Ити курдук, Сииттэбит икки күн сэргэхсийэн, кэлбит ыалдьыттары толору астаах сандалы остуолбут тула аһатан — сиэтэн, маанылаан көрүстүбүт, атаардыбыт.
Марианна Сивцева.