«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн, Сииттэбит нэһилиэгэр, кырачааннарбытыгар анаан саҥа дьыллааҕы күөх харыйабыт күлүмүрдэс, кэтэһиилээх уотун уматыы үөрүүлээх күнэ үүннэ. Ахсынньы тоһуттар тымныытыттан толлубакка, отуттан тахса оҕо кэлэн көхтөөх кыттыыны ыллылар. Олох кырачааннарбыт массыына иһиттэн тахсыбакка олорон кытта кыттыыны ыллылар, бырааһынньык иһэр, бэлиэ тыынын, дууһаларыгар иҥэриннилэр.
Бырааһынньыктааҕы тэрээһиммит хаар үҥкүүтүнэн аһылынна. Сахабыт сирин тыйыс тымныытын, көмүс кыырпаҕынан оонньуур, көмүрүө хаарынан, ийэ сирбитин үллүктүүр, дьоммутугар — сэргэбитигэр биир бэлиэ, умнуллубат түгэннэри, бэлэх уунар бырааһынньыкпытынан буолар. Олохтоох дьаһалта баһылыга Семен Тимофеев кэлбит кэнчээри ыччаттарга, олохтоохторго анаан эйэҕэс эҕэрдэтин, баҕа санаа бастыҥын тириэртэ. Бу ааьан эрэр сылбыт үрдүк ситиһиилэрин аҕынна, ону тэҥэ, кэлэр сыл, дойдубут дьонугар, үтүөнү, үөрүүнү — көтүүнү, ону кытта эйэлээх олох түстэнэрин туһугар бары биир сомоҕо буолуоххайыҥ диэн туран, эҕэрдэ тылын түмүктээтэ.
Тэрээһиммит саамай үөрүүлээх, кэтэһиилээх кульминациятынан буолла Эһээ Дьыл сиэн кыыһынаан бар дьоннорун үөрүүлээх көрсүһүүлэрэ. Эһээ Дьыл бар дьонугар өрүү буоларын курдук эҕэрдэ эриэккэһин тириэртэ. Бар дьонун кытта хаартыскаҕа түстүлэр, үйэлэргэ умнуллубат бэлиэ түгэни бэлэх ууннулар. Кэлэр 2024 сылбыт дракон сыла буоларын туоһулаан, бар дьонун уруйдуу көрүстэ Дракон маскараата.
Манан бүппэтэ тэрээһиммит, иккис чааһын спортзалга ыыттыбыт. Дьэ, манна буолла үөрүү-көтүү, сүүрүү-көтүү, астыммыт сирэйдэр-харахтар. Оҕолорбут анал фотозона оҥоһукка, астына хаартыскаҕа түстүлэр. Бырааһынньыктааҕы минньигэс туордунан, утаҕынан оҕолорбутун, бар дьоммутун күндүлээтибит. Салҕыы бэһиэлэй оонньуулар, күрэхтэр тэрилиннилэр. Тэрээһиммит түмүгэр, минньигэс сакалааттарынан кэлбит оҕолору барыларын күндүлээтибит, үөртүбүт — көтүттүбүт.
Кырдьык да саҥа дьыл хас биирдии оҕоҕо, саамай кэтэһиилээх, хаһан да умнуллубат кэрэ кэмнэри бэлэхтиир үтүө бырааһынньык буоларын бары да өйдүүр, билэр буолуохтааххыт. Олохтоох култуура үлэһиттэрин ааттарыттан махтаныа этибит томороон тымныыттан толлубакка, үөрүүбүтүн үллэстээри, көхтөөх кыттыыны ылбыт кырачааннарбытыгар, бар дьоммутугар. Ыытар бары тэрээһиннэрбит ис сүрэхтэн тэриллэрин, хас биирдии олохтоох кэлэн, астына сынньанан, биирдэ бэриллэр олоҕор, дьиэҕэ олорон хаалбакка, бар дьонун ортотугар күлэ — үөрэ сылдьарын туһугар тэриллэрин умнуо суохтаахпыт. Баҕа санаа бастыҥын тириэрдэн туран, Аан Алахчын Айыыһыт сыла арчылаатын, алҕаатын, харыстаатын диэн туран харысхал бэлиэлэрин бэлэх уунан, умнуллубат үтүө түгэнинэн астына — дуоһуйа биэчэрбитин түмүктээтибит.
Марианна Сивцева