Сииттэҕэ бастакы балаҕан тутулунна

Сииттэбит сирэ үтүө, үлэһит, саха мааны ыалларын аатын үрдүктүк сүгэр дьиэ кэргэттэринэн олус баай. Кини кэрэ сиригэр ситими салҕыыр, элбэх оҕону иитэн, биэбэйдээн, үөрэттэрэн, көмүс ньээкэ уйаларыттан кынаттаан көтүппүт, ыал дьоммутунан өрүү киэн туттабыт. Ыарахан үлэттэн чаҕыйбакка, үлэни өрө туппут, күн сиригэр олорон ааспыт күндү көмүс ийэлэрбит, эбэлэрбит, эдьиийдэрбит туйахтарын хатарар эдэр ыал элбэхтэр.

Россияҕа Дьиэ кэргэн сылыгар сөп түбэспит курдук, өрөгөйдөөх үбүлүөйдэрин үөрэ — көтө атаарар, нэһилиэкпит киэн туттар, ытык олохтоохторо элбэхтэр. Олор истэригэр нэһилиэккэ убаастанар, сэттэ оҕо амарах ийэтэ, эбэтэ, хос эбэтэ Марфа Александрова буолар. Кини кэргэнэ, сопхуос тутаах тырахтарыыһа, бэрт сымнаҕас, улгум майгылаах, Бүлүүттэн төрүттээх Константин Александровтыын, ыал буолан, буруо таһааран 30 тахса сыл олус дьоллоохтук, эйэлээхтик, ньир — бааччы олорбуттара.

Александровтар сэттэ оҕону төрөтөн, иитэн, киһи — хара оҥортообуттара. Билигин оҕолор бары ыал ийэлэрэ уонна аҕалара буолаллар. Аҕалара Константин Александров күн сириттэн күрэммитэ ыраатта. Марфа Ивановна сэттэ оҕолорун барыларын атахтарыгар туруортаан, күн бүгүнүгэр дылы барыларыгар күүс — көмө, тирэх буолан олорор. Кинини 22 минньигэс сиэннэр уонна үс хос сиэн күннээҕи олоҕун киэргэтэллэр. Марфа Ивановна быйыл 70 сааһын туолан, оҕолоруттан олус бэртээхэй бэлэх тутан, толору дьоллоох. Ийэ барахсан бу күҥҥэ дылы кистээн илдьэ сылдьыбыт баҕа санаата туолан, бар дьонугар үөрэ — көтө балаҕанын көрдөрөр, кэпсиир. Тапталлаах уола Прокопий Константинович Александров төрөөбүт дьиэтин тэлгэһэтигэр аныгы көстүүлээх, киһи сөҕө көрөр кыраһыабай саха балаҕанын тутан, ийэтигэр бэртээхэй, умнуллубат бэлэх оҥордо. Балаҕаҥҥа саас эрдэ тахсыаххын уонна күһүн хойукка дылы олоруоххун сөп. Саха ыала буоларын туоһулуур, билигин аныгылыы тупсаҕай тутуулаах балаҕаннаах тэлгэһэни киһи үгүстүк көрөр буолла.

Быйыл сайын «Сайдыс» лааҕыр оҕолоро Марфа Ивановнаҕа күүлэйдээн, хаһаайка алгыстаах саһарчы буспут алаадьыннан айах тутан көрсүбүтэ. Оҕолорбутугар былыр өбүгэлэрбит саха балаҕаныгар хайдах, туох олорон ааспыттарын кэпсээн, көрдөрөн, олус болҕомтолоохтук истибиттэрэ.

Марфа, Константин Александровтар оҕолоро, бары да талааннаахтар, үлэһиттэр диэтэххэ сыыспат буолуохтаахпын. Уоллара Прокопий тарбаҕар талааннааҕа көстөр, ийэтин дьиэтин аныгылыы күрүөлээн — хаһаалаан, олус тупсаҕай гына гараас тутан, дьэндэтэн кэбистэ. Кыыһа Августина баайыыны, ииһи өрө туппут, оҕуруоту, сибэккини тото-хана толору олордор сатабыллаах хаһаайка бастыҥа. Атын оҕолоро эмиэ элбэх оҕо ийэлэрэ, эбэлэрэ буолан, хаһаайыстыба улаханын тутан олорор бас — көс ыаллар буолалларын туһунан ийэ барахсан үөрүүтүн тэҥҥэ үллэстэр. Уонна сэмээр олорон, оҕолорун, сиэннэрин алҕаан ботугуруура иһиллэр: «Этэҥҥэ эрэ сырыттыннар, көмүс биэбэйдэрим!»

Өссө төгүл үбүлүөйдээх нэһилиэкпит күндү дьонун, итиитик — истиҥник эҕэрдэлиибит, дьоллоох, доруобай эрэ буолуннар диэн бары үтүөнү баҕарабыт.

Марианна Сивцева.