Сииттэҕэ бастакы хаар

Хаар, хаар, маҥан хаар… Көмүс күһүн барахсан, көмүс күнүнэн маанылаан, кылбаа маҥан хаарынан ийэ сирбитин бүрүйбүтэ көрүөхтэн кэрэтин, дууһалыын сырдыгын.

Сииттэбит барахсан сындалҕаннаах сырылас итии сайын кэнниттэн сөрүүкээбиккэ дылы буолбут. Сайаҕас, сылаас күннэргэ оҕо — аймах барыта таһырдьаны былдьаһар, хаарынан астына — дуоһуйа оонньуур кэмэ. Бу күнү мүччү туппакка оҕолорго анаан «Хаар, хаар, бастакы хаар… » диэн оригинальнай хаар киһи күрэҕин биллэрдибит.

Кыттааччылар олус сэргээн үөрэ — көтө кытыннылар. Сииттэ ватсап группатыгар таһаарбыппытын сэргээн Кэбээйиттэн, Тыайаттан, Дьокуускайтан тиийэ кыттыыны ылбыттарыгар соһуйдубут да, үөрдүбүт да. Нэһилиэкпит оҕолоругар анаан араас тэрээһиннэри ыытарбытын сөбүлүүбүт, олус көхтөөхтүк кытталларын бэлиэтиибит уонна махтанабыт. Кыайыылаахтар минньигэс бэлэхтэринэн биһирэниэхтэрэ, анал ааттары ылыахтара.

Марианна Сивцева.